Бу ааспыт нэдиэлэҕэ Верхоянскай куорат бибилэтиэкэтэ Россия Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, саха сирин биир талааннаах поэтессатын Елизавета Мигалкинаны кытта көрсүһүүнү ыытта.
Сайыҥҥы ыалдьыттарбыт
Дьааҥыбыт барахсан айылҕата, олус кэрэ самаан сайыны бэлэхтээтэ диэтэхпитинэ сыыстарбаппыт буолуо. Күөҕүнэн силигилээн турар аар тайҕабыт, сир ийэбит мааны астарынан, дьэдьэнтэн тиийэ күндүлээн, ходуһаларбыт отторо өлгөмнүк үүнэн, сып- сырдык күннээх түүннэрэ ама хайа киһи сүрэҕин үөрдүбэт буолуой! Бу маннык кэрэни мүччү тутумаары, дойдуларын ыраас салгынынан дуоһуйа тыынан, күүс-сэниэ ыла кэлбит биир дойдулаахтарбыт, атын ыраах сиртэн кэлбит дьон ыалдьыттаан бардылар.
Ол курдук, Дьокуускайдааҕы епархия Арктическай десант диэн бэрт улахан программалаах кэлэн оскуола оҕолорун интэриэһин тартылар, ити тэрээһиннэргэ куорат библиотеката туора турбата. Дьокуускай куораттан Охотиннар, Слепцовтар, Соловьевтар, Санкт-Петербургтан, Финляндияттан, Баатаҕайтан Томскайдар дьиэ кэргэннэрэ ыалдьыттаатылар. Кинилэр биһиги библиотекабытыгар сылдьан, кинигэ уларсан, ааҕан ааспыттарыгар олус үөрдүбүт.
Елизавета Мигалкина – Дьааҥы киэн туттуута
Ааспыт нэдиэлэҕэ бибилэтиэкибитигэр улууспут киэн туттуута, саха биллэр суруйааччыта Елизавета Мигалкина ыалдьыттаата. Кини аата 2006 сылтан, маҥнайгы кинигэтэ «Сулустар ыҥыра көрөллөр» бэчээттэнэн тахсыаҕыттан киэҥ араҥаҕа биллэн барбыта. Елизавета Ивановна Дьааҥы Табалааҕар төрөөбүтэ. Идэтинэн нуучча тылын уонна литературатын учуутала. Саха сирин эдэр суруйааччыларын 15, 16, 17 сүбэ мунньахтарын кыттыылааҕа. Хоһоонноро «Таас күрүлгэн», «Үргэл», «Алгыстаах түҺүлгэ» уо.д.а. хомуруунньуктарга, хаһыаттарга, сурунаалларга бэчээттэммиттэрэ. 2008 сыллаахха Сергей Васильев – Борогонскай аатынан, 2010 с. Ыччат министиэристибэтин литературнай граннарын ылбыта. 2013 с. норуоттар икки ардыларынааҕы «Быйаҥ хаар» поэзия бэстибээлин кыттыылааҕа.
«Быйыл, 2023 сылга, Арассыыйа суруйааччыларын сойууһугар киирбитим номнуо 10 сыла буолла. 2013 сааһыгар биир дойдулааҕым Рустам Каженкин, поэт дьүөгэм Яна Байгожаева, Кэбээйиттэн поэт Иосиф Кобяков буоламмыт Национальнай библиотека Историческай саалатыгар сойуус чилиэнин дастабырыанньатын долгуйа туппуппут бу баарга дылы. Ону сэргэ быйыл орто дойду олоҕун олорбутум үйэ аҥарын туолла. Бу бэлиэ түгэни көрсө «Сарсыҥҥыга сурук» хоһооннорум алтыс хомуурунньуга «Айар» кинигэ кыһатыгар күн сирин көрдө.
Саҥа кинигэбин «Киэргэ» ювелирнай хампаанньа конференц-саалатыгар бу дьыл ыам ыйын 31 күнүгэр суруйааччылар, доҕотторум, үөрэнээччилэрим ортолоругар сүрэхтээтибит Саха суруйааччыларын Сойууһуттан бэрэссэдээтэли солбуйааччы Гаврил Андросов «Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна» бэлиэ туттарбыта. Төрөөбүт, улааппыт, киһи-хара буолбут дойдум Табалаах нэһилиэгин баһылыга Анна Рожина бу да сырыыга ыҥырыыбын быһа гыммакка кэлэн эҕэрдэ тылы эппитэ. Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй интэринээттэн дириэктэри үөрэх чааһыгар солбуйааччы Дианна Сивцева, лиссиэй гуманитарнай кылааһын оҕолоро, Олоҥхо тыйаатырыттан артыыска Анастасия Алексеева, Хомус түмэлиттэн импровизатор хомусчут Айсен Дьоллоохоп уо.д.а. эҕэрдэлэрин эппиттэрэ, ыллаабыттара-туойбуттара. «Саха сирин култуурата» уопсастыбаннай хамсааһыҥҥа бииргэ үлэлэһэр доҕотторум скульптор Николай Чоччасов, худуоһунньуктар Александра Неустроева, Людмила Федорова, Надежда Комиссарова, драматург Утум Захаров уо.д.а. Дьааҥы улууһугар саха-француз экспедицията Дуулаҕалаахха «Кыыс уҥуоҕа» диэн сиргэ булбут 18 үйэтээҕи сэдэх симэх реконструкциятын бэлэхтээн соһуппуттара. Даҕатан эттэххэ, «Саха сирин култуурата» хамсааһын саха тыла симэлийбэтин туһугар ҺӨҔҮҤ өйдөбүнньүк арт-объегы, сахалыы айымньыны ааҕыыны көҕүлүүр Буктрейлер, Саха тыла худуоһунньук хараҕынан күрэхтэри тэрийэн ыыппытын истэ-билэ олорор буолуохтааххыт.
Дойдубар тиийэн, Табалааҕым сайгыл салгынын толору тыынан, хатыҥ чараҥнарынан хааман, ийэбин, чугас дьоммун кытары алтыһан үөрэ сырыттахпына балыс-быраат үөлээннээхтэрим ыҥырыыларынан Дьааҥы биир саамай кэрэ эҥэригэр – адаар таастартан сүүрүгүрэр ыраас уулаах Туостаах үрэххэ баран дуоһуйа сынньанан кэлбиппэр махталым эмиэ муҥура суох. Олох орто омурҕана саҥа биэтэккэ аҕалбыта саарбаҕа суох. Дойдубуттан күүстэнэн айар үлэбэр салгыы саҥаны бичийдэҕим буолуохтун», – бу курдук Елизавета Ивановна айар үлэтин туһунан иһирэхтик кэпсээтэ.
Истиҥ көрсүһүү
Көрсүһүү кыттааччылара киниэхэ бэрт элбэх боппуруоһу биэрдилэр, толору эппиэти ыллылар. Хоһоонньут, Дьэбдьиэй сиэнэ Сыралы бэйэтин хоһоонун ааҕан, кинигэлэрин аҕалан билиһиннэрдэ, бэлэхтээтэ. Хас да кинигэ автора Көҥүл Кыыс – Попова Лариса ырыа буолбут хоһооннорун кэпсээтэ. Елизавета Ивановна хоһоонноро ааҕылыннылар. Түмүккэ, ыалдьыппыт Елизавета Ивановна саамай бэриниилээх бибилэтиэкэ ааҕааччытыгар, 88 сааһыгар үктэммит күн бүгүҥҥүгэ диэри кинигэни доҕор оҥостор Тыыл бэтэрээнэ Александра Егоровна Слепцоваҕа уонна көрсүһүүгэ кэлбит саамай эдэр ааҕааччыга, 5 кылаас үөрэнээччитигэр Харчылаах Арсеҥҥа иһирэх тыллаах анал суруктаах саҥа кинигэтин бэлэх уунна.
Поэт маҥнайгы уонна «Сарсыҥҥыга сурук» диэн сана кинигэтигэр киирии тылы саха норуодунай поэта Наталья Харлампьева суруйбута: «Поэт Елизавета Мигалкина аата саха ааҕааччытыгар биллэр. Кини эмискэ, соһуччу, чаҕылхайдык саха поэзиятын алааһыгар киирбитэ. Онтон ыла син балайда кэм ааста, кини хас да кинигэтэ күн сирин көрдө, ааҕааччыларга биһирэттэ. Дьааҥы таас хайалартан төрдүлээх-уустаах киһи, тыл илбиһин, тыл ситимин өбүгэлэртэн иҥэриммит, кыыс-дьахтар поэзията ураты, кимиэнигэр да маарыннаабат. Елизавета Мигалкина поэзиятын эйгэтигэр Дьааҥытын таастара эйэргии тугу эрэ сипсийэллэр, хомуллар чаастарын кэтииллэр, халлаан сулуһа имнэнэр, көмүс күһүн кийиит кыыстыы кэмчиэрийэр, сааскылыыр суоллар көҕөрөн көстөллөр, бүөбэйдэспит мастара оҕолорун тэҥэ үөрдэ-көтүтэ чэчирии көҕөрөллөр… Елизавета Мигалкина поэзиятын ыыра киэҥ… Бэйэтин эрэ ыырыгар хаайтарбакка, кини аан дойду духуобунай сыаннастарын ситимниир, атын омук поэзияларын, сахалыы литератураларын сахалыы иэҕэн өйдүүр, ырытар кыахтаах… Саха поэзията XXI үйэҕэ сайдар суолларыгар биир бигэ, сонун ыллыгы Елизавета Мигалкина тэлэн иһэр дии саныыбын… Бу кинигэ – саха ааҕааччытыгар дьоһун бэлэх!»
Бу тылларга холбоһон биһиги биир дойдулаахтара Елизавета Ивановна Мигалкинаҕа айар үлэтигэр өссө үрдүк ситиһиилэри, дьиэ кэргэнигэр дьолу-соргуну баҕарабыт.
Анна Слепцова, Верхоянскай куорат бибилэтиэкэтин сэбиэдиссэйэ