Балтараа үйэттэн тахса саастаах Иннокентьевскай таҥара дьиэтэ чөлүгэр түһэриллиитин туһунан

Кэлиҥҥи кэмҥэ улууска историческай суолталаах былыргы таҥара дьиэлэрин реставрациялаан, саҥардан, чөллөрүгэр түһэрии үтүө үлэлэрэ оҥоһуллар буоллулар. Ол быһыытынан бу күннэргэ Дулҕалаахха быраҕыллан турбут таҥара дьиэтин чөлүгэр түһэрии үлэтин бастакы этаба түмүктэммитин үөрүүлээхтик бэлиэтээтилэр.

Дулҕалаахтааҕы таҥара дьиэтэ былыр, Пиэрибэй Дьуһаал нэһилиэгэр, Томторго, 1866 сыллаахха тутуллан бүппүт, 1867 сыллаахха сибэтии буолбут Иннокентьевскай таҥара дьиэтэ диэн этэ. Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин иннинэ Дулҕалаахтааҕы Иннокентьевскай таҥара дьиэтэ Дьааҥыга Пиэрибэй, Үһүс Дьуһаал нэһилиэктэрин уонна көс олохтоох Түгэһиир эбээннэрин (билиҥҥи Эбээн Бытантай улууһа) таҥара дьиэтин сулууспатынан түмэр, икки аҥар тыһыынчаттан тахса киһилээх нэһилиэнньэни хабар соруктаах Дьокуускай Уобалас хоту эҥэригэр биир улахан таҥара дьиэтэ этэ. 1910 сыллаахха манна өссө церковнай-приходской оскуола аһыллыбыта. Дьааҥыга маннык курдук улахан, киэҥ сири, нэһилиэнньэни хабар приходтаах таҥара дьиэтэ Верхоянскай куоракка уонна билиҥҥи Боруулаах нэһилиэгин Томторугар бааллар этэ.

Сэбиэскэй былаас саҕана Дулҕалаахтааҕы таҥара дьиэтэ бастаан олохтоох сэбиэт, кулууп дьиэлэрэ буола сылдьыбыта. Ааспыт үйэ 30-с сылларын саҥаларыгар, сэбиэскэй былаас таҥара итэҕэлин утары ыытар хампаанньатын саҕана, Дулҕалаах таҥаратын дьиэтин куолакалларын, кириэстэрин суулларбыттара. Куолакалларын Верхоянскай куоракка тиэйэн барбыттара диэн буолар. Таҥара дьиэтин сорох ис тэрээһинин маллара, иконалара Дулҕалаах оскуолатын кыраайы үөрэтэр музейыгар 90-с сыллар саҥаларыгар диэри бааллар этэ. Таҥара дьиэтин биир кырачаан куолакала сэбиэскэй былаас устатын тухары, 90-с сылларга дылы, Дулҕалаах оскуолатыгар оҕолору уруокка ыҥырар тэрил буолан туһалаабыта.

Ааспыт үйэ 50-с сылларыттан таҥара дьиэтэ туохха да туттуллубакка, быраҕыллан турбута. 70-с сыллар саҥаларыгар спорт саала оҥоруох курдук буолан иһэн тохтообуттара. Онтон хас да сыл сопхуос ыскылаата буола сылдьыбыта. Ол түмүгэр таҥара дьиэтин иһигэр элбэх сиэмэнтэ тобоҕо ардах уутугар илийэн, муостаҕа сорох сиринэн түннүккэ тиийэр таастыйбыт халыҥ араҥа буолан сыппыта.

Таҥара дьиэтин, улахан историческай суолталааҕынан, чөлүгэр түһэрии бастакы үлэтэ 2013-14 сылларга, В.П. Стручков Дулҕалаах нэһилиэгин баһылыга эрдэҕинэ саҕаламмыта. Нэһилиэк ис үбүнэн таҥара дьиэтин үрдэ саҥардыллыбыта, кириэстэр туруоруллубуттара, түннүктэрэ олордуллубута. Салгыы 2018-19 сылларга Дулҕалаах баһылыга Д.Д. Колесов, улуус мунньаҕын дьокутаата В.В. Кривошапкин, Дьокуускайга олорор В.П. Стручков көҕүлээһиннэринэн, боппуруос саҥаттан туруоруллубута. Саха сиринээҕи Епархия сүбэһитэ А.В. Мигалкин, Арктика миниистирэ В.Н. Черноградскай нөҥүө кэпсэтиилэр, сүбэлэһиилэр түмүктэринэн, Дулҕалаахтааҕы Иннокентьевскай таҥара дьиэтин толору чөлүгэр түһэрэр үлэни меценатскай көмө быһыытынан үбүлүүр тэрилтэ, киһи көстүбүтэ. Дьааҥы улууһугар «Сентачан» месторождениеҕа үлэлиир «Звезда» АУо тэрилтэ генеральнай дириэктэрэ Р.Н. Худолий манна сөбүлэспитэ, үп-харчы көрбүтэ. 2021 сыл Дулҕалаах дьаһалтатын кытта дуогабардаһан, олохтоох индивидуальнай предпринимателлэр Нь.В. Сыромятников, Р.В. Сыромятников таҥара дьиэтин ис бараанын чөлүгэр түһэрии үлэтин саҕалаабыттара. 2022 сыл күһүн бүтэр диэн былааннаммыт үлэ, ити сайын улууска улахан халаан уутун аймалҕанын содулугар ситэриллибэккэ хаалбыта. Ол бу күннэргэ ситэриллэн, Дулҕалаах Иннокентьевскай таҥара дьиэтин толору чөлүгэр түһэрии бастакы этаба түмүктэннэ.

Нэһилиэк олохтоох дьаһалтата бу суолталаах үлэни, түмүгү бэлиэтиир тэрээһини оҥордо. Нэһилиэк баһылыга Е.М. Ноговицына Иннокентьевскай таҥара дьиэтин чөлүгэр түһэрии сыала-соруга нэһилиэк олоҕор, инникитигэр духуобунай, историческай суолтатын бэлиэтээтэ уонна үлэни толорбут Нь.В. Сыромятниковка, Р.В. Сыромятниковка махтал суруктары туттарда. Тэрээһиҥҥэ кыттыбыт нэһилиэк олохтоохторуттан элбэх үтүө алгыс, махтал тыл этилиннэ. Дулҕалаахтааҕы Иннокентьевскай таҥара дьиэтин толору чөлүгэр түһэрэр үлэ иккис этаба ситиһиилээхтик тэриллэн, сотору кэминэн, бүтүн үйэ ааспытын кэннэ, Иннокентьевскай таҥара дьиэтин куолакаллара Дулҕалаах үрдүнэн үтүөҕэ ыҥыран саҥаттан лоҥкунуохтара диэн эрэллэрин эттилэр.

Владислав Кривошапкин

Читайте дальше