Хойутаан да буоллар

Хас биирдии киһи бу орто туруу-бараан дойдуга улларсык кэлэбит, ким кылгастык, ким арыый уһуннук, ким арыый орто сааһыгар диэри.  Дьэ ол иһин, кэлин сылларга, «атас-доҕор туһугар атах тостор»- диэҥҥэ олоҕурардыы тыыннаах хаалбыттар, суруллубут суоруллубат — диэнинэн, ахтыы-өйдөбүнньүк суруйан, атастарбыт-доҕотторбут туһунан сурукка тиһэн, хаалларан дьоҥҥо- киһиэхэ кинилэр, «үйэлэрин уһата» — сатыырбыт кэрэхсэбиллээх түгэн буоллаҕа…

Дьэ ол курдук 1970 сыллартан сүүрбэһис үйэ чулуу тустуугунан истиҥник билиммит, онтон 1995-1997сс. балачча бодоруспут, 1995 сыл кылгастык да буоллар, көҥүл тустууга «Зал борьбы» эрчиллибит доҕорум, Захар Николаевич Чукров-туһунан, «Саха киэн туттар дьоно»-диэн, Неустроев Николай Дмитриевич, Чукров Николай Захарович, Друзьянов Михаил Егорович хомуйан оҥорон кинигэ таһаарбыттарын истэн, Дьокуускайтан кэпсэтиһэн, ылларбытым. Кинигэ 2020с. Дьокуускайга «Сахаада» тахсыбыт.

Кинигэ Захар Николаевич спортивнай суолун-ииһин сэргэ, кини олорон ааспыт олоҕун туһунан чугас дьоно, доҕотторо, бииргэ үөрэммит, үлэлээбит үөлээннээхтэрэ хайдах баарынан истиҥник ахтаннар, үчүгэй кинигэ буолбут. Манна Захар Николаевич оҕо эрдэҕиттэн, устудьуон сыллара, доҕотторунаан, бииргэ төрөөбүттэрин кытта, Дьокуускай түһүлгэлэригэр эрэллээх кыайыылара уонна да атын хаартыскалар кинигэ ис хоһоонун, чаҕылхайдык сырдаталлар.

Захар Чукров уолаттарынаан Николай, Ньургун Чукровтардыын Манчаары спортивнай оонньууларын кыайыылаахтара буолбут, үһүөн турар хаартыскалара, СӨ спортивнай олоҕор, инникитин да иитэр- үөрэтэр спортивнай дьиэ кэргэн, утумнааһын салгыы сайдарыгар, үтүө холобур буолуо. Бу кинигэҕэ «З. Н.Чукров доҕотторунаан»-диэн страницаҕа үһүс цветной хаартыскаҕа уҥа өттүбэр Захар Николаевич, хаҥас өттүбэр спорт маастара Семен Черкашин буолан, турарбыт тахсыбыта, миэхэ ортоһуор тустуукка, олус үөрүүлээх.

Хайа уонна инникитин бу ахтыыбын, миигин билбэт киһи аахтаҕына, Захар Чукровтуун кырдьык бодоруспут, алтыспыт киһи эбит-диэн өйдөбүл хаалыа этэ буоллаҕа. Ону З. Н. Чукров доҕотторунаан- диэн үөһээҥҥи заголовка туоһулуур.

Россия, СӨ физическэй культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Д.П.Коркин аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата Афанасий Егорович Алексеев 10 (уон) сыл республика спорткомитетын салайбыт, үйэ чиэппиэрэ физкультура, спорт эйгэтигэр үлэлээбит киһи сиэринэн, З. Н. Чукрову саамай сөпкө Украинаҕа Г.А.Бураковка ыыта сатаабыт эбит. Захар Николаевич онно ылынан барбыта буоллар Афанасий Егорович баҕатын курдук, үһүс Олимпийскай чемпионнаныа этибит. Ону оччотооҕуга көрсүллэр олох очурдаах өрүттэрэ, онуоха эбии мин да билэрбинэн Захар Николавич олус дойдумсах этэ. Итинник түгэннэргэ олоҕуран, этэн хааллардахтара өбүгэлэрбит барахсаттар; «Уол оҕо өтөх дойдута, кыыс оҕо омук анала»-диэн.

З. Н. Чукров Дьокуускайга сылдьар кэмигэр, кырдьык сорох ардыгар кини баҕатыйан эрчиллэр кэмигэр, киниэхэ сөптөөх ыйааһыннаах түргэн-тарҕан, кыахтаах соҕус эрчиллэр утарсааччыта суох буолуталыыр эбит быһыылааҕа.

Захар бигитини доҕор оҥостубут дьонун кытта сүрдээх көрдөөх, ардыгар дьээбэлээх да буолааччы.

Биирдэ тустуу туһунан сэһэргэстибит, ол саҕана урут күрэхтэһиигэ да, эрчиллиигэ да тулуппат киһитэ, Аан дойду ветераннарга көҥүл тустуутугар бастаабытын биллибит. Захар соһуйда да, үөрэ да иһиттэ, уонна бээ мин эрчиллэ түһэбин уонна итинник күрэхтэһиигэ барыам этэ диэтэ. Арай киниэхэ бараа улахан ыйааһыннаах киһи суох. Биһиги аҕыйах 62 кг, 68 кг тустууктар баарбыт.

Захар хайыай, биһигинниин эрэ хамсанарыгар тиийдэ. Мин ол саҕана Захартан балачча аҕа саастаахпын эрээри, тэҥ ыйааһыннаах эдэр уолаттары “абхват”- диэн коренной албаспар түбэһиннэрэн кыайдарбын эрэ, олус үөрэр этим.

Захар күүстээх, ыйааһына ыарахан, түргэн, тутара-хабара кытаанах буолан олус түргэнник сылайаат: «Ээ, Захар айа-айа доҕоор»- дии дии көбүөрү тула сүүрэн, куотан хаалабын. Захарым балачча буолан баран ыҥырар. “Чэ Өндөрөй кэл, бу сырыыга аа-дьуо хамсаныахпыт», – диир. Балачча хамсанан иһэн, арааһа тустар азарта киирэр быһылаах, эмиэ үлтү сылатар, ноҕуруускаланабын, эмиэ айакалыы, айакалыы куотабын. Чэ ол да буоллар аҕыйах күн балачча хамсанныбыт. Киһим сынньанар кэммитигэр этэр: “Оҕонньор абхваттыыр атаҕыҥ син үчүгэй эбит, бэл мин билинэбин, ыйааһыным да ыарахан, улаханым даҕаны, онон соччо билиниэ суохпун да сөп этэ. Ол иһин да эдэр уолаттары кыайа, кыайа үөрэр эбиккин, – диэн турардаах.

Аны мин эппит тылыгар туран, ветераннарга Аан дойду чемпиона буолан эргиллибитин истэн, ол саҕана суотабай телефон суох, күн аҥара сураһан, Сайсары күөл чугаһыгар бэрт элбэх этээстээх дьиэттэн булан, кэпсэппэхтээн иһэн, финалга хайдах туһуннуҥ кэпсээ диэтим. Киһим сэмэй кэпсээмээри гыммытын, оройуоммар ветераннарга миэстэлэһэбин кэпсээ, наада буолуо диэтим.

Киһим Захар Николаевич: утарсааччым балачча тутуһа сылдьан, икки төгүл халҕааннаан саайда. Олус абыланным хардары халҕаанныах курдук буолан иһэн, олохтоохтор олус ыалдьар, аатырбыт киһилэрэ буоларын билэн, өйдөөн нэһиилэ тутуннум. Уонна үс төгүл атахха киирэн биирдии баалы ылан,  үс очконан кыайдым уонна 2-3 атаакалаабытын сөптөөхтүк көмүскэнним диэтэ. Хардары биирдэ да халҕааннаабытым буоллар, миигин көбүөртэн үүрэн баран, хотторууну биэриэ этилэр диэтэ.

Ити Болгария София куоратыгар С. Стояновы кыайан, сэттэ чулуулартан
бастаан кэлбит сыла этэ.

Ол күрэхтэһиигэ судьуйалар үксэ болгардар үһү, онон судьуйалааһын тыына ыарахан, атын сиртэн 3-4 эрэ, Россияттан икки эрэ судьуйа баара үһү. Онон Захар Николаевич улахан түһүлгэҕэ, төбөтө эмиэ үчүгэйдик үлэлиирин, бэйэ бодотун кыайа тутунарын көрдөрбүт биир наадалаах түгэнэ. Арай онно абаккарбытын тулуйбакка, хардары биирдэ да халҕаанаабыта буоллар, болгар судьуйалара күрэхтэһииттэн устан, хотторууну биэриэ этилэр.

З.Н. Чукровы; Били Аан дойду чемпиона Дубиһы хайдах хоппуккун кэпсээ эрэ» — диэн үүйэ-хаайа туппуппар ахсарбатар да син кэпсээбитэ; Тренердэрим тустуом иннинэ кыайыа дии санаабаттар эбит этэ, утарса сатыырыҥ буоллар диэбиттэрэ.

Дубич ураты киһи, ураты буолар эбит этэ диир. Ол хайдах? – мин быһа түһэбин.» Киһи санныгар илиитин уурдаҕына, сыста сылдьар курдуга. Атахха эрэ кииртэлээн, бал ылаттаабытым, үөһэ өттүгэр тугу да оҥотторбот күүстээх этэ. Кыайбыппын итэҕэйбэт курдугум, сүрдээҕин сылайбытым, олус тириппитим, күнэ да куйаас этэ.

Тустан тыхсыыбар трибунаҕа олорооччулар, ыһыы-хыһыы бөҕө буолан, туран эрэ далбаатыыллара.

Улахан аатырбыт тустуугу кыайар сыанабыллааҕын, көрөн итэҕэйбитим, үөрбүтүм – диэн Захар түмүктүү охсор. Ол түгэни, оччолорго Дьокуускай «Спартак» стадионугар сирэй көрбүт доҕорум, Всеволод Батучин; «Олох бэйэм киирэн кыайбыт курдук санаммытым ээ», — диэн күллэртиирэ.

Ол ааспыт кэмнэргэ Захар Чукров тустар ыйааһыныгар Олег Алексеев (Бурятия), Магомедхан Арацилов (Дагестан), Виктор Новожилов (Ленинград) күннээн, туста сылдьаллара. Кинилэр саастарынан Захартан аҕа этилэр, ол эрээри Захар бу аатырбыт бөҕөстөрдүүн тэбис – тэҥҥэ тустара, өссө сорох түгэннэрэ ордук курдук көстөрө. Бу Олимпийскай чемпион Павел Павлович Пинигин ахтыытыгар сыанабыла: «Онон Захар Чукров Г.А. Бураковка эрчиллибитэ буоллар, олимпийскай чемпион буолуохтаах этэ. Өссө дьылҕа хаан ыар ытарчатыгар түбэспэтэҕэ буоллар, Сахаачча – Николай Захаров эмиэ олипиадаҕа тустуохтаах этэ.»

Бу ахтыы суруйуум саҕаланыытыгар хойутаан да буоллар диэбитим, ыраах Таастаах Дьааҥы илин уһугар олорор, сыл аайы Дьокуускайга кэлбэт киһи, бу доҕорум Захар Николаевич Чукров туһунан кинигэ тахсарын истибэтэҕим, билбэтэҕим. Ону эрдэ билтим буоллар, маннык ахтыы суруйан, кинигэҕэ ыытыам этэ.

Онон хойутаабыт киһи, хаһыат үйэтэ, кинигэтээҕэр «кэбирэх» да буоллар, ханнык эрэ хаһыакка уонна бэйэм арыый дьоһун суруйууларбар тиһэр инибин.

Өссө ахтан аастахха, ол Захардыын кылгас кэмҥэ эрчиллэн хаалбыппыт, үтүө өйдөбүлгэ хааларын сэргэ, тустуу диэбит аҕай дьоҥҥо, туһалаабыт курдук түгэннээҕэ; — Захар Николаевич эппит тылыгар туран, ветераннарга Аан дойду чемпиона буолбута. Мин дойдубар кэлэн ыһыахха хапсаҕайдаһан бастаабытым. Онтон Верхоянскай куорат ыһыаҕар 11 ( уон биир ) эдэр балачча күүстээх Дьааҥы тустууктара, ол иһигэр ССРС спордун маастара Моисей Ноговицын баара. Онно эмиэ табыллан хапсаҕайдаһан үһүс бириистээх миэстэ ылбытым. Финалга Аан дойду таһымнаах турнирдар призердара, 1985с. Союз күрэхтэһиитин балачча үчүгэй көрдөрүүлээх кыттыылааҕа, Моисей Ноговицынныын тустан, хотторон, III миэстэҕэ хаалбытым.

«Тустуу олоҕум аргыһа» диэн кинигэбэр «Моисейдыын көрсүһүү» диэн ахтыы суруйуулаахпын. Ол ааспыт эрчиллиилэрбиттэн, күүстээх эдэр уолаттардыын иэмэх талахтыы эрийсиилээх тустуулартан, этиэм этэ, эрчиллиигэ олус сындалыйбакка бэйэ ыйааһыныттан үрдүк, кыахтаах тустуугу кытта эрчиллэн баран, күрэхтэһиигэ кыттар ордук үчүгэй көрдөрүүлээх эбит диэн. Таарыччы аҕыннахха бу күннэргэ телевизорга Р.М.Дмитриев бирииһигэр көрдөхпүнэ биһиги эдэр уолаттарбыт З.Н.Чукров, Петр Алексеев, олимпиецтарбыт Р.Дмитриев, П.Пинигин, А.Иванов курдук стойкаттан үчүгэйдик быраҕан, түһэриилэрэ сэдэх, аҕыйах. Атахха киирэн баран ситэри көтөхпөккө сытан хаалыылара эдбэх…

Аны партерга накааттатан баран, төлө көтөн, мөхсөн тилигирээн, күүстээх утарсыыны кыайан оҥорбокко 10 (уон) баалы сүүйтэрии түгэннэрэ тахсыталаабыта. Биһиги уолаттарбыт ордук Бурят уолаттарыгар сабырыйтараллар эбит. Хоннох аннынан обхват захватыгар тута сылдьан, атаҕынан утарсааччы самаҕын иһигэр уган, үөһэнэн тэбэн быраҕыыны, чочуйуохха баара эрчиллии кэмигэр. «Обхват» көҥүл тустууга да, хапсаҕайга да олус абыраллаах албас, онно уруулуу өттүктээһини эрчиллии кэмигэр сырыы аайы эрчийэр наада эбит. Тренердэрбит эдэр уолаттары, дьаныһан үлэлээҥ. Аны тустууктар эрчилии кэмигэр да, күрэхтэһиилэргэ да тус бэйэҕиттэн 1964 сыллааҕы 4 (түөрт) бастакы ыйааһын чемпионнарын А.Иванов, П.Алексеев, А.Захаров, Э.Гегеев курдук тустуу бириэмэтэ бүтүөр диэри, эстэн хаалбакка үлэлииргэ эрчиллиҥ, бэлэмнэниҥ.

Захар Чукров, Николай Захаров – «Сахаачча», Петр Алексеев, Николай Неустроев курдук, баай элбэх албаһынан, бырахсан тустарга дьулуһуҥ.

Андрей Потапов – Айанньыт

Читайте дальше