Алыһардаах нэһилиэгин туруу үлэһит далбар хотуна

Нэһилиэнньэ дохуоттаах буоларын ситиһэргэ, дьиэ-кэргэн экономикатын сайыннарарга аналлаах тыа хаһаайыстыбатын бырагыраамалара үлэлииллэр. Онон тыа сирин дьонугар дьоҕус хаһаайыстыба тэринэллэригэр үлэ ыытыллар. Дьиэ кыылларын ииттиигэ Дьааҥы оройуонун Алыһардаах учаастагын олохтоохторо Рожиннар дьиэ-кэргэн дьиэ кыылын ииттибиттэрэ быйыл бэһис сылыгар барда. Бастакы саҕалааһыннара – Баатаҕайга олорор дьонноро көтөрдөрүн кыстатан туруорар сирдэрэ суол буолан Рожиннарга туруортарбыттар.

«Уонна куораттан инкубатор ылан таһаарбытым, бастакы саҕалааһыммыт итинник. Быйыл ынах төрүөҕэ эрдэ диэммин аҕыйах сымыыт инкубатордаабытым, сорох сымыыт иччитэ суох эбит. Ол да буоллар 15 чоппууска таҕыста. Мантан саас элбэҕи инкубатордыам. Бороҥ хаас сымыыттарын сакаастаабытым, ол куораттан кэллэҕинэ эмиэ инкубатордыам», – диир Анна Васильевна.

Улахан дьиэ кэргэн 12 сүөһүнү кыстатан туруорар, олортон 6-та ыанар ынах. Хотонноро төрүт сылаас олохтоох буолан оһохтоммоттор эбит. Онон 30-тан тахса кууруссалара, икки үрүҥ хаастара, кустара хороҕор муостаахтары кытта дьукаахтаһан сылаастык тутуллан олороллор. Сылгы ииттэр чааһынай хаһаайыстыбаларын дьиэ-кэргэн аҕата Владислав Софронович көрөр-истэр, уоллара Христофор култуура дьиэтин хачыгаара, кыыстара Яна Дьокуускайдааҕы медицинскэй колледж 3-һүс курсун устудьуона, кыра уол Үөттээххэ олорор, туһунан ыал.

Анна Васильевна инкубатордыырын сөбүлүүрүн, бу дьарыгын саҕалаабыта 4-5 сыл буолбутун туһунан сырдатар: «Син уопутурдум диэхэ сөп. Саха боруодатын кытта Ломан Уайт диэн үрүҥ сымыыттаах кууруссалары иитэбин, сымыыттарын былырыын куораттан ылларан бэйэм инкубатордаан таһаарбытым. Сылга элбэҕи таһаарабын – боруулаахтарга, табалаахтарга, адыаччыларга биэрбитим. Быйыл көтөрдөрбөр эбии индюк ииттэр баҕалаахпын. Сымыыты күн аайы кэриэтэ атыылыыр этим, билигин мунньа-мунньа атыылыыбын», – диир.

Сайынын от үлэтиттэн, оҕуруот, тэпэлииссэ көрүүтүттэн, ыабыт үүтүн туттарыыттан, кыһынын ынаҕын-сүөһүтүн бэрийиитэ, ол иһигэр көтөрдөрүн сылаас, сырдык уонна ыраас усулуобуйаҕа тутуу дьаһала, үлэтэ, барыта бу нарын, кэрэ ийэ хотун сымнаҕас итиитинэн, сылаас сүрэҕинэн дьаһаллар.

Кыһын кыстаан тахсалларыгар, чоппууска аһыгар эһиилгэ диэри тиийэр гына орочуоттаан, «Прокорм» диэн биирдии куула 5-тии киилэлээх 15-20 куул куурусса аһын Дьокуускайтан сакаастан ыллаттараллар, оттон улахан кууруссаларга 30 куул комбикорманы ыллаттарбыппыттара тиийбэт эбит.

Урут хаста да сибиинньэ ииттэн кыстата сылдьыбыттар, ол кэнниттэн кроликтары кытта козалары, дьэ онтон кустары, хаастары, кууруссалары ииттибиттэр. Анна Васильевна, – үчүгэйэ диэн кууруссаларым бары сымыыттыыллар, кустар, хаастар сайын сымыыттыыллар, диир.

Козалар, кроликтар

«Арай кроликтры, козалары эспитим. Козалар буруйу оҥороллоро элбэҕэ бэрт, үҥсүү бөҕө киирээччи – дьон оҕуруотун уораллар, дьону, оҕону эккирэтэ сылдьан кэйэлэллэр, курятникка киирэн кууруссалар астарын сиэбит буолаллар. Ол иһин сайыннары баайыыга туруора сатаабытым. Сайын түннүгү арыйдахха дьиэҕэ киирэн кэлэллэр, баанньык аана аһаҕас буоллаҕына, киирэн оһох үрдүгэр үтүрүһэ сылдьар буолаллар, хонууга сытар ынахтарым үрдүлэригэр да тахсыбыт буолаллар. Хайҕатаары «Король» уонна «Королева» диэн ааттаахтара. Оттон тэпилииссэбэр аанынан киирэн баран кэннинэн курдат тахсан барааччылар», – диэн, Анна Васильевна козаларын туһунан, туһугар көрдөөх түгэннэрдээх курдук да буоллар, салгыы кэпсиир, — «Мөхтөххө истэллэр этэ. Отоннуу барарбар илдьэ барааччыбын, онно тиийэн отонноон сииллэрэ. Хаһыытаан ыҥырдахпына бу баар буола түһээччилэр. Оттон үүт туттара бардахпына дьэ үҥсүү бөҕө киирээччи, оҕолорбор да итинник элбэх үҥсүү киирбэтэҕэ. Көмүскэһэ сатаан, бэрээдэккэ да үөрэтэ сатаан кыайбатаҕым. Билигин саныы-саныы күлэбин эрэ. Аны биир коза уот табахсыт этэ. Табах окурогын сыыччаан сиэччи, табах былдьаһан сүрдэнээччи, табаҕы буруолаппытынан сиэн кэбиһээччи. Онон, өссө биир коза төрөөбүтүн дьоҥҥо биэрбитим. Аны коза ииппэтэх киһи», – диэн сонньуйа кэпсиир. Анна Васильевна хоруолук да ииттэн көрбүт, ол туһунан «хоруолугу син элбэҕи ииппитим эрээри, бэйэм ииппит буоламмын этин сатаан сиэбэт этим, санаам буолбат этэ», – диир.

Далбар Хотун

Маннык туруу үлэһит дьонноох буолан Алыһардаах нэһилиэгэ сайдар, дьоно-киһитэ үрдүттэн сибиэһэй сымыытынан хааччыллаллар.

Анна Васильевна сайыннары, кыһыннары биир күн өрөбүлэ суох үлэ үөһүгэр сылдьар тыа хаһаайыстыбатыннан дьарыктанар Далбар Хотун. Хороҕор муостаахтарыттан, сыспай сиэллээхтэриттэн таһынан сайын 80-тан тахса ииттэр көтөрүн аһатар – хонуу аайы мэҥирэспит, сыһыы аайы сэгэлдьийэ сиэлбит, кырдал аайы хооҕурҕаспыт элбэх. Тохсунньуттан бастакы чопуускалар чуопчаардылар, сотору тиэргэн хаһаайыттара буолан чоочороҥноһуохтара турдаҕа. Анна Васильевна туһунан Айымньы кэриэтэ – ылбаҕай ырыаһыт, кэрэ кэпсээннээх ыалдьытымсах хотун, ынах, сылгы, көтөр арыаллаах Иэйиэхситтээх Ийэ, Алыһардаах, Адыаччы, Дьааҥы сирин биир бастыҥ Далбар Хотуна!

Тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга үтүө кылааттарын иһин, сыралаах үлэтин сыаналаан, 2023 сыл түмүгүнэн «Адыаччы нэһилиэгэ» муниципальнай тэриллии аатыттан, баһылык Вячеслав Вячеславович илии баттааһыннаах «Тыа хаһаайыстыбатын бастыҥ үлэһитэ» кырааматалаах анал аат номинациятын туппута. Дьааҥы маанылаах Киһитэ, Далбар Хотуна Анна Васильевна тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга үрдүк ситиһиилэринэн эҕэрдэлиибит! Тыа сирэ маннык дьонунан тутуллан турар.

Раиса Чирикова

Читайте дальше