Ахсынньы 15 күнүгэр Дьааҥы куоратыгар «Түмүү – үүнүү – иитии» 2 гражданскай форум иһинэн иитии эйгэтигэр бэрт сытыы кыһалҕаны ырытыһар, кэпсэтэр «Ийэ тыл сылааһа» диэн улахан төгүрүк остуол ыытылынна. Кыттыыны ыллылар гражданскай форум дэлэгээттэрэ, үөрэх, билим, уопсастыба, култуура үлэһиттэрэ, салайааччылара.

Киирии тылы модератор быһыытынан СӨ Үөрэҕириитин туйгуна, Баатаҕай орто оскуолатын алын кылааһын учуутала эттэ, бары мустубут кыттааччылары эҕэрдэлээтэ. Төгүрүк остуол спикерэ СӨ Үөрэҕириитин туйгуна, Саха култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Саха сирин суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, Олоҥхо тыйаатырын искусствовед-лектора Виктор Павлович Стручков оройуоҥҥа тыл бэлиитикэтин сүбэтин үлэтин туһунан, туох ханнык ситиһиилэр уонна соруктар баалларын сырдатта. Ол курдук, күн бүгүн төрөөбүт тылга кыһалҕабыт сүрдээх улаханнык тирээн кэлбитин бэлиэтээтэ. «Биир улахан куттал 1962 сыллаахха сэбиэскэй сойуус үөрэҕин миниистирдэрин дьаһалынан бары национальнай оскуолаларга аны нуучча тылынан үөрэтэргэ диэн ылыммыттара буолар — алын кылааска бэйэлэрин тылларынан үөрэттиннэр, оттон төрдүстэн онус кылааска (оскуоланы түмүктүөхтэригэр) диэри бары эйгэни нуучча тылынан үөрэтэргэ диэн. Онуоха туран ол саҕана СӨ үөрэҕин миниистиринэн Н.И. Шарин, оттон обком маҥнайгы сэкирэтээринэн Г.О. Чиряев олороллор. Иккиэн сүбэлэһэн баран концепция барылын оҥорбуттар, ону тутан баран Н.И. Шарин Москуба куоракка тиийэн мэктиэ тылын этэн, кэрэһилээн туран көмүскээн хаалларбыт, сөбүлэҥнэрин ылбыт. Ол иһин биһиги көлүөнэ бары үөрэх эйгэлэрин сахалыы тылынан үөрэтэн кэлбиппит, төрөөбүт төрүт тылбытын илдьэ сылдьабыт. Түмүккэ Н.И. Шарин курдук дьоҥҥо ытыктабылбытын биллэрэн биһи, бэл ытык таас оҥотторуохпутун сөп этэ», – диэн сиһилии санаатын үллэстэр Виктор Стручков. Маны таһынан аан дойдуга бэйэ тылларын сүтэрбит омук хара баһаам баарын тоһоҕолоото уонна ол төрүөтэ туохха сытарын кэпсээтэ.

«Тыл сүтэрэ баара-суоҕа үс эрэ көлүөнэ эбит. Холобур, мин төрөөбүт төрүт тылым – саха тыла. Мин оҕолорум английскай тылынан «пиджини» – булкаас тыллаахтар. Нууччалыы, сахалыы саҥараллар, оннук кэпсэтэллэр. Онтон мин оҕолорум оҕолоро, сиэннэрим «кореольскай» – аҕыйах ахсааннаах кулут тыллаахтар» диэн төрөөбүт тыл хайдах сүтэрин быһаарда. Ону кытта аҕыйах сыллааҕыта «Сахалыы ыраастык саҥарыах» диэн бэйэтэ суруйбут кинигэтин билиһиннэрдэ.

Аһаҕас санаалар

Салгыы СӨ үөрэҕииритин туйгуна, «Таптал уонна итэҕэл иһин» мэтээл хаһаайына, ытык кырдьаҕас, учуутал Трофим Васильевич Горохов санааатын үллэһиннэ: «Үөрэнээччим Виктор Павлович эппитин курдук бу тылбытын хайдах харыстыыбыт диэн ыйытык үөскээбитэ өр буолла быһыылаах. Мин санаабар, бар дьоммутугар өйдөтөр-быһаарар кыах баар. Билиҥҥи төрөппүттэр хайаан да оҕолорун бэйэлэрин төрүт дьарыктарыгар – ынах, сылгы сүөһү иитиитигэр-аһатыытыгар улаатыннарыахтарын наада. Оттон билигин биһиги ол төрүт дьарыктарбытын суох оҥорон эрэбит», – диэн сүбэ быһыытынан санаатын этиннэ. Тылбытын дьадаппакка, тастан киирэр тыллары тылбаастаан күннээҕи олоххо киирэрин туһугар көмүскүөххэйиҥ диэн баҕа санаатын тиэртэ.

Икки уонна элбэх тыллаах эйгэ: оҕо төрөөбүт тылынан санаатын хаачыстыбатын хайдах тупсарабыт боппуруоска СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Арассыыйа үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ, Боронук орто оскуолатын иитэр-үөрэтэр үлэҕэ дириэктэри солбуйааччы Стручкова Акулина Трофимовна туһаайда: «Икки тылынан үөрэтии, иитии тэбис-тэҥҥэ бара турар буоллаҕына билингвизм буолар… Күн бүгүн онус кылаас оҕото – наара, бургунас, көппөх, оҥхой о.д.а. тыллары билбэт. Эн билбэт буоллаххына – эн оҕоҥ билиэҕэ дуо диэн ыйытабын», – диэн киэҥник сырдатар Акулина Стручкова. Бэйэтин холобурунан 1976 сыллаахтан ыла күн бүгүҥҥэ диэри оҕоҕо аналлаах билиҥҥитэ «Кэскил» (уруккута «Бэлэм буол») сахалыы хаһыаты иитэр-үөрэтэр үлэҕэ үлэлиир оскуолата тутта сылдьарын бэлиэтээтэ. Сахалыы эйгэни, оҕону иитиигэ-үөрэтиигэ терминнэри сахалыы тылбаастаан ааҕарбытын сайыннарыахха наада диэн бэйэ санаатынан түмүктээтэ.

Сахалыы ааҕыы уонна тыл сайдыыта: быстыспат ситими олохсутарга туох үлэ барарын туһунан Арыылаах уһуйааныгар музыкаҕа салайааччы, Арыылаахтааҕы библиотека сүрүн специалист библиотекаря Степанова Анна Ивановна билиһиннэрдэ. «Оҕоҕо кыра эрдэҕиттэн ийэ тылын иҥэрии, тыл кэрэтигэр уһуйуу иитиллиэхтээх. Эйгэни олохтуурга ыал, норуот олоҕун тутула, тыла-өһө, култуурата быһаарар суолталаах. Бастатан туран, төрөппүт оҕону кытары үлэтэ, сыһыана мөлтөҕүттэн, дьиэҕэ элбэхтик кэпсэппэтиттэн, сэһэргэспэтиттэн маннык үөскээн үөскүүр. Оҕоҕо интэриэс, баҕа үөскэтиэххэ наада. Ол олугу биллэн турар, аан бастаан оҕоҕо уһуйааччылар, иитээччилэр, учууталлар угуйуох тустаахпыт», – диир Анна Степанова. Төрөөбүт тылбытын таптаан, харыстаан, сайыннаран иһэр буоллахпытына – чахчы үрдүк култууралаах, мындыр өйдөөх, барыны барытын сатыыр дьон буолуохпут буоллаҕа диэн тиһэх баҕа санаатынан түмүктээтэ.

Аныгы кэмҥэ төрөөбүт тылы хайдах тыыннаах хаалларабыт диэн ыйытыыга Баатаҕай орто оскуолатын саха тылыгар уонна литературатыгар учуутала Неустроева Юнна Павловна бэйэ санаатын, үлэтин-хамнаһын сырдатта. «Билиҥҥи сайдыылаах кэмҥэ оҕолорбут үксэ төлөпүөн, интернет оҕолоро буоллулар. Мин санаабар, оҕолорго төрөппүттэр өттүттэн бириэмэлэрэ тиийбэтэ улахан оруолу оонньуур. Бириэмэ тиийбэтиттэн оҕону кытта кэпсэтии, оҕолорго остуоруйа кэпсээһин аҕыйаата. Ол түмүгэр, оҕо төлөпүөнтэн арахсыбат буолла. Баҕар, ол да иһин төрөөбүт тылбытын умна быһыытыйан эрдэхпит буолуо», – диэн сабаҕалыыр Юнна Неустроева. Бу улахан соруктаах үлэҕэ үөрэнээччилэрин сыһыаран сомоҕо домохтору чинчийэн, үөрэтэн көрбүттэр. Ол иһигэр үөрэнээччилэр сахалыы уонна нууччалыы сомоҕо домохторун ырытыы, саха уонна казах тылларын тэҥнээн көрүү уонна сомоҕо домохтору бэйэ көрүүтүнэн уруһуй нөҥүө тиэрдии соруктары толорбут үлэлэрин түмүктэрин иһитиннэрдилэр, көрдөрдүлэр.

Оҕо төрөөбүт тылынан саҥарар дьоҕурун сайыннарыыга IT технология көдьүүһүн туһаныы туһунан Боронук орто оскуолатын саха тылыгар уонна литературатыгар учуутала Горохова Сардаана Михайловна иһитиннэрдэ. «Билигин уһуйаантан нууччалыы саҥалаах оҕо тахсар, ол түмүгэр маҥнайгы кылааска нууччалыы саҥалаах оҕо киирэр. Оттон маҥнайгы кылааска ааҕыыга биир эрэ чаас бэриллэрэ наһаа охсуулаах диэн саныыбын. Ол гынан баран биһиги оскуолабытыгар чааһы компонент быһыытынан итиннэ эбэн сүрдээҕин күүстээх үлэ ыытыллар, барар», – диэн санаатын үллэстэр Сардаана Горохова. Ону кытта учуутал 2009 сыллаахтан оҕо төрөөбүт дойдутун остуоруйатын билиэхтээх, кыраайы үөрэтиэхтээх сыалтан «Кыраҕы хараҕынан» диэн кыра тэттик киинэлэри, ойуулуктары устар бэйэтэ тэрийбит устуудьуйатын үлэлэрин көрдөрдө, иһитиннэрдэ.

Учууталлары, уһуйааччылары таһынан бэйэ санаатын анаан-минээн сырдатта Баатаҕайдааҕы Култуура үлэһитэ Антонова Прасковья Николаевна. «Уу сахалыы саҥаран киирэн бардаххытына билиҥҥи сорох саха оҕолоро өйдөөбөттөр эрээри кинилэр куттара онно тардыһар, онон дьиҥэр кинилэр түргэнник ылыныах тустаахтар. Ол иһин утаппыт үүнээйи курдук саха киһитэ саха тылын ынырыктык күүтэ сылдьар – ону биһи бэйэбит билбэппит. Саха оҕолоро сахалыы саҥардахтарына – кинилэр киэркэйэн тупсан көстөллөр», – диэн иһитиннэрэр Прасковья Антонова. Олоҥхо күннэригэр былырыын Баатаҕайдааҕы үһүс нүөмэрдээх оҕо уһуйааныгар, быйыл Баатаҕайдааҕы иккис нүөмэрдээх оҕо уһуйааныгар кырачааннарга олоҥхо толорон иһитиннэрбитин билиһиннэрдэ.

Түмүктүүр чааска улуу чулуу дьоммут Былатыан Ойуунускай 130 сааһыгар бэйэтин хоһооннорун уонна Семен Даниловка анабыл хоһооннору Дьааҥы куорат орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ ааҕан иһитиннэрдилэр, салайааччы –Акулина Степановна Васильева, саха тылын уонна литературатын учуутала. Ол кэннэ саха оскуолатыгар тылы үөрэтиигэ көрүллүбүт чаастар туһунан, ону кытта оскуола үөрэтэр бырагыраамматын тутулун, тыл үөрэҕин салааларын, личность сайдыытыгар сабыдыаллыыр фактордары сиһилээтэ Боруулаах орто оскуолатын дириэктэри үөрэх чааһыгар солбуйааччы, учуутал Рязанская Инна Юрьевна. «Народная культура как способ выживания на земле» диэн стендэлээх эбээн норуотун төрдүн-ууһун, олоҕун-дьаһаҕын көрдөрдө, иһитиннэрдэ бырайыак салайааччыта, Боронук орто оскуолатын төрүт култуураҕа учуутала Местникова Наталья Афанасьевна.

Түмүккэ төгүрүк остуол резолюциятыгар – сахалыы иитиини-үөрэтиини Үөһээ Дьааҥы оройуонугар сайыннарыы, Баатаҕайдааҕы оҕо уһуйааннарыгар сахалыы бөлөхтөрү, оскуолаҕа сахалыы кылаастары элбэтии, сахалыы ааҕыы уонна тыл сайдыытын быстыспат ситимин олохсутан библиотекардары түмүү, «Ийэ тыл» түмсүү оройуоҥҥа салаатын тэрийии, кэлэр 2024 сылга саха тылын сугулаанын тэрийии соруктара сурулунна. Ону кытта саха тылын учууталларын өрө тутуохха, кэлэр саҥа сылга Дьааҥыга ытыктанар учуутал Чирикова Анна Дмитриевна 100 сааһыгар субу этиллибити туруорсуу, «Эркээйи эргиирэ» бырагырааманы оскуолаларга киллэрии, оройуон киинигэр көрүү былааһаккатыгар сахалыы бэлиэлэри туруорсарга диэн бастыҥ этиилэр, санаалар киирдилэр. Маны таһынан 2017 сыллаахха 129 төрөппүт илии баттааһыннаах суруллубут оҕо уһуйааннарыгар саха тылын күүһүрдэргэ диэн ис хоһоонноох суругу хаттаан сөргүтэн оройуон салалтатыгар тиэрдэргэ диэн быһаарылынна.

Константин Каженкин

Читайте дальше