Дьааҥы хайаларын тэллэхтэринэн таарыйан эргийэр киирбэт күннээх таас Дьааҥы дьонун олоҥхолоругар саха олоҕо-дьаһаҕа, дьылҕата төрөөбүт дойдутун ытыһын иһигэр уйаланара, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ үгэстэри үйэтитэ айанныыра, үс Дойдуну ааттыыра, куруук сырдык кыайыытын уруйдуура этиллэр.
Дьааҥы олоҥхото сайдарын туһугар
Манна ааспыт үйэлэргэ элбэх олоҥхоһут үөскээн-төрөөн ааспыт эбит буоллаҕына, билигин саҥа көлүөнэ олоҥхоһуттара, олоҥхо толорооччулара уһуйуллан тахсан эрэллэрэ уран тылы уһатар, былыргы ырыаны-тойугу үйэтитэр инникилээхтэр, Манна даҕайан, Дьааҥы биир олоҥхоһутун туһунан сырдатар эбит буоллахха: Саха Өрөспүүбүлүкэтин национальнай оскуолаларын чинчийэр үнүстүтүүт сүрүннүүр научнай үлэһитэ, филологическай наука хандьытаата Нина Игнатьевна Филиппова биир дойдулааҕын Гаврил Иннокентьевич Слепцов – Хаһаах «Күн Эрилиэс бухатыыр» диэн 2015 сыллаахха тахсыбыт олоҥхотун кинигэтин рецензиятыгар ааптар ситэрбэтэх олоҥхотун ким ситэриэ эбитэ буолла диэн санаа баттыктаах сылдьыбытын туһунан суруйбут — «… сураһа сатыы сылдьыбытым, хата, сиэнэ Саргылана Семеновна, култуура үлэһитэ бэйэтэ норуот ырыатын-тойугун куруук сэргээн толорор киһи, бу сылларга ылсыһан, санаатын бэркэ ууран, эһэтин олоҥхотун ситэрэн айбыт. Ону ааҕан астынным, эһэтэ аатын ааттатар олоҥхото дьон билиитигэр тахсар кыахтаммытын итэҕэйдим», – диэн ахтыбыт.
Айылҕалаах киһи этэрэ, айанныыра ураты
Холобур, уус-уран тылларынан толорутук ойууланар олоҥхону суруйуу – айылҕалаах эрэ киһи тургутунар үлэтэ буоллаҕа. Олоҥхо аҥардас сирин-дойдутун ойуулааһынын хас эмит чаас, күн устата да истиэххэ сөп. Гаврил Иннокентьевич – Хаһаах «Күн Эрилиэс бухатыыр» олоҥхотун бастакы эрэ чааһын суруйан баран, ситэрбэккэ, Орто дойдуттан айаннаабыт. Ол иннинэ кэриэс-хомуруос тылларын хаалларбытын туһунан сиэнэ Саргылана Семеновна Слепцова маннык кэпсиир:
«Эһэм миигин наһаа таптааччы. Уһун баттахтаах буолааччы, ону өрөрбүн өйдүүбүн. Биирдэ, 1971 сыллаахха этэ, дьиэттэн чугас «Киэҥ уу» диэн күөл диэкинэн үрэххэ барыыга баар ойуур ырааһыйатыгар миигин илдьэ барбыта. Онно кулуһун оттон баран дэлби ытаабыта уонна «Оҕом дьэ, мин үчүгэй олоҕу олордум. Оҕолорум, эһиги эмиэ үчүгэйдик олорооруҥ, ыарахан күҥҥүтүгэр оту-маһы кытта кэпсэтэр буолаарыҥ», диэтэ. Оччолорго мин биэстээх, алталаах киһи «Харахтара, кулгаахтара суохтар дии, оччоҕо хайдах кэпсэтэбин», диэбиппэр, эһэм — «Ону улааттаххына өйдүөҥ» диэтэ уонна «Оҕом эрэ буолларгын иһит, мин биир эрэ улахан дьыаланы ситэрбэккэ баран эрэбин, ону эн ситэрээр», – диэтэ. Ол кэнниттэн Баатаҕайга барбыта, көрдөрүнэ быһылаах. Онтон Сартаҥҥа кэлэн, портан тахсан дьиэлээн иһэн, дабылыанньата тахсан, тымыр быһа баран өлөн хаалбыта. Эһэм өлүөн инниэ наһаа күүстээх тыал түспүтэ, дьиэбититтэн чугас баар сүрдээх чиргил үс маһы тосту солоон барта. Үйэбэр хаһан да оннук тыалы көрбөтөҕүм».
Аат сүрэхтэниитэ
Ааспыт үйэлэргэ ыалга элбэх оҕоттон биир эмэ оҕо ордор түгэннэрэ баалларын туһунан уус-уран суруйууларга, дьон ахтыыларыгар баалларын бигэргэппиттии, Саргылана Семеновна кинигэ киирии тылыгар эһэтин туһунан ахтыытыгар «Эһэм 1902 сылллаахха Дьааҥы улууһун Хаҥалас нэһилиэгэр (Токумаҕа) Марха Өтөҕө диэн сиргэ төрөөбүт. Дьоно оҕоҕо өлүүлээх буоланнар, кини кулун тутар 3 күнүгэр, ийэттэн түһээтин кытта абааһыттан күрэтэн, хатырык хаһаахха суулааннар, балтараа көстөөх Эбэ диэн сиргэ олорор ыалга илдьэн, көмүлүөк оһох үөлэһинэн түһэрбиттэр уонна «Хаһааҕы аҕаллыбыт», диэбиттэр. Онтон ыла Хаһаах диэн (хос) ааттаммыта үһү. Эһэм ол ыалга кини үс сааһыгар диэри иитиллибит», диир.
Омос истибит киһи «Хаһаах» диэн суолтатын нуучча хаһаахтарыттан төрүттээх диэн өйдүөн сөп. Хаһаах Хабырылла көстөр дьүһүнүнэн сахаҕа олус сэнэх сэбэрэлээх киһи эбитэ үһү. Саргылана Семеновна удьуорун батан, саҥаран-иҥэрэн, ыллаан-туойан бардаҕына олус диэн сэҥээрэн истэбит, көрдөөх тыллары кыбытан эттэҕинэ-тыыннаҕына ханнык да публиканы сэргэхситэр айылҕатынан ураты талааннаах киһи буоларын сө5ө бэлиэтиибит.
Гаврил Иннокентьевич Слепцов – Хаhаах (1902-1971) туһунан 2016 сыллаахха Дьааҥыга ыытыллыбыт Олоҥхо Ыыһыаҕар тахсыбыт «Дьааҥы олоҥхоһуттара» диэн кинигэҕэ «Гаврил Иннокентьевич кыра эрдэҕиттэн тойуктуурун, олоҥхолуурун сөбүлүүр этэ. Арыт дьон түмсүүтүгэр, мунньахтар кэннилэриттэн ыалга ыҥыран олоҥхолотоллоро. Дьон хайгыыр олоҥхоһута этэ. Балайда уһуннук олоҥхолуур оҕонньор буолааччы, саас күн балайда үөһэ эрдэҕиттэн саҥа күн тахсыар диэри. Уу иһэрдэр буолаллар, «Ноо» диэн иһэллэрэ», диэн Слепцов Н.Н.- Чалымыан уолун ахтыытын туһунан киирбит.
Олоҥхо тиллиитэ
«Тылы үөрэтэр научнай үлэһит Н. И. Филиппова «Эһэҥ олоҥхото ситэриллибэккэ хаалан хаалбыт» диэн иһиттэриэҕиттэн, хаһан да хоһоон да, кэпсээн да суруйбатах киhи эhэм.
«Күн Эрилиэс бухатыыр» олоҥхотун сал5ыырга туруннум. Эһэм түүлбэр киирэн тылларынан көмөлөһөн, онон батыһыннаран, сирдэттэрэн ситэрбэккэ хаалларбыт олоҥхотун салҕыы суруйбутум», – диир Саргылана Семеновна.
Олоҥхо сюжеттарын хаамыытыттан быһа тардан сырдатыы
Эбэн эттэххэ, Күн Эрилиэс бухатыыр дойдутуттан Тэҥсик диэн ааттаах сорук-боллур, илдьит тиэрдээччи киһилээх эбит. Бу киһи Күн Эрилиэс бухатыырга тиийэн «Эйиэхэ Күн Туллардыыр диэн кыыһы ойох биэрээри гыналлар» диэн кэпсээн, хобулаан биэрэр. Онуоха бухатыыр уол, маҥнай өһүргэнэр. Бу сюжетка былыр сахалар эр, ойох буолууну – сыбааттааһын быһыытынан ыыталлара көстөн ааһар.
Дьэ туран, аны, Эрилиэс бухатыырга ойох биэрээри сылдьар кыыстарын Күн Туллардыырын ити Тимир Липпирдээн диэн абааhы уола уоран барара суруллар. Онуоха Күн Эрилиэс бухатыыр атын мииммитинэн кыыска айаннаан иhэн, аара абааһы дьахталларын албыннарыгар олорсон иэдээҥҥэ түбэһэрэ, ол дьахталлар кинини аллара дойдуга илдьэн кэбиһэллэрэ, өлөрөллөрө ойууланар. Онуохаҕа Күн Эрилиэс бухатыыр баар суох доҕоро- Көй Дьаҕыл диэн ата хотой кыыл буолан Үөһээ дойдуга көмүскэл көрдүү айанныыр, көтөр. Ол тиийэн Үрүҥ Аар Тойону көрсөн ааттаһар, мэҥэ уутун, сата тааһын ылар. Аан Ийэ дойду иччилэригэр Аан Алахчын Хотуҥҥа, Иэйиэхсиккэ сылдьара суруллар. Дьэ уонна, ат барахсан Аллараа дойдуга кэлэн (олоҥхо ортотугар кэпсэммит) тимир сыапка ыйаныллыбыт 30 бухатыыры быыһыыра уонна доҕорун Күн Эрилиэс бухатыыры быыһыыра уран, баай тылларынан суруллубута ойууланар. Бухатыыр Үөһээ дойдуттан аҕалыллыбыт мэҥэ уутун иһэн тиллэрэ, салгыы ойох ылар кыыһын абааһы уолуттан баран быыһаан ылара адьас киинэни көрө олорор курдук суруллубут.
Олоҥхоҕо салҕыы ханнык хартыыланар сиһилии, ойууланан-мандардарынан, уустаан-ураннаан суруллубуттарын ааҕа олорон тугунан түмүктэнэрин, ханнык тыллар, этиилэр суруллубуттарын киһи эрэ сэргии ааҕыах курдук. Түмүккэ абааһы аймаҕа хотторуута, Күн Эрилиэс бухатыыр, Күн Туллардыырын кытта эр-ойох буолуулара, кинилэртэн Тилэҕэр Тииһиктээх Тирэхсин бухатыыр диэн уол оҕо төрүүрэ олоҥхо күннээх, уйгулаах олоҕун салҕыыр.
Онон, Гаврил Иннокентьевич — Хаһаах «Күн Эрилиэс бухатыыр» диэн олоҥхотун сиэнэ Саргылана Семеновна салҕаан кинигэ гынан таһаарбыт эбит буоллаҕына, аны, «Тилэҕэр Тиhииктээх Тирэхсин бухатыыр» диэн бэйэтэ суруйбут олоҥхото үп көһүннэҕинэ күн сирин көрүө турдаҕа!
Олоҥхоттон олоҥхоҕо
Саргылана Семеновна эһэтин «Күн Эрилиэс бухатыыр» олоҥхотунан 2015 сыллаахха Чурапчыга ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо күрэҕэр кыттан «Удьуор олоҥхоһут» анал ааты ылбыта. Салҕыы Сунтаарга ыытыллыбыт Сергей Зверев аатынан олоҥхоҕо 3 -һүс миэстэ Үрдэлин уонна «Саҥа олоҥхоһут» диэн күрэх 2-с миэстэлээх кыайыылааҕынан буолбута. Оттон быйыл Өймөкөөн улууһугар ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо Ыһыаҕын күрэҕэр төрөөбүт Дьааҥытын улууһун аатыттан ситиһиилээхтик кыттыбыта, «Саҥа олоҥхоһут» диэн олоҥхо күрэҕин 1-кы миэстэтин хаһаайына буолан харчынан наҕараадаламмыта.
Ситэрэн эттэххэ, 2019 сыллаахха Докуускайга ыытыллыбыт норуот ырыаларыгар гран-при хаһаайына буолан, күрэх муҥутуур кыайыылааҕын анал аатын ылан иистэнэр массыынанан наҕараадаламмыта.
«Бу сырыыга, Өймөкөөҥҥө ыытыллыбыт Олоҥхо Ыһыаҕар норуот ырыатыгар, сүрүннээн дэгэрэҥҥэ кыттарга санаалаах барбытым, онно «Олоҥхо тойуктара» диэнинэн киирсибитим. Кэнники санаатахпына, дьааҥылыы туойуулар араастарынан киирэрим хаалбыт эбит», – диир удьуор олоҥхоһут.
Саргылана Семеновна уостан түспэт ырыалары хаалларбыт биллиилээх мелодист Христофор Максимов «Хаппытыан» диэн аатырбыт ырыатын дьааҥылыы былыргы архаичнай таҥалай ырыатынан халыыптаан толоруута сэҥээриини ылан, анал аакка тиксэн, харчынан бириэмийэлэммитэ, хормуосканан Арыылаах култууратын Киинин дириэктэрэ, талааннаах ырыа айааччы, толорооччу Олег Домнин доҕуһуоллаабыт. Саргылана Семеновна «Олоҥхону тута хоһуйууга күрэх баарын эрдэ билбэтэҕим» диирэ кини олоҥхо ырыатын-тойугун баһылаабытын, уран уус тыл маастарын быһыытынан сиппитин-хоппутун бигэргэтэр.
«Быйылгы XVI-тыс Өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо Ыһыаҕар олоҥхоһуттар түөрт түһүлгэннэн олоҥхолообуттара – оҕо олоҥхону толорооччулар, ыччаттарга туһунан, 35 сааһыттан үөһээ саастаахтарга улахан дьоҥҥо уонна саҥа олоҥхоһуттарга туһунан. Мин эһэм «Күн Эрилис бухатыыр» олоҥхотун ситэрбиппин толорбутум. Олоҥхо туһунан этттэххэ – олоҥхоҕо хас биирдии персонаһа тус туһунан ырыалаах буолар. Холобур ат ырыата, бухатыырын ырыата, Күн Туллаҥныыр диэн кыыс-Куо ырыата – балары барытын дьааҥылыы норуот ырыаларынан иэйэн толоробун. Урукку күрэхтэргэ бастакы чааһыгар наар Үөһээ дойдутун аахпытым – бастаан өлбүтүн кэнниттэн бухатыыр ата хотой буолан Үөһэ дойдуга көтөр, онтон алгыс ылан баран Орто дойдутугар кэлэр. Аны төттөрү Аллараа дойдуга баран тилиннэрэр уонна Орто Дойдутугар баран дьахтар ылар, оҕолонор. Эһэм олоҥхотун бастакы чааһын быйыл дойдулаахпыт Игнатий Слепцов толорбута», – диэн сырдатар Саргылана Семеновна.
Эhэм аата миэхэ олус күндү
Саргылана кыратыгар ыалдьан Дьокуускайга эмтэммит уонна ийэтин аймахтарыгар олорбут. Үс сааhыгар Сараҥҥа аҕалаллар. Эбээтэ мөхпүтүгэр куттанан таҥас ыйыыр вешалка иhигэр саhа сыппытынан утуйан хаалбыт. «Арай утуйа сыттахпына «Хайа, оҕом барахсан манна утуйбут эбит, кэл» диэн эhэм Гаврил Иннокентьевич-Хаһаах вешалка шторатын арыйан миигин көтөҕөн ылла. Ол күнтэн ыла эhэбиттэн арахсыбатаҕым, өлүөҕэр диэри кини хоонньугар утуйааччыбын, куруук бэйэтин кытта илдьэ сылдьааччы. Биирдэ, ол курдук, гаражка бардыбыт – кини дьону кытта өр соҕус кэпсэтэр, мин оҕолору кытта тыраахтар иhинэн-таhынан ыттан, саhан эҥин оонньоотубут. Били ып-ыраас таҥас кэтэн барбыт киhи гражтан дьиэҕэ кэлэрбитигэр таҥаhым бүтүннүү тыраахтар аҕынаҕа буолан кэллим. Онно дьонум мөҕөөрү гыммыттарыгар эhэм көмүскээтэ, олох мөхтөрбөтөҕө. Ити курдук эhээ оҕото буолан сылдьыбытым, өлбүтүгэр наhаа улаханнык суохтаабытым. Саамай таптыыр, чугас киhим – эhэм Гаврил Иннокентьевич-Хаһаах сырдык аатын, бэйэтин кэнниттэн хаалларбыт олоҥхотун салҕыыр, тилиннэрэр, үйэлиир мин эбээhинэhим.
Дьон махтала дууһаны кынаттыыр
Саргылана Семеновна билигин Дьааҥы улууһун Киин бибилэтиэкэтин систиэмэтин Кыраайы үөрэтэр сиэктэригэр бибилэтиэкэринэн үлэлиир. Олоҥхоҕо ситиһиилэригэр Киин бибилэтиэкэ салалтата өйөбүлэ тирэх буолбутун этэр.
Киниэхэ махтанан Саха сирин араас улуустарыттан, куораттарыттан мустубут улахан түһүлгэ ытык ыалдьыттара «Ытыктабыллаах Саргылана Семеновна, саха омук барҕа баайа – төрөөбүт тыл муҥутуур чыпчаалын баһылаан ураты дьоҕуруҥ Олоҥхо Ыһыаҕар бэлиэтэммитинэн ис сүрэхпититтэн үөрэн, долгуйан туран истиҥник эҕэрдэлиибит! Өймөкөөн курдук баай историялаах, үлэһит дьонноох улуус ытык мааны ыалдьыттарын иннигэр Эн Таас Дьааҥы олоҥхотун уустук тутулун тутан, дьүөрэлээн, өйдөбүлүн билиһиннэрэн, Ытык Дьааҥы кэрэ көстүүлэрин ойуулаан, хоту сир хоһуун дьонун уруйдаан Олоҥхо Ыһыаҕын бары кыттааччыларын кэтит көҕүстээх күүстээх санааларын күөдьүттүҥ. Өрөгөйдөөх Өймөкөөн халыҥ хайаларынан сиэттэрэн үс айар аартык арыллан, сэттэ симэхтээх чыпчааллары дабайдыҥ, тоҕус дойду дьонугар тыыннаах тойугуҥ биһирэннэ», – диэн, алгыс тыыннаах эҕэрдэлэрин ыыппыттар.
Дьон-киһи, истээччи билиниитэ, махтала туохтааҕар да күндү буоллаҕа, диир Дьааҥы удьуор олоҥхоһута Саргылана Семеновна.
Хаhаах
Гаврил Иннокентьевич – Хаһаах «Күн Эрилиэс бухатыыр» олоҥхотун кинигэтин Баатаҕай киин бибилэтиэкэтиттэн уларсан аахпыт эрэ бары хайҕыыр. Олоҥхо тутулунан сюжеттара киһиэхэ өйдөтүмтүөтүк суруллубуттар. Саргылана Семеновна «Эһэм олоҥхотугар гражданскай сэрии кэмнэриттэн кэтиллибит таҥастары бэйэтин көрүүтүнэн ойуулааһыннара киирбиттэр» диэн бэлиэтиир. Олоҥхо тылын-өһүн хайдах суруйаҕын диэн ыйытыкка былыргы тыллары бэлиэтэнэн сурунан иһэрин этэр. Ити курдук, удуьуордааһын баар буолан – тылтан тыл ситим тардынан, эттээх этии үөскээн, олоҥхо сирэ-дойдута, тыынар тыыннааҕа, олоҕо-дьаһаҕа, бухатыыр дьылҕата улахан кээмэйдээх тылынан уус-уран айыньы буолан үйэтитиллэр.
Саргылана Семеновна эһэтин Хаһаах олоҥхотун бар дьон истиитигэр таһаарарын кэтэһэбит.
Раиса Чирикова