Нэһилиэк социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын биир сүрүн хайысхатын олох-дьаһах хаһаайыстыбата тутан турар. Тыа ыала киин хочуолунайга холбонуох ыра санаата «тиийбэт тирии, тарпат тараһа» кэриэтэ буолбута мэлдьэҕэ суох, кыһыҥҥы уһун тымныыларга оттор мас кулута буолан хочуолунай тутуутун бастакынан туруорсар.
Киин хочуолунайтан 98% холбонон олорор Боронук бөһүөлэгин хочуолунайыгар 1.25 кыамталаах саҥа оһох кэлбит. Онон, элбэх кыһалҕаны быһаарар туруоруллубут сорук олоххо киллэриллибит. «Оһох буруотун оборон таһаарар дымосостара уларыйыахтаахтар, ону кытта күлү фильтрдыыр 4 устуука золаубавитель кэлэрин кэтэһэбит, хочуолунайбытыгар кыра оһох улаатыннарыллыаҕа. Олох-дьаһах хаһаайыстыбатыгар, тутууга, суол оҥоһуутугар, тыа хаһаайыстыбатыгар элбэх үлэ күүтэр. Тутуу туһунан эттэххэ, былааҥҥа эдэр исписэлиистэр олороллоругар аналлаах түөрт кыбартыыралаах дьиэни өрөмүөннүөхпүт, тиэрдэрэ оонньонуллан, урбаанньыт «Аммосов» сүүйэн, тутуутун матырыйаала куруустаныллан, бу бүтэһик кыһыҥҥы айан суолунан иһэр. Онон хапытаалынай өрөмүөн ыытыллыаҕа – киинтэн холбонор саҥа турбалар тардыллыахтара. Дьиэ ис-тас үлэтэ элбэх, истиэнэлэрэ, кырыыһата, сабаалыҥката оҥоһуллуоҕа», – диэн «Бабушкинскай нэһилиэк» муниципальнай тэриллии баһылыга Василий Сыромятников кэтэһэн турар улахан үлэлэр хаамыыларын туһунан сырдатар.
«2009 сылаахха федеральнай сокуонунан киирбит бэйэни салайыныыга нэһилиэнньэ интэриэһин сүнньүнэн толоруллар туспа боломуочуйалаах үлэ ыытыллан, ПК эстэрин саҕана, ити түөрт кыбартыыралаах дьиэ олохтоох дьаһалта бас билиитигэр киллэриллибит. Онон өтөрүнэн өрөмүөн ыытыллыбакка турбут дьиэтигэр күүстээх үлэ ыытыллан эдэр исписэлиистэр дьиэнэн хааччыллыахтара. Үп көһүннэҕинэ Дулҕалаах үрэҕиттэн Мачахха диэри 2 килэмиэтирдээх суол оҥоһуута ыытыллыахтааҕын кэтэһэбит», – диир олохтоох баһылык.
Үөһэ этиллибит үлэ хаамыытын таһынан, уопсайа 500-тэн тахса сылгылаах нэһилиэк, ааспыт сылга айылҕа үчүгэй өлгөмү биэрэн, 76 ынах сүөһүтэ, 45 убаһата кыстыгы этэҥҥэ үчүгэйдик туораабыт. Кулууп дьиэ истиэнэтигэр ыйанан турар сэбиэскэй кэм саҕанааҕы чороҥ соҕотох төлөпүөн эрэ улахан сири, тас эйгэни кытта ситимнээтэр да, дьон-киһи бэрт үчүгэйдик, ньир-бааччы, тэринэн олорор. Нэһилиэк баһылыга Василий Иннокентьевич: «Быйыл наһаа тыалырда, сири-дойдуну куурдан кэбиспэтэ буоллар», – диэн баҕа санаатын үллэстэр.
Айылҕа хаамыытынан тымтыктанан олорор тыа сирин дьоно сылаас дьиэлээх, бэйэ оҥорон таһаарар астаах-үөллээх, ынахтаах, сылгылаах, быйаҥнаах сирдээх-уоттаах, ону кытта дьон үлэлииригэр, олороругар сөптөөх усулуобуйалаах буоллахтарына – тыа сирэ тыыннаах!
Раиса Чирикова