Истиҥ көрсүһүү

Аныгы олох тэтимигэр тэҥҥэ олорсон, араас көлүөнэ дьон, сыл аастаҕын, ырааттаҕын аайы, ол диэбэккэ, ахтыспыттыы, оҕо сааһы эргитэ түмсэр буоллулар. Бүтүн өрөспүүбүлүкэ да үрдүнэн уопсай биллэрии ыытан Сахабыт сирин киинигэр тиийэ көрсөллөрө үгэскэ киирдэ диэххэ сөп. Ол курдук, күн уһаабытын кэннэ, элбэх тэрээһиннээх кулун тутар ый биир үтүө түһүлгэтинэн бииргэ үөрэммит үөлээннээхтэр – Дьааҥы улууһун Арыылаах орто оскуолатын бүтэрбиттэрэ 45 сыллаах үбүлүөйүгэр 19 кылааһынньык көрүстүлэр. Онно Сартаҥтан, Арыылаахтан, Дулҕалаахтан, Суордаахтан, Дьокуускайтан, Уус-Алдантан, Намтан тиийэ кэлэ мустан, кулун тутар 22-23 күннэригэр бэрт сэргэх, хас да үктэллээх түһүмэхтэн турар көрсүһүүнү тэрийдилэр.

Ол туһунан ити кэм оскуолатын выпускнига, СӨ Социальнай сулууспаҕа туйгуна, СӨ «Үлэҕэ килбиэн иhин» бэлиэ хаhаайката, «АНО Дьүөгэ» тэрилтэ салайааччыта Клавдия Христофоровна Попова маннык кэпсээтэ: «19 киһи мустан, нэһилиэк бары араҥатын хабан туран, тэрээһиммит үрдүк таһымнаахтык ыытылынна. Ол курдук, маҥнайгы күн улахан кылаас үөрэнээччилэргэр наһаа туһалаах көрсүһүү, санаа атастаһыы буолан ааста.  Аан тылы СӨ профессиональнай үөрэхтээһиҥҥэ туйгуна, Уус-Алдан Найахы орто оскуолатын дириэктэрэ Мирияна Кононовна Сивцева үлэлии сылдьар оскуолатын ситиһиилэрин, араас бырайыактарга үлэ ыытылларын сырдатта, идэни сөпкө талыыга сүбэлэри биэрбитин үөрэнээччилэр сэргээтилэр. Ол кэннэ Дьааҥы, Эбээн-Бытантай, Алдан оройуонугар уһун кэмҥэ судьуйанан үлэлээбит Илларион Илларионович Васильев элбэх сүбэлэри, уопсастыбаҕа хайдах тутта-хапта сылдьыллыахтааҕы, хайдах судьуйаҕа тиийэ үүммүт кистэлэҥнэрин кэпсээтэ. СӨ тыа хаhаайыстыбатын туйгуна, Нам улууhун Салбаҥ нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, нэһилиэк баһылыгар тиийэ үүммүт, Дьааҥы сылгытын Өрөспүүбүлүкэҕэ тиийэ тарҕаппыт Афанасий Христофорович Новиков олоххо көрсүбүт түгэннэриттэн, тыа хаһаайыстыбатын уонна салайар үлэ диэн тугун-ханныгын, туох ыарахаттардааҕын туһунан кэпсээтэ».

Бу тэрээһиҥҥэ элэйбэт эрчимнээх, улахан дьиэ-кэргэн ийэтэ, ааспыт сылларга Саха сирин биир бастыҥ туонатыгар Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Далбар Хотун» күрэҕэр Аартыка биир улахан улууһун Дьааҥы аатын көмүскээн кэлбит дьахтар хамсааһынын биир эмиэ көҕүлээччитэ, бастыҥ уопсастыбанньык Клавдия Христофоровна Попова тэриммит тэрилтэтин үлэтинхамнаһын бар дьон иннигэр билиһиннэрдэ, ону кытта уһун кэмҥэ оҕо иитиитигэр, билигин социальнай участковайынан ситиһиилээхтик улэлии-хамныы сылдьар Антонина Васильевна Слепцова  идэ талыытыгар элбэх сүбэлэри биэрбитин сырдатта.

Онон Арыылаах орто оскуолатын бүтэрбиттэрэ 45 сылын туола охсубутугар, ону бэлиэтии мустубут үөлээннээхтэр умнуллубат көрсүһүүгэ ахтыылаах санааларын этэн оҕо саастарын аҕыннылар, Бала олохтоохторун сэргэх кэпсээннэринэн сэргэхситтилэр, үүнэн эрэр көлүөнэҕэ туһалаах сүбэни-аманы биэрдилэр.

Билигин ыал эбээлэрэ, эһээлэрэ буолбут, сиэннэрин үөрүулэринэн, ситиһиилэринэн кынаттана сылдьар кылааһынньыктар киһиэхэ доруобуйа саҕа күндү бу сиргэ суоҕун, чөл олох ыччаты иитиигэ суолтата улаханын, ону кытта бэйэ оҥорон таһаарар аһа-үөлэ туһатын, эккэ-хааҥҥа иҥэмтэлээҕин туһунан сырдаттылар. Үүнэр көлүөнэҕэ олоххо көстөн ааһар куһаҕан дьаллыкка ылларбакка, эксээмэни этэҥҥэ туттаран, сөптөөх идэни талалларыгар баҕа санаа бастыҥын анаан эттилэр. 

Күн ортотун ааһыыта оҕо саастарын санатар ыллыгынан Халтаҥ хайатыгар тахса сырыттылар.  Билигин төһө да маҥан хаарынан үллүктэнэ сыттар, 45 сыл анараа өттүгэр, манна, уол кыыска ууммут  араҕас сибэккитин ырыаҕа ылламмыт, хоһооҥҥо холбоммут урукку  ньургуһуннаах Халтаҥ хайата  элбэх  сырдык кэмнэри өйдөтөн ылбытыттан эдэрдии эрчимирбит дьон сибиэһэй салгынынан тото-хана тыыннылар, сырдык санаа саппаҕырбат киҥкиригэр киирэн оскуола саҕанааҕы  умнуллубат түгэннэртэн санаан-ахтан аастылар.

Күннээх халлааҥҥа маҥан хаар оройун сылыттыбыттыы сэргэхсийэ өндөллүбүккэ дылы көстүүлэммит Халтаҥ хайатыгар алгыс арчылаах сиэр-туом ыытылынна. Клавдия Христофоровна Попова Үрдүк Айыылартан көрдөһөн аал уоту аһатан, айылҕалыын алтыһан сири-дойдуну арыылаах алаадьынан айах тутан күндүлээтэ.

«Үөрэммит оскуолабытын кэмнэрин санатан, оонньоон-көрүлээн, чэпчээн, ыраастанан, эт үөлэн шашлыктаан, төрөөбүт Дьааҥыбыт бастыҥ аһын минньигэстик аһаан, эдэрдии эрчимнэнэн сүрдээх үчүгэйдик сынньанныбыт», дииллэр, ыраахтан-чугастан түмсүбүт кылааһынньыктар Илларион Илларионович Васильев, Афанасий Христофорович Новиков, Мирияна Кононовна Сивцева, Зоя Степановна Сотрудникова, Розалия Михайловна Новикова, Александр Павлович Слепцов, Дмитрий Павлович Васильев уонна да атыттар.

 Быйылгы сыл Арассыыйаҕа дьиэ-кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас уонна Дьааҥыга история сылларынан бэлиэтэммитин этэн туран аҕам саастаах көлүөнэ бу мустуута 2024 сыл бары хайысхатыгар ситиhиилээх, саҥа арыйыылардах, сонун көрүүлэрдээх буоларыгар ананна.

Тэрээһин биир түһүлгэтинэн тыа сиригэр диэн ааттаах Табалаахтааҕы АНО «Дьүөгэ» салайааччыта ыытар үлэтин-хамнаһын, Анал  байыаннай дьайыыга  аналлаах  үлэ-хамнас туһунан сырдатыыта өрөспүүбүлүкэҕэ бу хайысханан элбэх үлэҕэ кытта сылдьар ийэлэр, эбээлэр «Илии  сылааһа»  аахсыйа хамсааһынын туһунан хаартыскаларынан таҥыллыбыт презентация нөҥүө иһитиннэриини  онордо.

Мирияна Сивцева Найахы агро-оскуолатын үлэтин ситиһиитин туһунан презентация көрдөрөн, кэпсээн сэҥээриини ылла. Ону тэҥэ Арассыыйа ийэлэрин түмсуүлэрин кыттыылааҕа, Дулҕалаах нэһилиэгин иһинэн уопсастыбаннай хамсааһын сүрүннээччитэ Антонина Слепцова түмсүү ыытар үлэтин туһунан иһитиннэрдэ.

Арыылаах нэһилиэгэр ыытыллыбыт оскуоланы бүтэрбиттэрэ 45 сыллаах үбүлүөй ыалдьыттарын олохтоох нэһилиэк кэрэ аҥардара астаабыт минньигэс тортарынан күндүлээтилэр. Кылааһынньыктар маанытык тэниччи тардыллыбыт алаадьылаах саламааттаах, итии чэйдээх сандалы тула олорон истиҥ иһирэх кэпсэтиилээх дьоро түһүлгэлэрэ Арассыыйаҕа бастыҥ култуура дьиэтин аатын ылбыт Арыылаахтааҕы култуура Киинин дириэктэрэ, хайыһар спордун көҕүлээччи, ырыа айааччы, талааннаах музыкант Олег Викторович Домнин хормуоскатынан доҕуһуоланна.

Иккис күн  нэһилиэнньэҕэ анаан «Арыылаах орто оскуолатыттан кынаттанан»  диэн кинигэ — альбом сүрэхтэниитэ ыытылынна – өйдөбүнньүк сувенирдар, «20 сыллаах көрсүһүү» 1999 сыллаахха уһуллубут видеолара көһүннүлэр. Кырдьаҕас учуутал Герасим Спиридонович Павлов үөрэнээччилэригэр эппит кэс тыллаах  истиҥ этиилэрэ, учууталлар сырдык ымыылаах этиилэрэ, оскуоланы санатар, оҕо сааһы эргитэр элбэх көстүүлэр көһүннүлэр. «Түргэнин, 45 сылбыт тиийэн кэлбититтэн, бу орто дойдуттан күрэммит оҕолорбут барахсаттар элэҥнээн ааспыттарыттан олус долгуйдубут,  ол быыһыгар икки үчүгэй үөрэнээччигэ анаан Дьокуускай куораттааҕы «Сосновый бор» оҕо  лааҕырыгар путёвка, оскуоланы бүтэрэр оҕоҕо үгэс буолбут харчынан стипендия,   оскуола скверигэр сынньанар скамейка бэлэхпит туттарылынна. Ол быыһыгар, бу элбэх буолан түмсэрбитигэр сибиэһэй убаһа этинэн, хаанынан, хартатынан күндүлээбит Дьөһөгөй куттаах доҕорбутугар Александр Павлович Слепцовка, учууталларбытыгар, иитээччилэргэ умнубакка сэмэй бэлэхпитин туттардыбыт. Ырыа ыллаан, оскуолаҕа үөрэнэр кэммитигэр хаһан да сыанаҕа тахсыбатах дьон сценкаҕа оонньоотулар.  Биһигини кытта үөрэммит, Дьааҥы төрүт былыргы мурун, хабарҕа, таҥалай ырыаларын ыллаан хаалларбыт Мария Николаевна Слепцова — Кустуй Маарыйа сыдьаана Марина Христофоровна Васильева  «Доҕотторбор» диэн ырыата сүрэхтэннэ. Олохтоохтор сэргэхсийэн сонун нүөмэрдэри көрөн-истэн «Наһаа элбэх буолан мустубуккут, көрөргө үчүгэйэ сүрдээх, атын выпусктарга холобур буолаҕыт», – диэн хайҕалллаах махтал тылларын эттилэр. Банкеппытыгар ылбаҕай ырыа, кэрэ кэпсээн, ахтыһыы булан үөрдүбүт, оонньуу бөҕө оонньонно, бириис бөҕөтүн туттубут, оhуохайдаан хаамыстыбыт, оҕо сааспытын санаан үҥкүү-битии эриэккэһэ буоллубут дииллэр.

Ити курдук умнуллубат көрсүһүүнү тэрийиспит үөлээннээхтэригэр махтаннылар. Ону таһынан, айаннарын суоппарыгар Дмитрий Васильевка,  тэрээһиҥҥэ күүс-көмө буолбут культура дьиэтин улэһиттэригэр, оскуола баай ис  хоһоонноох музейын салайаааччытыгар Розалия Новиковаҕа уонна истиҥ түһүлгэлээх көрсүһүүгэ кыттыыны ылбыт олохтоох нэһилиэнньэҕэ, оскуола үөрэнээччилэригэр, учууталларга  махтаннылар.

Күн-дьыл, сыл-хонуқ биллибэккэ элиэтээн аастаҕын аайы, атын саас, ураты кэм кимэн кэлэн истэҕин аайы умнуллубат оҕо саас, оскуола саҕанааҕы кэмнэр ырааттар ыраатан иһэллэр, сылаас санаа биһигэр суураллаллар. Ол да иһин, бииргэ үөрэммит кылааһынньыктары кытта өссө биирдэ оҕо сааска оҕо буолан ылыы түгэннэрин өйдөтөр түhүлгэлэргэ мустан олорон кэлбит олох холобур буолар үлэтин-хамнаhын, сүбэтин-аматын саҥа кэм оҕотугар, ыччатыгар тиэрдии – маннык тэрээһиннэр сыаллара буоларын бу 45 сыллаах үбүлүөй ыытыллыытыттан холобур оҥостуохха сөп.

Раиса Чирикова

 

 

Читайте дальше