Дьааҥы сахата былыр, ол эбэтэр 80-нус сылларга куурусса этин сиэбэтэ, сымыытын эрэ сиирэ. Олох сайдан, бородууксуйа көрүҥэ элбээн билигин кэлии «окорочка» диэн ааттыыр куурусса этин араастык астыыр, оннооҕор салаакка туттар буоллубут.
Ол эрээри өбүгэбит былыр былыргыттан сиэн кэлбит куhун, хааhын саас, күhүн бултаан эрэ аhыыр эбит буоллахпытына, билигин аны бэйэ хаhаайыстыбатыгар түргэнник ситэр дьиэ көтөрдөрүн ииттэр көрүҥ киирбитэ хас да сыл буолла.
Арыылаах нэһилиэгэр сүөһү иитиитинэн дьарыктанар «Кугас» бааһынай хаһаайыстыба салайааччыта Дмитрий Захаров кэлиҥҥи сылларга түргэнник ситэр хаhаайыстыба салаатынан дьарыктанар, баасатын аннынааҕы күөлгэ көччүтэн кус, хаас иитэр. Бокуруоп таҥаратын күнүгэр идэһэлэрин астаабыт. «Күөл үрдүгэр олорор дьон кус, хаас иитиитинэн дьарыктаналлара олус табыгастаах эбит», – диир.
Манна даҕатан эттэххэ, ааспыт кэккэ сылларга Табалаах олохтоохторо үөрүн кытта көппөтөх кустары ииттибиттэрэ. Айылҕа улам уларыйан истэҕин ахсын, сылаас кыhыннарга кустар кыстыы хаалар эбит да буоллахтарына, онтон киhи соhуйбат буолла. Тыа хаhаайыстыбатыгар түргэнник ситэр дьиэ көтөрдөрүн кытта дьиикэй көтөрү ииттии дьарык буолан эрэрэ кэрэхсэбиллээх, сэргээччи элбэх.
Раиса Чирикова