Күөххэ үктэммиппитинэн!

Бүгүн – Ньукуолун күнэ! Саха норуотугар урут-уруккуттан Ньукуолун күнэ олус ытыктанар, сүдү суолталаах, күүтүүлээх түгэн. Ньукуолун күнүгэр айылҕабыт уһуктан силигилии ситэр, күммүт сырылаччы тыгар. Бүгүн тымныы кыһыны этэҥҥэ туораан күөххэ үктэнии үөрүүтэ! Самаан сайыны көрсүү өрөгөйө!

Өбүгэлэрбит бу күн күөххэ тахсан, сири-дойдуну аһатан, Айыыһыттарыгар сүгүрүйэн туран, салама ыйаан баҕа санааларын этэллэрэ, инники олохторун түстүүллэрэ, уһун кырыа кыһын кэннэ астына-дуоһуйа айылҕалыын алтыһаллара.

Ньукуолун күн алгыстаах алаадьы астаан, сыт таһааран, сатанар буоллаҕына, сир-дойду иччитин күндүлүүр үчүгэй. Бу күн кус миинэ, собо, лэппиэскэ, саламаат, сахалыы аһылык астанар үгэс билиҥҥэ диэри баар.

Ньукуолун күнүнэн! Дьааҥы дьоно, чөл туруктаах, иллээх-эйэлээх, дьоллоох буолуоҕуҥ! Уйгу быйаҥ сайын буоллун! Алдьархай ааҥнаатын, ситиһии сиэттистин, дьол доҕордостун!

Ньукуолун күн байанайдаах буолуҥ диэн биир дойдулаахпыт Александр Стручков хоһоонун бэлэх уунар.

«Икки хааһы күөрэттим,
Үрдүктэрэ, ыттым, көтө турдулар,
Баҕар таппыт буолуум,
Көрдөөн, сыбариһин тэпсэбин.

 

Ыраах түстүн, бүтэбин,
Соҕоон ото, мэлийэбин,
Дөксө, охто сытар сылбахтан
Иҥнэн, олох булбаппын.

 

Биэрдэҕинэ сыра түһэ
Төһө эрэ үөрэбин,
Дабыдалын, кынатын
Өрө тутан сөҕөбүн.

 

Үргүөм этэ, сонно тута,
Сылааһыгар, соло була,
Эмис хоҥур күөстэнэ
Амсайарым син хаалла»