Сылгы иитиитэ саамай элбэх ороскуота суох, биир барыстаах салаабыт буолар. Кини таһырдьа сылдьар сүөһү буолан киниэхэ аналлаах ыарахан сыаналаах хотоннор, элбэх араас техника наадата суох.
Урукку сылларга сылгы баазатыгар биир муҥха, 1-2 төгүрүк бүтэй уонна сылгыһыттар дьиэлэрэ, сарай, бадыбаал баар буолара. Ол барыта олохтоох прорабтар уонна зоотехниктар бырайыактарынан, совхоз бэйэтин үбүнэн, күүһүнэн туталлара. Совхозка үлэлии олорон 20-тэн тахса сылгы базатын туттарбытым, дьэ онно сылгыһыттар барахсаттар наһаа үөрээхтиир этилэр. Ол базалар билигин да туһалыы тураллар, арай ыраах үрэх бастарын сирдэригэр тутуллубут базалар иччилэрин күүтэн, иҥнэйэн баран тураахтыыллар. Кэлин тыа хаһаайыстыбата үбүлээн син балайда элбэх сиргэ сылгы баазалара тутуллан эрэллэрэ олус үчүгэй.
Билиҥҥи үйэҕэ сылгы баазата аныгылыы кэмҥэ эппиэттиир гына тутуулардаах буолара наада. Ол иһин сылгыны үөрдээн, кыттыһан (кооперациялан) кырата 100 биэттэн 400 биэҕэ диэри гына иитии ыытыллара наада. Дьэ маннык тэриммит хаһаайыстыбаларга, бөһүөлэктэн ыраах сытар сирдэргэ сылгы иитиитигэр үчүгэй баазалары тутуу олус улахан оруолу ылыа этэ. Сылгы базатын тутар сир үрдүк, кытаанах сааскы, сайыҥҥы уу ылбат сирэ буолуохтаах. Тула өттө элбэх ходуһа, мэччирэҥ сирэ элбэх буолара олус үчүгэй. Сылгыһыттар дьиэлэрэ аныгылыы матырыйаалларынан тутуллубут кырата 2 дьиэ, өссө туалета, уута-хаара барыта дьиэ иһигэр баар гына оҥоһуллара наада. Сорох сылгыһыттар сайын кэргэттэрэ, оҕолоро кытта кэлэн сылгы үлэтигэр, от оттооһунугар, сир астааһыныгар көмөлөһөн барар курдук. Урукку сылларга аатырбыт сылгыһыттар кэргэттэрэ сайын оҕолорун кытта кэлэн сылгы үлэтигэр, от оттооһунугар наһаа төһүү күүс буолаллара. Маннык дьиэнэн кэлэн олорор сылгыһыттар олохторо, дьиэлэрэ-уоттара наһаа үчүгэй, ыраас буолара. Саас сылгы төрүөҕүн саҕана сылаас бэрэскинэн, пельменинэн, күһүн оҕуруот араас аһын, оҕурсу сии олорор буолаллар. Таһынааҕы холостуой сылгыһыт уолаттар асаһа олорор буолааччылар. Билиҥҥи үйэҕэ кыра уматыгынан, күн уотунан үлэлиир станциялар элбэхтэр. Аны сылгыһыт киһи күнү быһа таһырдьа сырыттаҕына дьиэни сылыта турар аналлаах оһохтор эмиэ бааллар. Төһө да тэйииччи ыраах олордоллор аан дойду олоҕун барытын көрө, истэ олорор аныгы телесибээс эмиэ арааһа баар. Онон дьиэ аныгылыы тутуулаах буолуохтаах. Аны билиҥҥи сылгыһыттар сылгыларын дронунан көрө олороллоругар, космос нөгүө сибээһи, телевизоры көрө олорорго сылаас дьиэ-уот наада, тоҥ дьиэҕэ ол аныгы тэриллэр олох үлэлиэхтэрэ суоҕа.
Сылгы муҥхата (раскола) эмиэ тупсаҕай, кээмэйэ сылгы төһө элбэҕиттэн көрөн тутуллуохтаах, урут муҥха кээмэйэ 80х80, 100х100 метр оҥорор этибит. Сылгы тутар хаамыра эмиэ биир үөргэ анаан 10х10м гына оҥоһуллар, хаамыра төһө киэҥ да сылгыһыкка сылаалаах, сылгылар түргэнэ бэртик эргийэр буоланнар сатаан оҕуурдаан испэккин, соһуута эмиэ кылгас буолара наада. Сылгы ыраастыыр, бэчээттиир, эмтиир хаамыра эмиэ оруобуна кээмэйдээн оҥоһуллар, кырата 5-7 буолара үчүгэй, ол эбэтэр 1 үөрү иккитэ киллэрэр гына. Элбэх сылгы киирдэхтэринэ бэйэ бэйэлэрин көрөн уоскуйаллар, тэһииргээбэттэр. Бу кыбычыын хаамыра муосталаах уонна үөһээ сарайдаах буоллаҕына өссө үчүгэй, кээмэйдииргэ, эмтииргэ, ыраастыырга сынньалаҥ буолар. Муҥха хаамыралара хас да буолар, сылгыны таһаарар, киллэрэр, от-эбиэс түһэрэр.
Сылгыны массыынаҕа куруустуур, сүөкүүр эстакада баар буолара наада. Хас раскол аайы 1 сүөһү ыйыыр ыйааһын наада. Ыйааһын ордук эдэр сылгыһыт индикатора буолар, ыйааһын түмүгүнэн көрө олорон сылгыҥ туруга хайдаҕын билэҕин. Аатырбыт Өймөкөөн сылгыһыта Н.Т.Винокуров 400 хаар сылгытыгар 20-тэн тахса араас иэннээх бүтэйдээх, аны онно сүөһү ыйыыр ыйааһыннардаах. Ол иһин сыл аайы ханнык баҕарар айылҕа усулуобуйатыгар сөптөөх эбии аһылыгы биэрэн, сыл аайы 80-90% кулуну ылар. Дьэ ол иһин саҥа сылгы баазатыгар кырата 4 бүтэй тутуллуон наада. Бүтэй – сылгыһыт доҕоро, атаһа, онтон сылгыга буоллаҕына ампаардаах аһа. Кыра сылгыны убаһаны кыһын аһатарга хаһаа эбэтэр сарай тутуллара эмиэ үчүгэй. Саамай үчүгэйэ кыра үрүйэ, күөл тоҕойун бүтэйдиир олус үчүгэй, сайын сүөһү киирбэт, кыһынын кыра сылгыны хаһыы аҥардаах отунан, эбиэһинэн аһатаҕын, ол бөһүөлэк иһигэр туруоран аһаппыккынааҕар 2 төгүл аҕыйах аһылык ороскуоттанар. Урут кырдьаҕас сылгыһыттар 80 төбө убаһаны 7.5 цн отунан, 2 куул эбиэһинэн наһаа эмис кыстатан таһаарааччылар. Аныгы сылгы баазатын тутуу специалистара ааҕан-суоттаан смета оҥоруо этилэр. Сылгы бөһүөлэктэн 50 км иһигэр турар буоллахтарына күһүн бөһүөлэккэ аҕалан сүөһү өлөрөр былассаакаҕа идэһэлиэххэ сөп. Күһүҥҥү идэһэ саха киһитин үөрүүтэ, кута буолуохтаах, син биир күһүҥҥү муҥха курдук. Бөһүөлэк киһитэ барыта сибиэһэй аска тиксэ сатыахтаах. Онтон ыраах иитиллэр сылгыларга миэстэтигэр кыракый сүөһү өлөрөр былассаакалары оҥоруохха сөп.
Онон, сылгыһыт олорор, үлэлиир усулуобуйатын тупсардахпытына эдэр дьон сылгы ииттэ сатыахтар этэ. Сылгыны сатаан ииттэхпитинэ, элбэх эти оҥордохпутуна саамай аныгы бириэмэҕэ эппиэттиир рыночнай табаарбыт буолуо этэ.
Сылгыһыт уола