Параолимпийскай оонньууларга Арассыыйа хамаанда туруоран, бастаан, 1994 сыллаахха Лиллехаммере диэн сиргэ кыттыыны ылбыт. Салгыы, 1966 сылтан саҕалаан сайыҥҥы оонньууларга кыттыбыт. 1988 с. Инсбургка, Сеулга кыттыбыт. Онон сэбиэскэй параолимпиецтар 21 кыһыл көмүс, 20 үрүҥ көмүс уонна сайыҥҥы оонньууларга 15 боруонса, кыһыҥҥы оонньууларга 2 боруонса мэтээли аҕалбыттар. 1992 cыллааҕы сайыҥҥы параолимпийскай онньууларга 268 уонна кыһыҥҥы оонньууларга 153 мэтээл хаһаайыттарынан буолбуттар, сүдү кыайыылары аҕалан дойдуларын чиэһин көмүскээбиттэрин туһунан ситим страницаларыгар киэҥник суруллар. Онон, күүстээх санаа, дьулуһуу, туруулаһыы ханныктаах да таас хаххалаах мэһэйдэри туоруура көстөр.
Саха сиригэр Амма улууһугар ыытыллыбыт быйылгы сайыҥҥы үтүө сонуннартан биирдэстэринэн – «Дьулуур» спорт адаптивнай көрүҥнэргэ XIV спартакиадата буолан ааста. Бу сүҥкэн суолталаах тэрээһиҥҥэ Дьааҥы дэлэгээссийэтин кыттыылааҕа Елена Стручкова күрэх туһунан кылгас сонуннаах санаатын үлэһиннэ.
- Елена Семеновна, Аммаҕа ыытыллыбыт спорт адаптивнай көрүҥнэрин оонньууларыгар, улуус дэлэгээссийэтигэр киирсэн, кыттыыны ылбыккын. Ол туһунан олохтоох хаһыакка кылгастык сэһэргииргэр көрдөһөбүн.
- Аммаҕа аҕыйах састаабынан хомуллан, Дьааҥыбыт улууһун дьаһалтатын спорт отделын салайааччыта Василий Стручков салалтатынан Дьокуускайтан 11 чыыһылаҕа аттаммыппыт. Аммаҕа киэһэ 5 чааска тиийбиппит. «Хатыҥчаана» диэн үс этээстээх улахан терем курдук тутуулаах оҕо уһуйаанын иккис этээһигэр олохтообуттара. Биһигини кытта бу уһуйааҥҥа Сунтаар, Эдьигээн, Бүлүү, Орто Халыма, Булуҥ, Өлүөхүмэ улуустарын хамаандалара түспүттэрэ.
- Киирии тылгар ордук бастаан тугу бэлиэтиэ этигиний?
- Бу спартакиада ырыаҕа ылламмыт кэрэ айылҕалаах Амма өрүһүн күнүгэр сөп түбэстэ, от ыйын 15 күнэ – Амма өрүс күнэ. Уонна бэлиэтиэх этим, Амма Бөтүҥүгэр адаптивнай спорт көрүҥнэригэр дьарыктыыр спортивный комплекс баар эбит.
- Спартакиаданы сэргэ туох-ханнык тэрээһиннэр ыытылыннылар?
- Күннүк Уурастыырап аатынан Амма бибилэтиэкэтэ «Спортивнай Амма» диэн кинигэ быыстапката үлэлээтэ. Ф. Потапов аатынан норуот айымньытын Дьиэтэ «Үйэлээҕи үксэтэн, кэскиллээҕи кэҥэтэн» диэн худуоһунньуктар, норуот маастардарын үлэлэрин көрдөрөр быыстапката туруоруллубут. Ону таһынан, Амматааҕы гражданскай сэрии устуоруйатын кэпсиир мусуой «Сыллар быыстарын сэгэтэн, кэлэр кэми түстэһэн» быыстапкатын туруорбут. Быыстапкалар спартакиада устатын тухары үлэлээтилэр. Саха судаарыстыбаннай эстрада тыйаатыра «Үйэ үөһүгэр таптал» диэн музыкальнай эспэхтээх туруорда. Онон ыалдьыты сэргэтэр тэрээһин үчүгэйдик тэриллибит, олус сэргээтим.
- Сүрүн тэрээһин спорт буоллаҕа. Ханнык көрүҥнэргэ күрэхтэр ыытылыннылар?
- От ыйын 12 күнүттэн саҕалаан сарсыарда 10 чаастан «Чыпчылҕан» спортивнай саалаҕа буулдьанан ытыыга эрчиллии барда. «Бөтүҥ» спортивнай саалаҕа Голболга барыллаан оонньуу ыытылынна. Ону тэҥэ, Амма многофункциональнай спорт саалатыгар эр дьоҥҥо уонна дьахталларга олорон волейболлааһыҥҥа барыллаан оонньуулар ыытылыннылар. Салгыы, от ыйын 13 күнүгэр ити этиллибит спорт көрүҥнэрин кытта чэпчэки атлетикаҕа 100 миэтирэҕэ сүүрүү, шашкаҕа (пода), остуол тенниһигэр турдар, ядроны быраҕыы, «Параолимпийскай урок» диэн маастар кылаастар ыытылыннылар. Бу XIV-дүс адаптивнай спорт көрүҥнэрин оонньууларын спартакиадатыгар аналлаах ат сүүрдүүтэ бэрт сэргэхтик ааста. Кэнсиэргэ үс бириис оонньонно – икки турпутевка уонна Айфон 14.
- Дьааҥы улууһун хамаандата хайдах кытынныбыт дии саныыгын?
- Сорох көрүҥнэргэ дьоно суох буоламмыт штрафной балл эбиллэн кэнники быраҕыллан хааллыбыт. Хамаанда миэстэлэһэригэр дьон кыттыытын ахсаана улахан оруоллаах. Оройуонтан дьону хомуйан ыыппатахтара хомолтолоох. Саатар голболга уонна дуобакка толору хамаанда эбиппит буоллар кыттыбыт көрдөрүүбүт үрдүк буолуо этэ. Дуобакка үс киһи, голболга эмиэ үс киһи эрэ наада, чэ уонна биир саппаастаах.
- Аккредитацияны хайдах аастыгыт оччоҕо?
- Онно, өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар спортивнай күрэхтэри тэрийсиигэ биир инники сылдьар биир дойдулаахпыт Розалия Яковлевна Кармалах сүҥкэн оруоллаах, кини голболга судьуйалаата. Манан таарыйан санаабын этэр буоллахха – өрөспүүбүлүкэ таһымнаах маннык күрэхтэр сыл аайы ыытыллаллар. Доруобуйатынан хааччахтаах дьон дьиэттэн тахсыыларыгар, бары өттүнэн сайдалларыгар, чэгиэн дьон кэккэтигэр киирэллэригэр улуус салалтаты, дьоно-сэргэтэ өйдөөн, бүссүөккэ эҥин харчы көрөн өйүөхтэрин наада эбит.
- Елена Семеновна, чахчы кыттыыны ылбыт киһи быһыытынан баар итэҕэстэри бэлиэтээтиҥ. Инникитин Дьааҥы улууһа манна болҕомто ууруо диэн эрэл санаа баар.
- Аҕыйах да буолларбыт улууспут аатыттан кытынныбыт. «Дьааҥы оройуона» муниципальнай тэриллии дьаһалтата дэлэгээссийэбит, хамаандабыт форматын, аһылыкпытын, айаммыт бырайыаһын толору үбүлээбитигэр хамаандабыт аатыттан улаханнык махтанабыт. Биһигини маннык таһымнаах күрэххэ көрөн, харайан илдьэ сылдьыбыт салайааччыбытыгар Василий Стручковка махталбытын тиэрдэбит.
- Адаптивнай спорт көрүҥнэрин оонньууларыгар хотугу сиртэн кыттыннарыыга кэккэ кыһалҕалар бааллара өйдөнөр. Доруобуйаларынан хааччахтаах дьону сэргэхситэр, миэстэтигэр бу оонньууларга дьарыктыыр түһүлгэ наадалааҕа билиҥҥи кэм ирдэбилэ буоларынан, инникитин туох көрүүлэрдээххиний?
- Түгэнинэн баҕа санаабын этиэхпин баҕарабын. Бастакытынан «Верхоянское отделение Всероссийского общества инвалидов» баара буоллар. Бу боппуруоска тус бэйэм үлэлэһиэм. Оннооҕор ватсап бөлөх суоҕун сөхтүм.
- Елена Семеновна быыс, соло булан кэпсэппиккэр махтанабын, тус олоххор үтүөнү баҕарабын, баҕа санааҥ туоллун, кэскиллээх былааннарыҥ олоххо киирдиннэр.
Үһүс бөлөххө аҕыс улуустан алтыс миэстэҕэ тиксибитэ хомолтолооҕун, туох итэҕэстэр-быһаҕастар баалларын кыттааччы бэлиэтээтэ. Аартыка улуустарыттан Орто Халыма улууһа киинтэн эмиэ ыраах сыттар да, өрөспүүбүлүкэ туонатыгар кэлиҥҥи сылларга инники күөҥҥэ сылдьара хайҕаллаах. Оттон киин сиргэ диэри балачча үчүгэй суоллаах-иистээх үһүс бөлөххө киирбит кэккэ улуустар куһаҕана суох көрдөрүүлэрэ олох-дьаһах, инфраструктура өттүнэн сайдыылара эмиэ оруоллаах диэххэ сөп. Холобур ыраах сытар, халлаанынан эрэ айаннаах, кыһынын хайалар үрдүлэринэн, дабааннар систэринэн, очуостар быыстарынан, тарыҥнаах үрэхтэринэн эрэ суоллаах-иистээх Дьааҥы улууһа киинтэн чугас Горнай, Кэбээйи улуустарын кытта тэҥҥэ туруоруллуута ардыгар кыайан өйдөммөт.
Аммаҕа ыытыллыбыт XIV-дүс «Дьулуур» адаптивнай спорт спартакиадатын кыттыылааҕа Елена Стручкова доруобуйатынан хааччахтаах киһи көрүүтүнэн этиилэрэ баар чахчыларга олоҕуран этилиннэхтэрэ. Инникитин, Бүлүүгэ ыытыллыахтаах XV «Дьулуур» спорт адаптивнай көрүҥнэрин спартакиадатыгар Таас Дьааҥы дьоно кыттыылара улаатыа диэн баҕарыахха.
Боотто АСХААРАП