Хайыһардаах сэлиэнньэтин түмсүүлэрэ балаҕаҥҥа мустан Анал байыаннай дьайыыга сылдьар буойуттарга кылынан угунньах оҥоро сылдьаллар. Ийэ түмсүүтүн Матрена Ивановна Слепцова салайааччылаах ийэ түмсүүтэ уонна Зоя Александровна Ефимова салайааччылаах эбээ түмсүүтэ бу үлэлэрин тохсунньу ый 20 күнүгэр саҕалаабыттар.
Ол курдук 7 устуука 80×50 иэннээх, валяние ньыматынан оҥорбут матырыйаалларын бэлэмнээбиттэр. Соторутааҕыта Дьааҥы куоратыгар ыытыллыбыт «Түмүү, үүнүү, иитии» II Гражданскай Форумҥа сылдьан Остуолбаттан кыттыбыт түмсүү маастар-кылааhыгар сылдьан валяниеҕа үөрэммиттэр.
Элгэс сиригэр сылгы ииттэр хаhаайыстыбалаах дьон элбэх буолан матырыйаал баар эбит. Ол курдук түмсүүлэр бэйэлэриттэн уонна нэhилиэк баhылыга Николай Александрович Слепцов биэрбит сылгылар кутуруктарын ыраастаан аҕыйах күн иhигэр бэлэмнээбиттэр.
Түмсүүлэргэ Элгэс орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ көмөлөhөллөрүн үөрэ кэпсииллэр. Сылгы этэ, хаана, түүтэ, тириитэ, сиэлэ, кутуруга – барыта эмтиир күүстээх. Онон төрөөбүт дойдуларын сылгытын кутуругуттан, сиэлиттэн оҥоhуллубут сылаас, сымнаҕас угунньах Анал байыаннай дьайыыга сылдьар буойуттары араҥаччылыыр харыстыыр күүстээх буолуо.
Раиса Чирикова