Олох-дьаһах бэрт түргэнник сайдан иһэрин араас хайысхаларга барытыгар бэлиэтиэххэ сөп. Эргиллэн көрдөххө, урут Саҥа дьыл бадаарактарын оҕо тэрилтэлэригэр эрэ түҥэтэр буоллахтарына, өтөртөн бэттэх хас ыал, дьиэ-кэргэн ахсын бэлэхтэһиллэр. Биир үтүө хамсааһын – урбаанньыттар, улахан тэрилтэлэр аадырыстаах бадаарактары оҥорор буолбуттара олоххо чиҥник киирдэ.
Чукоровтар дьиэ-кэргэннэрэ 2017 сыл алтынньы ыйыттан төрөөбүт улуустарын дьонугар-сэргэтигэр өҥөнү оҥоруунан дьарыктаналлар, куорат маҕаһыыннарынан, ырыынактарынан, тэрилтэлэринэн сылдьан дьон соругун толороллор, араас кээмэйдээх сакаастары кэмигэр ыыталлар. Ол курдук, бытовой тиэхиньикэттэн, миэбэлтэн, тутуу матырыйаалыттан саҕалаан тээбириннэри, ындыыны кыһыҥҥы айан массыыналарынан, эбэтэр грузовой терминалларга туттаран ыыталлар. Маны таһынан, норуот ааттыырынан, «Кокорин», «Погодаева» тутар баасаларыгар туттараллар. Хайдах габариттаах сакаас ханнык суолунан барыан сөптөөҕүнэн барытынан ыыталлар – кэбирэх тээбириннэри, холобур тэлэбиисэрдэри сөмөлүөтүнэн ыыталлар. Сорох баһыылкалары Дьокуускай аэропордугар киирэн ыйааһыннара кыра таһаҕастаах пассажирдарга батараллар, эбэтэр авиапорт 11 нүөмэрдээх стойкатыгар туттараллар. Быйыл төрөөбүт улуустарын Боруулаах, Токума уонна Дулҕалаах нэһилиэктэрин элбэх оҕолоох ыал оҕолоругар уонна доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолорго, уопсайа 250 саҥа дьыллааҕы бэлэхтэри оҥорон ыыттылар.
Дулҕалаах нэһилиэгин олохтоохторо: «Тохсунньу ый тоһуттар тымныыларыгар оҕолорбутугар соһуччу бэлэҕи ыытаннар улаханнык үөрдүбүт. Дьоҥҥо үөрүүнү аҕалар сырдык санааҕыт куруутун ыллык буоллун, кэрэ санааҕыт кэпсээн буоллун, үтүө санааҕыт кынат буоллун, чөл туруктаныҥ, ситиһии аргыстаныҥ!», «Чукоровтар дьиэ кэргэнннэрэ былырыын мотуохха барбыппытыгар элбэх оҕолоохторго таҥаһынан-сабынан улахан көмө оҥорбуттара. Кинилэр курдук дьон бааллара олус хайҕаллаах, махтаныахха наада», «Адьас улахан соһуччу үөрүү буолла — тымныы оҕонньор уонна Хаарчаана бадаарактаах киирэн кэллилэр», – диэн Ньургуйаана уонна Семен Семенович Чукровтарга истиҥ махталлаах үөрүүлэрин тиэрдэллэрин иһитиннэрдилэр.
Онон бэрт түргэнник элэҥниир ойор-тэбэр мэник оҕо саас умнуллубат түгэннэрин бэлэхтээбит биир дойдулаахтарыгар дьон ис сүрэхтэн тахсар махтала уҕараабат.
Олохторун суолун дьон туһугар диэн анаабыт урбаанньыттар, олус үлэһит, сэмэй, улахан дьиэ-кэргэн – Ньургуйаана Семеновна уонна Семен Семенович Чукоровтар тымныыны, куйааһы аахсыбакка, бокуойа суох, күн ахсын дьон сакааһын толорор үрдүк миссияҕа сылдьаллар: «Дьааҥыбыт улууһа киинтэн ырааҕыттан кыһалҕалар куруук бааллар. Онон биир дойдулаахтарбыт эппит сакаастарын кэмигэр ылан ыытарга дьулуһабыт. Саҥа сылынан Дьааҥыбыт дьонун-сэргэтин эҕэрдэлиибит! Санаабыккыт салалыннын, баҕарбыккыт туоллун, дьоллоох-соргулаах олохтонуҥ!», – диэн истиҥ эҕэрдэлэрин ыыталлар.
Раиса Чирикова