Арктика үөрэҕин хаачыстыбата

Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бэлиэтээбитинэн, Арктика сирдэрин кэлимник баһылааһын уонна тупсарыы Россия биир кэлим тосхоло буолар. Бу былааҥҥа үөрэх Арктика сайдыытын, Арктика потенциалын олоххо киллэрии уонна баһылааһын сүрүн төрүтүнэн буолар.

Саха сиригэр, Российскай Федерация атын арктическай регионнарыгар курдук, кэккэ кыһалҕалары көрсөр, ону тэҥэ сайдар кэскиллээх.

Олунньу 20-21 күннэригэр 2024 с. Үөһээ Дьааҥы улууһугар Баатаҕай бөһүөлэгэр РФ дьиэ кэргэн сылыгар, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо сылыгар, төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр аналлаах Дьааҥы бочуоттаах гражданина, 50 сыл ыстаастаах Саха тылын учуутала, краеведа Анна Дмитриевна Чирикова 100 сааһын бэлиэтиир Арктика үөрэҕириитин сайыннарыы республикатааҕы форум үрдүк таһымнаахтык ааста.

Арктическай үөрэх форума «Саха Республикатын Наукаларын академиятын төрөөбүт тылларын харыстыыр уонна сайыннарар киин» туруорсуутунан ыытыллар. Бу форуму көҕүлээччилэринэн 13 Арктика улуустарын үөрэх салалталарын салайааччылара буолаллар. Форумҥа Үөһээ Дьааҥы, Эбээн-Бытантай, Усуйаана уонна Өлөөн оройуоннарын педагогическай общественноһын бэрэстэбиитэллэрэ 300-тэн тахса киһи кытынна. Хомойуох иһин, сибээс уонна Интернет кыһалҕаларыттан бары ВК-ка кыттар кыаҕы ылбатылар. Усуйаана улууһуттан 40-тан тахса киһи, Эбээн-Бытантай улууһуттан 30 тахса, Дьааҥы улууһун бары нэһилиэктэриттэн кыттыыны ыллылар. Таһырдьа 50 тахса кыраадыс тымныыны аахсыбакка дириҥ ис хоһоонноох үлэ ааста.

Форум площадкатыгар икки күн устата тенденция, кыахтар уонна проблемалар дьүүллэстилэр, ону тэҥэ Арктика үөрэҕин биир кэлим тиһигин усулуобуйатыгар Арктика үөрэхтээһинин кэскиллээх хайысхаларын олоххо киллэрии механизмнарын оҥордулар. Арктика үөрэҕин сайыннарыыга «Суол каартата» бырайыак оҥоһулунна.

Форум кыттыылаахтара Российскай Федерация Арктика зонатын атын регионнарын уопутун үөрэтиигэ; Арктика оройуоннарын үөрэх тэрилтэлэригэр аналитическай уонна методическай үлэни ыытыыга; алын сүһүөх үөрэнээччилээх оскуолалары (ШНР) дьиҥнээх өйөөһүн; орто профессиональнай үөрэхтээһин тэрилтэлэрин ситимин салгыы сайыннарыы наадатын тоһоҕолоон бэлиэтээтилэр. «Арктика оҕолоро», «Арктика учуутала», «Кочевой үөрэх» уо. д. а.

Ону тэҥэ кинилэр Саха сирин хотугу уонна Арктика оройуоннарыгар олорор оҕолор сынньалаҥы, аһы-үөлү уонна чэбдигирдиини тэрийии, ол иһигэр сайыҥҥы көс оскуолаларга, тыллары уонна атын лааҕырдарга үгэс буолбут уратыларын учуоттаан, нормативнай акталары ырытан оҥоруу уонна бигэргэтии наадатын ыйдылар; үүнэр көлүөнэҕэ төрөөбүт тылларын-өстөрүн уонна культураларын быыстала суох биэрэр төрөппүттэр икки ардыларынааҕы ситимнэри стимуллааһын уонна социальнай өйөбүл механизмнарын ырытан оҥоруу, ону тэҥэ научнай арыаллааһынынан бастыҥ дидактическай уонна методическай разработкалары таһаарыы механизмнарын оҥоруу.

Форум кыттыылаахтара саамай тирээн турар кыһалҕанан педагогическай кадрдар тиийбэттэрин бэлиэтээтилэр. Итинэн сибээстээн «Арктика учуутала» диэн ааттаах федеральнай программаны ырытан оҥорорго этии киллэрдилэр; Арктика уонна хотугу улуустар доруобуйа харыстабылын учреждениеларын педагогическай үлэһиттэрин олорор дьиэнэн хааччыйыы «дьаһал чэрчитинэн республика Арктика уонна хотугу улуустарга үлэлиир эдэр специалистарга үлэ дуогабарын түһэрсэн, биир кэмнээх төлөбүр кээмэйин 70 %- нын улаатыннарарга; Арктика оройуоннарыгар олох-дьаһах социальнай усулуобуйатын учуоттаан, педагогическай үлэһиттэр дохуоттаах олохторун хааччыйыыга; Арктика оройуоннарыгар биир кэлим кадр резервэтин тэрийиигэ уонна да атын элбэх.

Форум үлэтин түмүгүнэн кыттааччылар республика 13 Арктика оройуоннарын холбуур «Арктическай үөрэхтээһин» диэн улахан бырайыагы тэрийэр уонна олоххо киллэрэр туһунан уопсай быһаарыы оҥордулар. Бырайыактыыр офиһынан саха Республикатын Арктическай оскуолатын анаатылар. Инники үлэҕэ-хамнаска олус элбэх этии, үлэ хайысхаларын чуолкайдыырга бырайыак олоххо киириитигэр эппиэтинэстээхтик быһаарыллыаҕа. Бары бииргэ үлэлииргэ интэриэстээх буоларгытыгар ыҥырдылар.

Уһук хоту сир усулуобуйатыгар үөрэх тэрилтэлэрэ уонна учууталлар ураты болҕомтолорун уонна өйөбүллэрин эрэйэллэр. Итинник улахан дьаһалы ыытыы биһиги республикабыт Арктика оройуоннарыгар хаачыстыбалаах үөрэҕи хааччыйыыга бииргэ үлэлээһин көдьүүһүн үрдэтиигэ, педагогическай общество уонна социальнай бииргэ үлэлээһиннэри сайыннарыыга көмөлөһөр.

Дария Колесова

Читайте дальше