Тохсунньу 14 күнүгэр Элгэскэ «Люди года» тэрээһин буолан ааста. «Человек года» Сомоҕолоһуу уонна Үлэ, Учуутал уонна Уһуйааччы сыла бэлиэлээх статуэткалар, кубоктар 15 дьоҥҥо туттарылыннылар.
Хайа да нэһилиэк бэйэтин кыаҕын иһинэн, биир дьиэ кэргэн курдук дьаһанан олорор буоллаҕына, кыһалҕатын кыччатар, уустуктары туоруур, быыс-хайаҕас булан тобулта эрэ баар буолар. Дойдубут туругун тупсарар туһуттан, илии-илииттэн ылсан, «Эн-мин» дэһэн, үлэлээн-хамсаан олорор нэһилиэктэр, сыккырыыр тыыннара эрэ буолбакка, бу бүрүүкээбит уустук кэмнэртэн чугуйбакка, ыарахантан толлубакка, иннилэрин диэки дьаһанан олордохторуна, нэһилиэк инникилээх, ыччата тохтуур буоллаҕына кэскиллээх диэн буолар этэ.
«Дойду чэгиэн туругун тыа сирэ тутан олорор» диэн Лукашенко эппит тыллара элбэҕи толкуйдаталлар. Төһө даҕаны дойду үрдүнэн бүрүүкээбит үлэ-хамнас суох, үлэ миэстэтэ суох диэн ыччат тохтооботоҕун иһин, тыа сирэ син биир тыынар, тэбэр сүрэҕин тыаһа иһиллэр. Араас дьаһаллар, олоххо быһаччы сыһыаннаах үлэлэр күн бүгүн барбат буолбатахтар, олох син биир баар, ону ааһан күөстүү оргуйар.
Бу, өбүгэ күүһэ уонна кыаҕа көмөлөһөр, дойдуга таптал сөҕүрүйбэт уота син биир сыккыстыыр. Төрөөбүт буоруттан тэлэһийбэккэ, «сааһырдым» диэн самныбакка, «кырыйдым» диэн кыһалҕа оҥостубакка, нэһилиэктэрин туһугар туруулаһан, үлэлээн-хамнаан олорор дьоннор, бүгүҥҥү тыа сирин дьиҥнээх патриоттара, дойдуларыгар бэриниилээх, чиҥ тирэхтээх, ыпсарыылаах дьаһаллаах дьиҥнээх дьон дьоно – тыа дьоно буолаллар.
Сир дойду тэбэр сүрэҕэ, олоҕун дьаһаҕын тутан олорор тыа дьоно, былыргы алааһынан арҕам-тарҕам бүтэй олорор хаалынньаҥ дьон буолбатахтар. Аныгы сайдыылаах үйэҕэ сибээстэн хаалбакка, олохтон туора турбакка, нэһилиэктэрин иччилээн, сирин-буорун көбүтэн, аһын-таҥаһын астаан олороругар кыах биэрэр тыа сиригэр махтаныахпытын махтанабыт. Булда-алда, сүөһүтэ-сылгыта, айылҕа тыллар кэрэ дойдута сүрэҕи-быары долгутарын тухары, тыа сиригэр олох хаһан эрэ тохтоон хаалыаҕа, киһи бары киин сиргэ симиллиэҕэ диэн хайдах эрэ итэҕэйбэппин.
Үйэтэ, кэмэ оннук кэлбит уустук ухханыгар, тыа сиригэр хаалбыт «хам харгыйан, айаҕар аччыктаан» кыһалҕаҕа ылларыахпыт диэн санаанан салайтаран оҕо, ыччат баҕар барарын ким да баалаабат. Ол туһа туспа. Бүгүҥҥү балаһам чахчы тыам эрэ дьонугар айхалланар, дойдутугар тапталынан хайыһар, илиитин, сүрэҕин сылааһынан бүөбэйдээн, олоҕун оҥостон тыа сиригэр тардыһан олорор бар дьоммор ананар.
Дьааҥыга бренд буолбут, киһи-аймах тастан сайдыы баһыйбыт кэмигэр, Ытык Киһилээх хайатын анныгар олорор Элгэс нэһилиэк аан дойдуга биллэр нэһилиэгинэн буолар. Ыраахтан айгыстан, аатын ааттаан элбэх турист омук сириттэн тиийэ кэлэн барарын, сыллата хайаҕа кыһыннары-сайыннары тахсарын, бары истэн-билэн олоробут.
Иччитэх сиргэ сурт кэриэстээн, ахтыы оҥорон буолбатах. Манна, айылҕаттан анаммыт уратытык уһуйуллубут уран дьоннор олороллор. Туох барыта кэмнээх кэрдиистээх. Ананан кэлбит ытык ыйаахтаах, оннук оҥоһуулаах кэлэр. Ытык сир иэнин, чэбдик салгынын, киһи-аймах (духовность сайдар киинин тутан олорор Элгэс нэһилиэгин кэтээн көрбүтүм ыраатта. Кэлиҥҥи кэмнэргэ сонуннарын тиһэн, эһиги иннигитигэр таһаарар чиэстэммитим миэхэ эмиэ ситиһии буолар диэн киэн туттан этиэхпин сөп.
Тохсунньу 14 күнүгэр Элгэскэ «Люди года» тэрээһин буолан ааста. «Человек года» Сомоҕолоһуу уонна Үлэ, Учуутал уонна Уһуйааччы сыла бэлиэлээх статуэткалар, кубоктар 15 дьоҥҥо туттарылыннылар. Олор истэригэр Василий Рожин – бастакы Чечня сэриитигэр уонна анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа, элбэх оҕо аҕата, Иван Мигалкин – урбаанньыт, нэһилиэк тэрилтэлэрин оттук маһынан хааччыйар биир киэн туттар тутаах киһи бааллар.
Үлэ сылынан анал бэлиэлэри, ону кытта статуэткалары араас хайысхаҕа үлэлиир дьоһун дьон ыллылар.
Дьон санаатын маннык түгэҥҥэ үллэстииттэн: «Бэркэ ааста. Учууталларга, иитээччилэргэ туспа эмиэ туттардылар. Киһи эрэ астынар тэрээһинэ буолан ааста!», «Олохтоох дьаһалтаҕа, култуура киинин үлэһиттэригэр барҕа махталбытын тиэрдэбит. Барыгытыгар эйэлээх халлааны, этэҥҥэ буолууну баҕарабыт!», «Тымныыттан толлубака үрдүк таһымнаах тэрээһини тэрийбит культурабыт үлэһиттэригэр, олохтоох дьаһалтаҕа үлэһиттэригэр махтал мааныта, баһыыба бастыҥа!» о.д.а. истиҥ тыллары эттилэр.
«Элгэс Бочуотаах олохтооҕо» үрдүк ааты Василий Рожин уонна Иван Мигалкин сүкпүттэринэн сайаҕас эҕэрдэ, истиҥ илдьит буолуохтун! Айылҕаҕыт курдук аһаҕас, өбүгэлэргит курдук баараҕай, олох бары түгэннэригэр өрүү бэлэмнээх, үлэһит, сырдык элэккэй санаалаах Элгэс нэһилиэк олохтоохторо өрүү инники күөҥҥэ кимиэллээхтик хардыылаан, айан тутан олорор дьоһун нэһилиэккэ ситиһиилэри баҕарабын!
Галина Стручкова — Табайаана