Кыһыны бэркэ атаардыбыт

Муус устар 20 күнүгэр Элгэс нэһилиэгэр Киһилээх хайатын анныгар сытар Чоно күөлүгэр бэрт сэргэх тэрээһин буолан ааста.

Кыһыны атаарыы – сааһы көрсүү, «Булчут кутаата», ырыа-үҥкүү түһүлгэтэ тэрилиннэ. Ыраахтан, чугастан ыалдьыт бөҕө тоҕуоруһа кэлбитэ ордук кэрэхсэбиллээх буолла.

Культурнай өттүн сынньалаҥ киин үлэһиттэрэ сүрдээх үчүгэйдик ыыттылар, бар дьоҥҥо үҥкүү да бэлэхтээтилэр, ыллаан да дуораһыттылар, ону таһынан көрдөөх оонньуулары оонньоттулар.

Дьэ уонна сурун тэрээһининэн буолла эр дьоҥҥо аналлаах – «Булчут Кутаата». Үс хамаанда күрэхтэстилэр. Олохтоох дьаһалта хамаандата – «Көҥүл Боотурдар», Элгэс Орто оскуолатын хамаандата – «Аҕыс кырыылаах уолаттар», Элгэс Орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччилэрин хамаандата — «Урааҥхайдар».

1 түһүмэххэ – Мц 21-12 биэстэ эстэр сааны ыһыы-хомуйуу: 1 миэстэ — Аҕыс кырыылаах уолаттар, 2 миэстэ — Урааҥхайдар, 3 миэстэ — Көҥүл Боотурдар.

2 түһүмэх – Ойбон алларыы: 1 миэстэ — Аҕыс кырыылаах уолаттар, 2 миэстэ — Көҥүл Боотурдар, 3 миэстэ — Урааҥхайдар.

3 түһүмэх – Отуу оттон чэй оргутуу. Манна уолаттар ойууртан мастарын мастанан, оллооннорун оҥостон 10 лиитэрэлээх солуурга чэй өрдүлэр. 1 миэстэ — Аҕыс Кырыылаахтар, 2 миэстэ — Көҥүл Боотурдар, 3 миэстэ — Урааҥхайдар.

4 түһүмэх – Эстафета. Бу түһүмэххэ күрэхтэһээччилэр тоҥуу хаарынан сүүрдүлэр, хайыһар тэптилэр, бэрэбинэ устунан сүүрдүлэр, үөһэнэн ууну туораатылар, дулҕалаатылар, томтору туораатылар, сыал ыттылар. 1 миэстэ — Аҕыс кырыылаахтар, 2 миэстэ — Көҥүл Боотурдар, 3 миэстэ — Урааҥхайдар.

5 түһүмэх – Хомуур хапсаҕай буолла. Манна көрөөччүлэр Көҥүл Боотурдар кэлтэйдии кыайыахтара дии санаабыттара хардары-таары кыайсыы буолла. Көҥүл Боотурдар Урааҥхайдары холку кыайаллар (3:0), Урааҥхайдар Аҕыс кырыылаахтары хатыһыылаах киирсиигэ кыайаллар (1:0), аны туран Аҕыс Кырыылаахтар Көҥүл Боотурдары сабырыйаллар(1:0). Онон, бу түһүмэххэ Көҥүл Боотурдар бастыыллар, Урааҥхайдар иккис буолаллар, Аҕыс Кырыылаахтар оҕолорго сирэй көрсүһүүгэ хотторбут буолан, үһүс миэстэ буоллулар.

Уопсай түмүккэ Аҕыс Кырыылаах Уолаттар бастаатылар, Көҥүл Боотурдар иккис, Урааҥхайдар үһүс буоллулар.

бастаабыттар биирдии бэйэлэрэ 1000 солк сэртипикээтинэн наҕараадаланнылар. Уопсайга кыайбыттар сыаналаах бириистэри туттулар. Бириистэри олохтоох дьаһалта туруорда.

Ол кэннэ дьэ остуолбаҕа тахсыы күрэҕэ буолла. «Баҕалаах баҕанаҕа да ыттар» диэн манна буолла. Син хас да эр бэрдэ ытта сатаата да 3 эрэ киһи таҕыста. Инньэ гынан, Элгэс Орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэ Антон Анохин, бэйэтин чахчы кыанарын көрдөрөн, икки төгүл ыттан икки бириискэ тигистэ, Егор Потапов, Алексей Мигалкин биирдии бириискэ тигистилэр.

Саамай долгутуулаах, умсугутуулаах «Тыал Айан» диэн буран көлөнөн сүүрдүү буолла. Манна Аҕыс тимир аттаах уолаттар суруттаран тыаллыы көтүттүлэр. Икки уол – ыаллыы сытар Чөрүмчэ нэһилиэгиттэн анаан-минээн күрэхтэһэ кэлбит Николай Тихонов уонна Артем Горохов. Ону кытта Элгэстэн алта уол – Степан Находкин, Алексей Мигалкин, Денис Жирков, Гаврил Сыроватский, Святослав Иванов, Евгений Стручков кыттыыны ылан илин-кэлин түһүстүлэр. Сүүрдүү түөртүү бураҥҥа арааран финалга тахсар иһин икки сүүрдээһин буолла. Үс эргиирдээх сүүрдүү буолла: 30м тоҥ хаарынан бурааннарыгар сүүрэн тиийэн сыбытах буранынан биир эргиир; иккис эргиирдэригэр сыарҕа холбоннулар; үһүс эргииргэ кууллаах хаары сыарҕаҕа уурунан сүүрдүү буолла. Финишка ол кууллаах хаардарын сүгэн 30м биэтэккэ диэри сүүрүү буолла. Бастакы финалга тахсар иһин сүүрдүүгэ Евгений Стручкову кытта Алексей Мигалкин кыайаллар, иккискэ Степан Находкины кытта Гаврил Сыроватский кыайаллар.

Финальнай сүүрдүүгэ үс буран тэбис-тэҥҥэ кэлэннэр хаардаах куулу сүгэн баран сүүрүү быһаарда. Түмүккэ биэтэккэ бастакынан киирэн Степан Находкин бастаата, иккис Евгений Стручков, үһүс Гаврил Сыроватский буоллулар. Кыайыылаах биир буочука бензин наҕараада тутта.

Күрэхтэһиилэри иилээн-саҕалаан ыыттылар олохтоох дьаһалта, сынньалаҥ киин коллектива, спортинструктордар уонна «Эркин» Аҕа сүбэтэ.

Күүс, көмө буолбут дьоммутугар барҕа махтал!

Егор Находкин