Корниловтар педагогическай династиялара

Учуутал, эн үрдүк ааккар сүгүрүйэбит. Улууканнаах уһуйааччыларбыт, үтүөкэннээх үөрэтээччилэрбит, ытык мааны учууталларбыт өр сылларга, үгүс үйэлэргэ өлбөөдүйбэт үтүө өйдөбүл, барҕа махтал тылларын сүргэбит көтөҕүллэн кинилэргэ аныыбыт.

Сир-дойду учууталларынан албан аатырар. Үүммүт 2023 сыл Россияҕа педагог уонна уһуйааччы сыла биллэриллибитинэн үөрэх эйгэтэ дьиҥ чахчы үрдүктүк сыаналанарын, өйөбүлү ыларын бэйэм өр үлэлээбит педагог буолан туран ис дууһабыттан дириҥник ылынан биһиги ыраах Арктика олохтоохторо Корниловтар дьиэ-кэргэн педагогическай династиябыт туһунан сурукка тиһэргэ сананным.

Бастатан туран Дьааҥы улууһун  тумус туттар олохтоохторуттан биирдэстэрэ, чэгиэн олоҕу айхаллаан кэскили түстүүр кэнчээри ыччаттаах Бөтөҥкөс бөһүөлэгин  олохтооҕун, тапталлаах ийэм Христина Егоровна Корнилова туһунан, кини үлэлээбит идэтигэр уһуйуллан «туйах хатарааччы» буоларбынан киэн туттан, махтанан ис испиттэн астынан, сүргэм көтөҕүллэн  кэпсиэхпин баҕарабын.

Күндү Ийэм 1943 с. олунньу 5 күнүгэр күн сирин көрбүтэ. Аҕата Егор Егорович Чириков  Аҕа дойду улуу сэриитин кэмигэр үтүө үлэтин иһин И.В.Сталин төбөлөөх мэтээллээх республикаҕа биллэр стахановец булчут, ийэтэ Мария Петровна Чирикова дэгиттэр иистэнньэҥ, имииһит. Кыракый кыыс оҕо сааһа атын оччотооҕу оҕолортон туох да уратыта суох сэрии бириэмэтинээҕи уонна ол кэннинээҕи ыарахан кэмнэригэр ааспыта. Кинилэр бөһүөлэктэн тэйиччи Бачай диэн сиргэ сайылыктаах буолан сэтинньи ыйга диэри онно олороллоро. Оскуолаҕа киирэ илигиттэн сытыы-хотуу кыыс, биэс — алта саастааҕар ортоку эдьиийэ Еля уруогар үөрэтэр хоһооннорун добдугураччы ааҕарын билэр буолан дьон аахтаран, истэн сөҕөллөр эбит. Ол кэмҥэ Хоту сиргэ биһиэхэ олохтоох учуутал үөрэхтээх специалист суох буолан Дьокуускай, Чурапчы, Бүлүү педучилищеларын бүтэрбит эдэркээн учууталлар кэлэн үөрэтэллэрин, бары да сүрдээх чиҥ билиилээх, сайаҕас, дьоҕурдаах, олохтоох нэһилиэнньэни кытта уопсай тылы булаллара. Нэһилиэккэ сырдатар үлэни кинилэр сүрүннүүллэрэ, концертарга, араас тэрээһиннэргэ олус көхтөөхтүк кытталлара диэн ийэбит ис иһиттэн астына, үөрэ, үөрэппит учууталларын санаан сирэйдиин сырдаан мэктиэтигэр эдэригэр түспүт курдук сэргэхсийэн кэпсиир.

Ийэбит оскуолаҕа эргиччи талаанннаах үтүөкэннээх учууталларга үөрэммитин истиҥник ахтар. Ол кэмтэн учуутал буолар ыра санаанан салайтаран оҕолору үөрэтиэн баҕарара. 8 кылаастан 10 кылааһы бүтэриэр диэри Верхоянскай орто оскуолатыгар үөрэммит сылларын олус үчүгэйдик саныыр, бииргэ үөрэммит оҕолорун тустарынан үөрэ-көтө кэпсиир.

1962 с. учууталларын үтүө холобурдарын суолдьут сулус оҥостон  Бүлүүтээҕи педучилищеҕа учуутал  идэтигэр уһаарылла киирэр. Онно тиийэн топонимист Михаил Спиридонович Ивановка  (Багдарыын Сүлбэҕэ), этнопедагог Константин Спиридонович Чиряевка үөрэммитинэн киэн туттар. 1964 с. Бүлүүтээҕи педучилищены, кэлин СГУ нуучча тылын уонна литературатын факультетын, СГУ ПИ оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолорго педагогикаларын уонна психологияларын преподавателын идэтин бүтэрбитэ. Төрөөбүт Адыаччытыттан харыс да халбарыйбакка оҕону, ыччаты үөрэтиигэ – иитиигэ үлэлээн кэллэ. Бастаан Адыаччы оскуолатыгар учууталынан, кэлин оҕо саадыгар маҥнай иитээччинэн үлэлээбитэ. 35 сыл устата бу тэрилтэни ситиһиилээхтик салайбыта.  Кини учуутал идэтин баһылаан оҕону иитиигэ, үөрэтиигэ үлэлээбитэ 61 сыл буолла. Ол тухары кини илиитин иһинэн төһөлөөх элбэх оҕо иитиллэн ааспыта, төһөлөөх элбэх үлэһит үлэлээн, үлэттэн дуоһуйууну ылбыта буолуой.

Билигин «Кэскил» оҕо сайдар киинэ   оройуоҥҥа, республикаҕа   биллэр аныгы ирдэбиллэринэн салайтаран үлэлиир толору бэлэмнээх,  түмсүүлээх кэллэктиип буолла. Өр сылларга үлэлээбит бырайыактара – «Создание здоровьесберегающей среды в ДОУ на основе социального партнерства в арктическом селе» диэн ааттанан Бүтүн  Россиятааҕы  «Росточек: мир спасут дети» конкурска кыттан 2 анал ааты ылбыттара, иккис бырайыактара оҕо доруобуйатын харыстыыр, бөҕөргөтөр сыаллаах оҕону кымыһынан эмтиир  «Үнүгэсчээн» диэн лааҕыр эмиэ федеральнай таһымҥа анал аат хаһаайына буолбута. Лааҕыр 14 сыл устата ийэм авторскай программатынан ситиһиилээхтик үлэлээбитэ. Биэс блогунан араас хайысхалаах үлэлииллэрэ.

Ийэм ийэ, дьахтар, салайааччы быһыытынан бэйэ холобурунан, бэйэ күүстээх санаатынан олох араас очурдарын туоруурга тулуурунан, инникигэ өссө үрдүк ситиһии, олох  үчүгэйэ эрэ кэтэһэригэр эрэлинэн ыччаты, норуоту үрдүккэ кынаттыыр дьонтон биирдэстэрэ.

35 сыл нэһилиэккэ биир улахан тэрилтэ салайааччыта буолуу элбэх сыраны, билиини, эппиэтинэһи эрэйэр. Кини төрөөбүт нэһилиэгин, оройуонун, республикатын социально- экономическай сайдыытыгар сүдү кылаатын  киллэрсибитэ.  Үлэ киһитэ хаһан баҕарар сыаналанар, ытыктанар. Биһиги ийэбит – Саха Республикатын үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, Россия үөрэҕириитин туйгуна, Дьааҥы уонна Адыаччы нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, СР үөрэҕириитин ситимин бочуоттаах бэтэрээнэ, СР уонна РФ үлэтин бэтэрээнэ. Учууталлар өрөспүүбүлүкэтээҕи 12 (2010с.) уонна 13 (2015с.) съезтэрин, дьахталлар өрөспүүбүлүкэтээҕи 12 (2006с.) съезтэрин  делегатын быһыытынан актыыбынай кыттыыны ылбыта. Дьахталлар 12 съезтэрин чэрчитинэн доруобуйа харыстабылын министерствотыгар, оҕо доруобуйатын харыстааһын, бөҕөргөтүү секциятыгар «Үнүгэсчээн» чэбдигирдэр лааҕырыгар бэйэтин авторскай программатынан, Учууталлар 12 съезтэрин Пленарнай мунньаҕар уһуйаан үлэтин опытын республика делегаттарыгар тарҕаппыта. Уһуйаан үлэтигэр социальнай партнёрдары, меценаттары тэрилтэ тула түмэ тардан кыттыгас бииргэ үлэлээһин оҕо тэрилтэтин өйөөһүн – ситиһиилээх үлэ төрүтэ буоларын уопутун киэҥ эйгэҕэ таһаарыы туһунан иһитиннэриитин съезд делегаттара дохсун ытыс тыаһынан көрсүбүттэрэ.  Съезд матырыйаалларын кинигэтигэр кини үлэтэ суруллубута. Учууталлар 13 съезтэригэр маастар кылаас ыыппыта, тиэмэтэ «Детский сад- семья, школа, социум-единое открытое образовательное пространство». Кини нэһилиэгин кыһалҕатын, инникки кэскилин түстүүргэ бары сыратын аныыр дьоҥҥо-сэргэҕэ ытыктанар киһи.

Дьиэ-кэргэн диэн общество быстыспат сорҕото буоларынан көлүөнэнэлэр бэйэ бэйэлэригэр сибээстэрэ, аҕа көлүөнэттэн үтүө холобур сүмэтин иҥэриниилэрэ хайҕаныан, уопут быһыытынан көлүөнэттэн көлүөнэҕэ тарҕатыллан билиниини ылыан сөп. Үчүгэй учуутал, үлэһит буолуу төрөппүттэртэн саҕылларын улуу бөлүһүөктэр үгүстүк суруйаллара олус сөптөөх, олоҕунан дакаастаммыт холобур.

Ийэ диэн хас биирдии киһиэхэ барыбытыгар Орто дойду олоҕун бэлэхтээбит, оҕо буолар дьолу биллэрбит, кэскил төрдүн түстээбит иэримэ дьиэ иилээччитэ-саҕалааччыта, олох сырдык аартыгар сирдээччи, угуйааччы, уһуйааччы буолар.

«Ыал – ийэтинэн» диэн өйдөбүл биһиги дьиэ кэргэҥҥэ олус дириҥник киирбит. Киһи Киһи буолара ийэ-аҕа геннарыттан улахан тутулуктаах, ону сэргэ иитии-үөрэтии олус улахан оруоллаахтар. Оҕо – бу олоххо саамай улахан баай. Оҕоҕо бэриллэр эн сиргэ олорон хаалларбыт ситиһииҥ, айар талааныҥ, бастыҥ баҕаҥ. Ийэбит педагог идэлээх буолан оҕолорун иитиитигэр күүскэ ылсыбыта. Өйдүүр буолуохпутуттан кини үлэтигэр үөрэ-көтө барара, киэһээ кэлэригэр төһө да сылайдар үлэттэн дуоһуйан кэлэриттэн биһиги эмиэ үөрэрбит. Дьиэбитигэр учуутал ийэлээх буолан куруук оскуолалаах оонньуурбут. Эбэбит, эһэбит суох буолан ийэм улахан оҕону миигин арыт оскуолаҕа илдьэ барара. Уруок кэмигэр кэлин паартаҕа олордон кэбиһээччи, онно уруокка дьэ дьоллонобун, хамсаабакка да олорон ийэм хас  хамсаныытын, саҥарарын сыыс түһэрбэккэ кэтиирим. Ийэбит курдук учуутал буолуохпутун наһаа баҕарар этибит. Ийэбит биһигини бэйэтин холобурунан, үлэтинэн учуутал идэтигэр сиэтэн киллэрдэҕэ.  Мин 1985с. Дьокуускайга РФМШ-ны ситиһиилээхтик бүтэрэн баран СГУ физическай факультетыгар учуутал идэтигэр киирбитим. СГУ бүтэриэхпиттэн төрөөбүт Адыаччыбар 30-ча сыл физика уонна астрономия учууталынан үлэлии  сылдьабын.  Балтым Людмила 1987с. Верхоянскай оскуолатын бүтэрбитэ. Людмила оскуоланы ситиһиилээхтик бүтэрэр тиһэх чуораан үөрүүлээх түгэнигэр оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан республикатааҕы черчение олимпиадатыгар икки төгүл чемпионнаан СГУ индустриально-педагогическай факультетыгар киирэргэ туттарсарга ыҥырыы сурук тутан үөрүүтэ сөҕүмэр этэ. Онон кини ыра оҥостубут инженер-педагог буолар баҕа санаата туоларыгар суол аһыллыбыта.  Оскуола кэнниттэн СГУ ПФ индустриально — педагогическай отделениетыгар черчение, технология учууталын идэтигэр үөрэммитэ. Инженер – педагог идэтин ылан черчение, технология учуутала буолбута. Дойдутугар олоҕун аргыһын кытта Уус-Алдантан төрүттээх инженер-педагог Ушницкай Николай Ивановичтыын бииргэ үөрэҕирии айар аартыгынан айан суолун туппуттара. Оройуон үөрэҕин салалтата эдэр учууталы салалтаҕа дьоҕурдааҕын таба көрөн кэлэр үөрэх сылыттан оскуола директорын дуоһунаһыгар анаабыта. Кадр боппуруоһун табатык көрөн кини бу үлэтигэр 27 сыл айымньылаахтык, саҥа сүүрээннэри киллэрэн, коллективка инновационнай үлэни көҕүлээн, чинчийии үлэни практиканы кытта ыга сибээстээн педколлектив «Открытая школа-мастерская» интэриэһинэй проегы өрөспүүбүлүкэ экспертэрин иннигэр көмүскээн бу проектарынан республикатааҕы инновационнай площадка статуһун ылан кэккэ сылларга саҥаттан саҥаны ситэрэн-хоторон, чочуйан сэргэхтик, үгүс оскуолалары интириэһиргэтэр гына үлэлээбиттэрэ. Оскуолаҕа үлэлиир эр дьоннортон биригээдэ тэринэн уоппускаларын бириэмэтигэр «2000 сылга 2000 үтүө дьыала» чэрчитинэн оскуолаҕа 2 боксалаах гараж уонна интернакка баанньык туппуттара.  2006 с. учууталларга 4 квартиралаах олорор дьиэ, 2008с. оскуолаҕа киинтэн ититиллэр туалет туппуттара. 1932 с. тутуллубут, улаханнык эргэрбит оскуола дьиэтин иһин, таһын общипкалаан «эдэригэр» түһэрэн олохтоох нэһилиэнньэни үөрдүбүттэрэ. 1952сыллаахха тутуллубут учууталлар эргэ уопсай дьиэлэрин оскуола кыараҕаһыттан икки кылаас хосторо оҥоһуллубута. Аныгы кэм сатабыллаах салайааччыта буолан ити ыытыллыбыт элбэх далааһыннаах үлэлэр тутуллубуттара. Николай Иванович Россия уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, РФ үлэтин бэтэрээнэ. Икки кыыс оҕолоохтор, онон дьиэ-кэргэн араас таһымнаах спортивнай күрэхтэргэ бары кытталлара. Оройуоннааҕы «Педагогическая семья — 2005г» конкурс кыайыылаахтара.  2008с. ыытыллыбыт «Дьиэ-кэргэн сылыгар» оройуонтан делегатынан талыллан оҕолорунуун республикатааҕы форумҥа ситиһиилээхтик кыттан кэлбиттэрэ. Николай Иванович оройуон сэбиэтигэр депутатынан талыллан үлэлээбит кэмигэр үөрэхтээһин боппуруостарыгар элбэхтик үлэлэспитэ. «Биир ньыгыл Россия» партия чилиэнэ, нэһилиэккэ бу партия сэкэрэтээринэн үлэлээбитэ. Өр сыллаах таһаарыылаах үлэтэ элбэх грамоталарынан, араас наҕарааданан наҕараадаламмыта. От ыйын 8 күнүгэр 2020 с. Россияҕа дьиэ кэргэн, таптал уонна эрэллээх буолуу күнүгэр «Любовь и верность» РФ мэтээлин Дьокуускай куоракка үөрүүлээх быһыыга- майгыга туттарбыттара.   Ийэм төһө да ноҕурууската элбэх буоллар, ону барытын үөрэ — көтө толороро. Өссө хаһан да бүппэт общественнай үлэҕэ кыттара. Араас кэнсиэрдэргэ кыттара, үҥкүүлүүрүн уонна ыллыырын сөбүлүүрэ. Профсоюз председателэ, Комсомол оройуоннааҕы Пленумун чилиэнэ, нэһилиэк Советын хас да ыҥырыытын депутата, Адыаччы нэһилиэгин исполкомун председателын солбуйааччы, коллегия чилиэнэ, дьахтар хамсааһынын көхтөөх тэрийээччитэ, нэһилиэккэ дьахтар сүбэтин, бэтэрээннэр сүбэлэрин председателэ. Оройуонна дьахталлар, бэтэрээннэр сүбэлэрин көхтөөх чилиэнэ, бастакы Муниципальнай быыбардарга  Дьааны оройуонун Советын депутата, Президиум чилиэнэ. Быыбардааччыларын интириэстэрин, нэһилиэгин студеннарын кыһалҕаларын дьоһуннук туруулаһар дьахтар- депутат буоларынан иккитэ республикатааҕы оройуон депутаттарыттан делегатынан талыллан «Республиканский семинар женщин — депутатов представительных органов местного самоуправления» уонна «Женщина и государственность — 100-летие Софьи Сидоровой» научно- практическай конференцияҕа  кыттыыны ылбыта. Ийэм «Биир ньыгыл Россия» политическай партия 2011 сылтан чилиэнэ. Оттон аҕам хаһан да үлэҕэр өр тутуллаҕын диэбэт этэ. Хата, ийэбитин мэлдьи өйүүр, өйдүүр буолан, үлэтэ, сырыыта ордук таһаарыылаах буолара. Дьиэ кэргэҥҥэ бары үлэҕэ көмөлөһөн, өйөөн, бигэ тирэх, туллубат тулааһын, өһүллүбэт өһүө буолан олорор эр киһи билигин да бука тарбахха баттанара буолуо. Билигин түспэтийэ быһыытыйан, арыт санаан ылабын. Аҕабыт барахсан олоҕу кылгастык олорорун сэрэйбит курдук, ийэбитин олоххо тирэхтээх, бэлэмнээх хааллын диэн бэлэмнээбит дии саныыбын. Кини итинник өйөөбөтөҕө буоллар, ийэбит соҕотоҕун хааларыгар олоххо бэлэмэ суох, нэһилиэнньэ, дьон — сэргэ ортотугар улахан өйөбүлэ суох курдук сананыа эбитэ буолуо. 1990 сыллаахха аҕабыт Владимир Николаевич эдэр сааһыгар ыарахан ыарыыга ылларан орто дойду олоҕуттан бараахтаабыта. Ийэм барахсан олоххо оннуларын булуна илик түөрт оҕолоох соҕотох туран хаалбыта…Оччолорго мин балтыбынаан СГУ студеннара этибит, бырааттарым — оскуола үөрэнээччилэрэ. Ийэбит соҕотох хаалан олох ыарахаттарын чараас санныгар сүгэн оҕолорун барыларын  үрдүк үөрэхтээх үлэһит дьон  гына иитэн таһаарбыта. Ханнык да балаһыаннаҕа биһиги үөрэхпитин бүтэрэн, үлэһит буолан бырааттарбытын үөрэттэрэр соруктаахпытын өйбүтүгэр — санаабытыгар иҥэрбитэ, өйдөппүтэ. Үөрэхпитин бүтэрэ охсон ийэбитигэр көмө буолар баҕалаах этибит. Мин  ыал улахан кыыһа, Любовь Владимировна физик үөрэхтээхпин,  Россия иитиигэ уонна үөрэхтээһиҥҥэ бочуоттаах үлэһитинэбин, Саха Республикатын үөрэҕириитин туйгунунабын, оскуолам профкомун бэрэссэдээтэлэнэбин. Үөрэппит оҕолорум оройуон, республика  «Инникигэ хардыы» , араас таһымнаах олимпиадаларга, конкурстарга  кыттан элбэх ситиһиилэрдээхтэр. Үлэм түмүгүнэн үөрэнээччилэрим Республика араас оройуоннарыгар ситиһиилээхтик үлэлии сылдьалларыттан үөрэбин. Үөрэппит оҕолорум Москватааҕы үрдүкү авиационнай университеты,  Москватааҕы университет нефтегаз үөрэҕин кыһыл дипломунан бүтэрбиттэриттэн киэн туттабын. Учуутал ситиһиитэ үөрэнээччилэрин ситиһиитэ буолар. 20-чэ сыл нэһилиэк депутатынан ситиһиилээхтик үлэлээтим. Балтым Людмила Владимировна идэтинэн инженер – педагог, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна, Россия президенэ В.В.Путин «Россия бастын учуутала» Гранын, М.Е.Николаев  «Знанием победишь» бэлиэ, академик В.П.Ларионов аатынан кыһыл көмүс мэтээл хаһаайката. Ийэбит курдук педагог идэтин баһылаабыппытыттан дьоллоохпут. Тапталлаах балтым барахсан ыарахан ыарыыттан 2021 сыллаахха кулун тутар 17 күнүгэр суох буолбута. Людмила Владимировна черчение олимпиадатыгар туох баар сыратын, билиитин ууран туран бэлэмниирэ түмүктээх буолара. Балтым методическай объединение салайааччытынан өр сылларга үлэлээбитэ. Кини ыытар «Графика», «Сандалы», «Оһуорчаан», «Көмүс сүүтүк» куруһуохтарыгар оҕолор сөбүлээн дьарыктаналлара. Үөрэтэр оҕолоро араас таһымнаах оройуон, республика илии оҥоһугун быыстапкаларыгар, конкурстарыгар, черчение уонна технология олимпиадаларыгар кыттан элбэх  ситиһиилэрдээхтэр. Республикатааҕы очнай черчение олимпиадаларыгар элбэхтик оройуон чиэһин көмүскээбиттэрэ. Үөрэнээччилэриттэн 10 чемпион, ол иһигэр 1 оҕо- 3 төгүл, 3 оҕо 2-лии төгүл, 5 призер баар. Кини үлэтин сырдатан биллиилээх республика чертежник учууталлара, ученайдара бэйэлэрин үлэлэригэр сырдаппыттара Н.С. Николаев — профессор, Г.И. Мугуев. Людмила Владимировна педагог коллегатын Людмила Васильевнаны кытта Аан дойдуга аатырбыт Киһилээх хайаларын, Туостаах- Киһилээх турбазаҕа тайаан сытар сиринэн экспедицияҕа кыттыбыттара. Дьааҥы кэрэ айылҕатын көрөн-истэн, элбэҕи бэлиэтэнэн кэрэхсэнэр кэрэ кэпсээннээх кэлбиттэрэ.  Саха ырыатын — тойугун, үҥкүүтүн, сээркээн сэһэнин экспедиция кыттыылаахтара сэргээн, устан, истэн астынан барбыттара. Бу экспедицияҕа кыттыыта Россиятааҕы экологияҕа хабааннаах «Этносфера» сурунаал бастакы нүөмэрин 2006с. корреспондент Светлана Иванова ыстатыйатыгар тахсыбыта. Обложкатын 1 страницатын Людмила сахалыы таҥастаах, дэйбиирдээх олорор хаартыската туһаныллыбыта. СВФУ профессора, Россиятааҕы инженернэй академия член – корреспондена Н.С.Николаев уонна Г.И.Мугуев Саха сирин оскуолаларыгар черчениены үөрэтии курдук улахан методическай пособиеҕа Людмила үлэтэ сырдатыллыбыта. Кини уһуйааччытын үлэтин уопутун түмэн «Чириков В.С.» диэн кинигэни 2009с. бэчээттэтэн таһаарбыта. Республикаҕа ыытыллыбыт 40-с черчение олимпиадатын чэрчитинэн 2006с. «Преемственность неразрывна» докладын научнай – практическай конференцияҕа ааҕан кыттааччылар сэҥээриилэрин ылбыта, пособиеҕа бэчээттэммитэ. Кини 2018 сылга тахсыбыт «Победители государственных олимпиад по черчению» диэн Н.С.Николаев уонна П.Г.Павлов кинигэлэригэр Людмила п.н.д. В.П.Игнатьевтыын рецензияласпыта. Людмила кылаас салайааччыта буолан араас походтары үөрэнээччилэригэр тэрийэрэ.  Балтыбынаан араас сылларга нэһилиэкпитигэр «Лучший учитель» номинацияҕа кыайбыппыт, иккиэн үрдүк категориялаах учууталларбыт. Биһиги дьиэ-кэргэн ийэбитинээн уопсайа педагогическай стажпыт 170 сыл. Ийэбититтэн уһуйуллан олохпутун педагог идэтигэр анаабыппытынан киэн туттабыт.

Тапталлаах ийэбит олоххо ситиспит ситиһиитин, ыччаты иитии-үөрэтии эйгэтигэр тохсунньу ый 2023 сылга диэри үлэлээтэ. Билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор. Балтыбынаан 2013с. тапталлаах ийэбит 70 сааһыгар  «Дьааҥы Далбар Хотуна» диэн кини туһунан  кинигэ таһааттарбыппыт. Ийэбит элбэх сиэннэр, хос сиэннэр тапталлаах эбээлэрэ, урут улааппыт, идэ ылбыт: журналист, педагог, финансист, авиаинженер, врачка үөрэнэр студент далбардарыгар сылдьар дьоллоох ийэ, эбэ. Тапталлаах ийэм үөрэҕириигэ эҥкилэ суох  ситиһиилээх үлэтин уопута 2003с. Саха республикатын  «Педагогическая энциклопедия. Том 2» стр. 114 сырдатыллыбыта. Балтым чаҕылхай үлэтэ Саха республикатын 2022с «Педагогическая энциклопедия. Том 6» стр. 355 бэчээттэммитэ. Балтым киирбит энциклопедиятын тутан үөрүүбүт муҥура суох.

Былаан элбэх, инникитин да биһиги кэккэбит ситиһиилээх педагогтарынан кэккэтин хаҥатыаҕа. Педагог быһыытынан бу уустук, хайҕаллаах, элбэҕи эрэннэрэр идэҕэ тулуурдаах, дьулуурдаах буолууну билиҥҥи тэтимнээх олох ирдэбилинэн иннибит диэки хорутуулаахтык, сонуннук үлэлииргэ соруктанабыт. Амарах ийэбит коллегаларыгар, доҕотторугар, урууларыгар, оҕотугар, сиэннэригэр, хос сиэннэригэр истиҥ сүбэһит, өйөбүл буоларыттан үөрүүбүт – махталбыт  улахан. Кини олоххо  көхтөөх позицията биһиэхэ үтүө холобур буолар. Бүгүн биһиги кини ыччаттара тапталлаах ийэбэр, эбээбитигэр, хос эбээбитигэр уҕараабат кыһамньытыгар, олоххо сөптөөх көрүүлэри иҥэрбитигэр, олоххо үөрэппитигэр ийэ, эбэ үрдүк аатыгар сүгүрүйэбит, уһун үйэни, уйгулаах олоҕу баҕарабыт.

Күндү киһибит олунньу 5 күнүгэр 80 сааһын туолбута, бу сааска диэри үлэлии-хамсыы, айа-тута сылдьыы – бу киһиэхэ барытыгар анаммат ураты дьол. Маны этэн эрдэхтэрэ «сири-күн, киһини – үлэ киэргэтэр» диэн. «Дьахтары таҥара гыныахха, ийэни айыыга тэҥниэххэ» диэн норуот муударай этиитэ. Ханна да халбарыйбакка, үөрэҕирии эйгэтиттэн арахсыбакка биир нэһилиэккэ, биир үлэҕэ 61 сыл таһаарыылаахтык үлэлээһин бэйэтэ да дьон билинэринэн Педагог – легенда. Өр сылларга идэтигэр бэриниилээх 80 сааһыгар диэри үлэлээн эн-мин дэһиспит үлэһит коллектива үлэтин чиэстээн, киһи, профессионал быһыытынан үрдүктүк сыаналаан бочуоттаах сынньалаҥҥа эҕэрдэ концерт бэлэмнээн, үлэтин, олоҕун олуктарын көрдөрөр слайдаларынан презентация оҥорон үөрүүлээх быһыыга -майгыга 2023с «Үлэ сылыгар» атаардылар.

Күҥҥэ тэҥниир киһибит баар буолан, биһиги бигэ — таҕа тирэхтээх, силлибэт силистээх курдук сананабыт. Күндү киһибитинэн киэн туттабыт. Кини олоххо көхтөөх позицията биһиэхэ үтүө холобур буолар. Ийэбит кэлэр кэнчээри ыччаты иитиигэ – үөрэтиигэ бүтүн олоҕун анаабыт Дьааҥы Далбар Хотуна буолар.

Корнилова Любовь Владимировна, Россия иитиигэ уонна үөрэхтээһиҥҥэ бочуоттаах үлэһитэ, Саха Республикатын үөрэҕириитин туйгуна, үлэ бэтэрээнэ. Адыаччы оскуолатын физика учуутала, Адыаччы  нэһилиэгэ

Читайте дальше