Гидравлическэй үлэ ыытылынна

Тымныылар түһэллэрэ чугаһаатар чугаһаан иһэр. Дьокуускай «Олох-дьаһах хаһаайыстыбата» ГУП тэрилтэтин үлэһиттэрэ Баатаҕайга киинтэн кэлэр ититэр турбаларынан ааһар уу сүүрээнин үрдээһинин (напуорун) анал кээмэйдиир тэрилинэн сөптөөх итиини биэрэр мээрэйгэ туруоран, реконструкциялаан биэрдилэр. Ол иһигэр, холобур, Коммунальнай уулуссатын 4 нүөмэрдээх элбэх кыбартыыралаах дьиэ ититэр турбатын бастайааннай эрэсиимҥэ туруордулар.

«Хас биирдии дьиэ объемуттан тутулуктаах — улаханыттан, кыратыттан көрөн магистраль уонна эбийиэк турбаларын задвижкаларыгар туруортаатыбыт. Кыра напуордаах турбалар напуордарын эбитэлээн биэрдибит. Эрдэттэн, бу дьиэҕэ, уулусса магистралыгар бачча куб киириэхтээх диэн хаартаҕа гидравлическэй расчет оҥорон кэлбиппит. Ханнык эрэ дьиэҕэ элбэх куб киирэ турар, ханныкка эрэ кыра, ол ону тэҥнээн биэрэбит,  дьиэ объемуттан көрөн», — диэн СӨ Олох-дьаһах хаһаайыстыбатын инсиниэрдэрэ Владимир Енохов, Дьулуур Степанов   үлэ хаамыытын туһунан иһитиннэрдилэр уонна маннык үлэни Абый, Эбээн Бытантай улуустарыгар оҥорбуттарын сырдаттылар.

Улуустааҕы олох-дьаһах хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ тымныыларга бэлэмнэнии былааннаах үлэтин кыраапыгынан магистальнай турбалары бүрүйүүнү ыыталлар,  былааҥҥа киирбитинэн, Баатаҕай бөһүөлэгин Коммунальнай уулуссатыгар сүүсчэкэ миэтирэ турбаны саҥардыахтаахтарын эттилэр.

Боотто Асхаарап

Читайте дальше