Өркөн өйдөөхтөр күрэхтэрэ

Адыаччы оскуолатыгар естественнай наукалар нэдиэлэлэрэ «Интеллектуальная неделя» үрдүк таһымнаахтык ааста. Нэдиэлэни физика учуутала, методическай холбоһук салайааччыта Корнилова Любовь Владимировна, математика учууталлара Слепцова Валентина Николаевна уонна Юмшанова Снежана Тимофеевна, география учуутала Рубцов Юрий Валериевич, биология учуутала Стручкова Айыына Николаевна наһаа интириэһинэйдик ыыттылар.

Нэдиэлэ устата оскуола үөрэнээччилэрэ араас күрэхтэһиилэргэ актыыбынайдык кытыннылар. Ол курдук предметтарынан викториналар, кылаас чаастара, геометрическай фигураны туһанан уруһуй күрэҕэ, предметтарынан терминологическай диктаннар, «Лучшая тетрадь» конкурса, кубик рубикка күрэхтэһиилэр буоллулар.

Геометрическай араас фигуралары туһанан уруһуй күрэҕин түмүгэ.

5-7 кылаастар икки ардыгар:

1 миэстэ — Потапов Гоша, 6 кылаас;
2 миэстэ — Чирикова Таисия, 7 кылаас;
3 миэстэ — Потапов Никита, 6 кылаас;

8-10 кылаастар икки ардыгар:

1 миэстэ — Червинская Оля, 8 кылаас;
2 миэстэ — Потапов Вася, 10 кылаас;

«Интеллектуальная викторина» түмүгэ:

1 миэстэ — Архипова Лера, 9 кылаас;
2 миэстэ — Новгородова Катя, 8 кылаас;
3 миэстэ — Слепцова Айыллаана, 10 кылаас;

Терминологическай диктаннар түмүктэрэ:

1) Математика:

1 миэстэ — 6 кылаас (сал. Атласова Л.В);
2 миэстэ — 5 кылаас (сал. Стручкова А.Н);
3 миэстэ — 10 кылаас (сал. Горохова М.А);

2) Физика:

1 миэстэ — 8 кылаас (сал. Акимов А.А);
2 миэстэ — 7 кылаас (сал. Бочарова О.С);
3 миэстэ — 10 кылаас (сал. Горохова М.А);

3) Биология:

1 миэстэ — 8 кылаас (сал. Акимов А.А);
2 миэстэ — 5 кылаас (сал. Стручкова А.Н);
3 миэстэ — 6 кылаас (сал. Атласова Л.В);

4) География:

1 миэстэ — 5 кылаас (сал. Стручкова А.Н);
2 миэстэ — 8 кылаас (сал. Акимов А.А);
3 миэстэ — 9 кылаас (сал. Стручкова С.Е) уонна 10 кылаас (сал. Горохова М.А);

Предметтарынан «Лучшая тетрадь» күрэххэ кыайдылар:

Физикаҕа — Архипова Лера, 9 кылаас;
Математикаҕа — Потапова Алина, 9 кылаас;
Биологияҕа — Чирикова Таисия, 7 кылаас;
Географияҕа — Слепцова Саша, 6 кылаас.

Нэдиэлэ устата кылаастарынан олус интэриэһинэй кылаас чаастара ыытылыннылар. Бастакы космонавт Ю.А. Гагарин 2024 сылга 90 сааһын туолбутунан кылаас чаастара онно аналлаах буоллулар. Үөрэнээччилэр элбэҕи биллилэр, иһиттилэр.

Бэртээхэй нэдиэлэбит түмүгэр кубик рубигы түргэнник хомуйуу турнира олус көхтөөхтүк, бэһиэлэйдик ыытылынна. Күрэхпит РФ дьиэ кэргэн, СР оҕо саас, Дьааҥы улууһугар история сылларыгар аналлаах буолла. Ол курдук күрэхпитигэр үөрэнээччилэр, төрөппүттэр уонна оскуола үлэһиттэрэ кытыннылар.

Үөрэнээччилэр ортолоругар:

1 миэстэ — Чирикова Таисия, 7 кылаас;
2 миэстэ — Архипова Лера, 9 кылаас;
3 миэстэ — Неустроев Кеша, 10 кылаас;

Төрөппүттэр ортолоругар:

1 миэстэ — Горохова Вера Дмитриевна, 9 кылаас төрөппүтэ;
2 миэстэ — Неустроева Нюргуяна Степановна, 10 кылаас төрөппүтэ;
3 миэстэ — Стручкова Евдокия Петровна, 8 кылаас төрөппүтэ;

Оскуола үлэһиттэрин ортотугар:

1 миэстэ — Акимов Аким Акимович, физкультура учуутала;
2 миэстэ — Слепцова Валентина Николаевна, математика учуутала;
3 миэстэ — Стручкова Саргыяна Егоровна, физкультура учуутала;

Жюри нэдиэлэ түмүгүн таһаарар кэмигэр Марияна Александровна көрөөччүлэргэ Юрий Гагарин уонна космонавтика туһунан интириэһинэй викторина ыытта.

Нэдиэлэ түмүгүнэн кыайыылаахтар:

1 миэстэ — 8 кылаас (сал. Акимов Аким Акимович);
2 миэстэ — 5 кылаас (сал. Стручкова Айыына Николаевна);
3 миэстэ — 10 кылаас (сал. Горохова Марияна Александровна);

Нэдиэлэ устата актыыбынайдык кыттыбыт үөрэнээччилэргэ, кылаас салайааччыларыгар, төрөппүттэргэ уонна оскуолабыт үлэһиттэригэр естественнай методическай холбоһук аатыттан барҕа махталбытын тиэрдэбит. Баҕарабыт кытаанах доруобуйаны, үөрэххитигэр уонна үлэҕитигэр элбэх ситиһиини, дьолу.

Корнилова Любовь Владимировна Россия иитиигэ уонна үөрэхтээһиҥҥэ бочуоттаах үлэһитэ, Саха Республикатын үөрэҕириитин туйгуна, үлэ бэтэрээнэ. Адыаччы оскуолатын физика учуутала Адыаччы нэһилиэгэ

Читайте дальше