Бүтүн Аан дойдутааҕы кэрэ аҥаардар күннэригэр анаан социальнай ситимнэргэ Дьааҥы Адыаччытыгар бэрт сонун кэрэ көстүүлээх хаарынан оҥоһуу хаартыската тарҕанан турар. Бу хаартыскаҕа сибэкки дьөрбөлөрө тутуурдаах син балай эрэ бөдөҥ уонна үрдүк уҥуохтаах маҥан эһэ эҕэрдэ сурук аттыгар киһи кэрэхсиир гына дьоһуннаахтык оҥоһуллубут. Ол курдук, анаан-минээн дьон дьүүлүгэр хаарынан оҥоһугу оҥорон таһаарар ааптар элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн амарах аҕата, эһэтэ Адыаччы олохтооҕо Гаврил Слепцов буолар.
Алта уон түөрт саастаах Адыаччы сириттэн-уотуттан төрдүлээх Слепцов Гаврил Петрович номнуо сүүрбэһис сылын маннык үтүө үлэнэн дьарыктанар. Бэйэтэ кэпсииринэн, ыраатта 2004 сыллаахха биир үтүө күн кыракый оҕолорун көрдөһүүлэринэн бэйэтин күрүөтүн тэлгэһэтигэр хаарынан ситэтэ суох Тымныы Кыһын оҕонньор төбөтүн кытта көхсүн эрэ сатаан аан бастакытын оҥорбут. Бэйэтэ соччо астымматах бастакы үлэтиттэн санаатын түһэрбэккэ бу уустук айар үлэҕэ күүстээхтик салгыы ылсарга быһаарынар. Маҥнай утаа кыра оҥоһуктартан саҕалаан, сылын аайы дьарыктанан, ымпыгын-чымпыгын чинчийэн, бэйэтиттэн ирдэбилин кэҥэтэр түмүгэр үлэлэрэ өрүү элбээн уонна улаатан биэрэллэр. Онтон ыла тиһэҕин быспакка айар үлэ умсулҕаныгар үктэммит Гаврил Слепцов хаарынан оҥоһуктара сылын аайы үлэлэрэ тупсан, сайдан иһэллэр. Ити курдук, кини хаарынан оҥоһуктарыгар – сыл бэлиэлэрин кыылларын, Саҥа Дьылы кытта ыкса ситимнээх дьоруойдары ордук оҥорон таһаарарын сөбүлүүр. Манна даҕатан эттэххэ, маҥнайгы үлэлэрэ бэйэтин олбуоругар эрэ оҥоһуллан тахсар эбит буоллахтарына, сотору кэминэн үлэлэрэ күрүөтүттэн улам ыраатан-ыраатан дьон-сэргэ элбэхтэ ааһар суолун ойоҕоһугар баар буолуор диэри, кэлин бөһүөлэк да иһигэр баар буолан испиттэрэ.
Хаарынан оҥоһуктарга Гаврил Слепцов саамай туттар тэриллэрэ – солобуой быһах уонна эрбии буолаллар. Онтон үлэ ситиһиилээхтик түмүктэнэн тахсыытыгар хаары сөпкө таба туттуу эмиэ наада. “Сыыһа тутуннун да хаары сатаан силимнээбэккин” диэн билинэр Гаврил Слепцов. Кини этэринэн, саамай мэһэйдэри халлаан тымныыта үөскэтэр, ол эбэтэр былыттаах халлааҥҥа оҥорор ордук табыгастааҕын бэлиэтиир. Уопуттаах хаар ууһа кыракый уонна орто үрдүктээх үлэлэргэ сүрүннээн биир күнү, оттон биир бүтүн хаартыскаҕа түһэр айымньытыгар номнуо биир эрэ нэдиэлэ иһигэр оҥорон бүтэрэ охсор эбит.
Бастакы үлэлэрэ наар Саҥа Дьыл эрэ күннэрин кытта ситимнээх эбит буоллахтарына, кэлин атын бэлиэ күннэргэ анаан эмиэ сонун оҥоһуктары оҥорон таһаара сатыыр. Холобура, тапталлаахтар күннэрин көрсө биирдэ Адыаччы өрүһүгэр хаарынан таптал бэлиэтин көрдөрөр икки кубаны оҥорон хаалларар. Онтон сотору кэрэ аҥаардар күннэригэр анаан эмиэ араас оҥоһуктары таһаарарга күһэллэр.
Айар үлэтэ сытыырхайбыт кэмигэр 2016 сыллаахха биирдэ балбааҕынан үрдүк да үрдүк уҥуохтаах аан дойду үһүйээнигэр хоһуллан киирбит Кинг-Конгу оҥорорго холонон көрөр. Саҥа сонун ордук түбүктээх үлэтэ бөһүөлэк дьонун-сэргэтин сэҥээриитин түргэнник ыла охсор, ол сабыдыалыгар инники былааннарыгар сылын аайы аны балбааҕынан оҥоһуктарга кытта улахан санаатын уурар. Маннык уустук үлэлэр бастакыта сүрүннээн хотон иһигэр оҥоһуллан бүтэн, салгыы тиһэҕэр тиэрдэргэ транспорт көмөтүнэн таһырдьа тиэллэн тахсаллар. Үлэлэригэр – хас да ахсааннаах сыл бэлиэлэрин кыыллара, хаар киһи, харыйа, о.д.а. оҥоһуктара биэс сыл устата ынах сүөһүгэ хаһаайыстыбатын эһиэр диэри бэртээхэйдик оҥоһуллан, сатанан тахсыбыттара.
Бэрт уһун кэм-кэрдиилээх айар үлэ түмүгэр 2021 сылы көрсөр – хаарынан бэйэтэ дьиэ кэргэннээх Оҕус оҥоһугунан «Саха» национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа «Саха сатаабата суох» биэрии күрэҕэр ситиһиилээхтик кыттыыны ылар. Сотору кэминэн 2023 сылы көрсөр – хаарынан Куобах оҥоһугун кытта Сахабыт сирин киин ханаалын күрэҕэр ыытар, үлэтэ күөх экраҥҥа көстөн хаалар. Онтон бөһүөлэк иһигэр бу үлэ хайысхатыгар киниэхэ тэҥнээх дьон суоҕун кэриэтэ, ол да иһин кини үлэлэрэ анал күрэхтэргэ өрүү инники күөҥҥэ ааттаналлар, биһирэнэллэр. Былырыын Амма улууһун Покровка бөһүөлэгэр ыытыллыбыт хаар оҥоһук күрэҕэр кыттан холонон көрүүтүгэр эмиэ бастыҥнар ахсааннарыгар эрэллээхтик киирбитэ ону бэркэ туоһулуур.
Адыаччы нэһилиэгэр Саҥа Дьылы кытта ыкса ситимнээх Гаврил Слепцов хаарга ууһун таһынан бөһүөлэк иһигэр ыытыллар Саҥа Дьыллааҕы тэрээһиннэргэ соҕотох саамай биллэр Тымныы оҕонньор аатын кытта сүгэр. Уон биэс сыл кэриҥэ уопуттаах Тымныы оҕонньор оруолун толорооччу бастакытын ыраатта 2008 сыллаахха оскуола ыҥырыытын ылынан, тэрээһинигэр кыттан саҕалыыр. Күн бүгүн билигин үөрэх тэрилтэлэригэр — оскуолаҕа, оҕо уһуйааныгар, нэһилиэк кулуубугар ыытыллар биир да оҕолорго аналлаах Саҥа Дьыллааҕы сарсыарда, ону таһынан бөһүөлэккэ Саҥа Дьыллааҕы күөх харыйа уматыыта, нэһилиэк оҕолордоох ыалаттарыгар Саҥа Дьыллааҕы кэһии үллэриитин кэрийиитэ курдук улахан эппиэтинэстээх тэрээһиннэр кинитэ суох хайдах даҕаны ааспаттар. Сылтан сыл уопсастыбаннай үлэтин ыыра кэҥээн бу ааспыт Саҥа Дьылга Алыһардаах учаастагар тиийэ бара сылдьыбыттаах. Маны кытта Гаврил Слепцов бөһүөлэк иһигэр баар аҕам саастаахтар «Алгыс» түмсүүтүн солбуллубат чилиэнэ. Уопсастыбаннай түмсүү кэнсиэрдэрин, араас тэрээһиннэрин ырыаһыта, көхтөөх кыттыылааҕа.
Бэлиэтээн эттэххэ, Гаврил Слепцов хаарынан үлэлэригэр хатыланар үлэлэр суохтар, сылтан сыл саҥаттан саҥа оҥоһуктар тахса тураллар. Ол да иһин айар куттаах ааптар, худуоһунньук инники былааннарыгар бастатан туран бөһүөлэк араас муннуктарыгар саҥа саҕахтарга таба тайанан сонун үлэлэри таһаарыы буолар.
Бэйэтэ туспа буочардаах, кыраҕы харахтаах биир дойдулаахпытыгар Гаврил Слепцовка айар үлэтигэр үрдүктэн үрдүк ситиһиилэри, ахсаана суох элбэх сэҥээрээччини баҕара хаалабыт. Туругурдун Дьааҥыга – айар үлэ, туругурдун Дьааҥыга – үтүө санаа!
Константин КАЖЕНКИН