Нэһилиэк Аҕа баһылыгыттан элбэх тутулуктаах. Бастатан туран, нэһилиэк дьонун-сэргэтин сүрүн кыһалҕаларын билэр уонна быһаара сатыыр салайааччы, норуоту кытта бииргэ үлэлиир буоллаҕына хайаан да элбэҕи ситиһиэҕэ. Биир оннук эдэр кэскиллээх үлэһитинэн Адыаччы нэһилиэгин Аҕа баһылыга Слепцов Вячеслав Вячеславович ааттанар.
Санатар эбит буоллахха, Адыаччы нэһилиэгин баһылыга Вячеслав Слепцов бу сыл балаҕан ыйыгар талыллан күн бүгүнүгэр диэри үлэлии сылдьар. Оҕо сааһыттан үлэни өрө туппут эдэр уол ханнык да үлэттэн чаҕыйбакка, толлубакка улааппыт киһи буолар. Баһылык дуоһунаһыгар үктэниэн иннинэ мас кэрдиитигэр, тиэйиитигэр, ону кытта тутууга бэйэ тиэргэнин тэринэргэ кэккэ ситиспитэ, хоппута баһаам. Онон тыа сирин олоҕун-дьаһаҕын бэркэ диэн этинэн-хаанынан билбит, көрбүт ааттаах.
Эдэр эрчимнээх салайааччы нэһилиэк баһылыгын аатын өссө сүгүөн иннинэ бу сыл атырдьах ыйын бүтүүтэ В.С. Чириков аатынан Адыаччы орто оскуолата улахан хаарбах туруктааҕынан Адыаччытааҕы «Кэскил» оҕо уһуйаанын маҥнайгы куорпуһун дьиэтигэр көһүүгэ улахан өҥөнү оҥорон турардаах. Бөһүөлэк иһигэр баар бэйэтэ билсэр атастара, доҕотторо көмөлөөх оскуола үгүс элбэх сээкэйин, малын-сабын таһан, тиэйэн биэрбитэ. Ону таһынан кини салайыылаах биир ньыгыл хамаандата оҕо уһуйааныгар көһүү түмүгэр хомунуу, бөҕү-сыыһы тиэйиигэ кытта улахан көмөнү оҥорбутун күн бүгүҥҥэ диэри умнубаппыт. Бу улахан үлэлэр түмүктэринэн үөрэх тэрилтэлэрэ бириэмэтигэр хойутааһына суох үлэлэрин саҕалаабыттара.
Оттон нэһилиэк баһылыгын аатын ылыаҕыттан икки ый иһигэр бэйэтин ураты олоххо көрүүтүн, дьаһалын бар дьонугар көрдөрдө. Бэйэтэ анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт, кыттан кэлбит буойун быһыытынан нэһилиэк иһиттэн күн бүгүн кимнээх сулууспалыы сылдьалларын бэркэ билэр. Онно сиэттэрэн, нэһилиэккэ, оройуоҥҥа, өрөспүүбүлүкэҕэ да бүттүүн дойдуга ыытыллар көмө тэрээһиннэртэн кини эмиэ туора турбата. Ол курдук, кини көҕүлээһининэн, салайыытынан биригээдэ балаҕан ыйын 29 күнүгэр Адыаччыттан биир дойдулааҕа, анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа Горохов Егор Егорович төрөппүт аҕатыгар Горохов Егор Ильичка дьиэтин ититэр сыаллаах буор таһыытын, мас сааһылааһынын уонна да атын биир киһиэхэ кыаттарбат үлэни аҕыйах бириэмэ иһигэр үмүрү туппуттара.
Суол-иис үлэтэ хаһан баҕарар баар үлэ, ол эмиэ кэмигэр оҥоһуллан бүтэрэ ирдэнэр. Ону бэркэ учуоттаан, суоттаан саҥа баһылык алтынньы ый саҥата биир дойдулаахтарын биир сөптөөх тылга, этиигэ киллэрэн Туус көлүүһэ суолун, ону таһынан Буурдааах, Мэҥэлээх сиринэн Алыһардаахха диэри айанныыр кыһыҥҥы суолу уонна Тимирдээх суолугар улахан үлэҕэ ылсыбыта. Кэлиҥҥи мотуох кэннэ Адыаччы үрэҕэр улахан алдьатыылаах киирэр суол кытта болҕомтоҕо ылылынна.
Нэһилиэк иһигэр түмсүүлэр үлэлэрэ сөргүтүлүннэ. Урукку өттүгэр өргө диэри нэһилиэккэ биир соҕотох аҕам саастаахтар «Алгыс» түмсүүтэ эрэ баар эбит буоллаҕына, алтынньы ыйтан нэһилиэк ийэлэрэ хомуллан «Күбэйэ» түмсүүтүн тэрийдилэр – салайааччы Слепцова Евгения Алексеевна. Сотору кэминэн эр дьон түмсүүтэ сөргүтүллэр былааннаах.
Бары билэрбит курдук, Бөтөҥкөс бөһүөлэгин нэһилиэнньэтэ улахан аҥаара мас хайыттан, кыстанан, оһох оттон олорор. Өр толкуйдуу барбакка, бу улахан кыһалҕаҕа үтүө көмөнү оҥорууга саҥа баһылыкпыт кытта санаатын уурар. Дьону мунньар, ыҥырар, сомоҕолуур дьоҕурдаах эдэр салайааччы болдьохтоох алтынньы 28 күнүгэр 14 эр киһи уонна 5 кэрэ аҥаар састааптаах оһоххо оттор маһы кэрдэн, бэлэмнээн кэлэллэр. Сотору кэминэн дьиэ ититиитин маһын нэһилиэк олохтоохторугар бу көмө сөптөөхтүк түҥэтиллэн, тиэйиллэн, тиһэҕэр тиэрдиллэрэ күүтүллэр.
Инники күүстээх санаа аргыстаах, үтүө санаа холобурдаах сэтинньи 3 күнүгэр тоҕус бурааны кытта 22 эр киһи кыттыылаах муус тиэйиитин субуотунньуга буолан ааспыта. Түмүккэ, уопсайа 44 ыарахан балаһыанньалаах нэһилиэк ыалаттарыгар муус тиэлиннэ. Кинилэр ахсааннарын иһигэр кыаммат араҥа, соҕотох саастаах дьон, инбэлиит, сэрии бэтэрээнэ, сэрии сылларын оҕото о.д.а. бааллар. Хаһааҥҥытааҕар да элбэх ахсааны хабар улахан субуотунньук оҥоһуллубутун бар дьон бэркэ бэлиэтииллэр.
Быйыл тыыл бэтэрээнэ, ССРС Култууратын туйгуна, норуот талааннааҕа, салайааччы Константин Петрович Чириков төрөөбүтэ 100 сылыгар анаан «Дьөһөгөй айыылаах бэлиэ киһи» (ааптар – Чирикова Р.Д.) тахсыбыт кинигэҕэ эбии бэчэээттэнэн тахсарыгар саҥа салалта көмө быһыытынан үп-харчы анаабыта. Маны таһынан аҕам саастаахтар «Алгыс» түмсүү 10 сыллаах үбүлүөйүн тэрээһинигэр кытта болҕомто ууруллубута.
Элбэх бириэмэни, сыраны уонна толкуйу ирдиир ааттаммыт үлэлэр икки ый эрэ иһигэр ситиһилиннилэр, бар дьон ортотугар ыытылыннылар. Нэһилиэк сайдыытыгар, нэһилиэк бастыҥ үлэтигэр-хамнаһыгар элбэх аан арылларын кытта ордук туһалааҕын, ордук бастатан туран диэн ис хоһооннооҕун тобулан саҥа сыаллаах-соруктаах баһылык үрдүкү дабайыылара өссө да иннигэр баар буолаллара саарбаҕа суох. Норуот инники кэскилин эрэллээхтик көрсөр сырдык оһуордаах-бичиктээх тиһэх санаалара элбии, үөскүү туруохтара диэн итэҕэллээхпит.
Эдэр кэскиллээх баһылыкпытыгар сардаҥалаах сарсыҥҥыны баҕарабыт, алгыспыт үтүөтүн, санаабыт сырдыгын ыытабыт. Өр кэмнэргэ биһиэхэ холобур буолан эрчимнээхтик, чэгиэнник-чэбдиктик үлэлии-хамсыы, нэһилиэгин туһугар кыһалла-мүһэллэ, күүс-көмө буола сырыт диэн алгыспытын аныыбыт.
Константин Каженкин