От ыйын 27 күнүгэр буолбут Өрөспүүбүлүкэтээҕи 6 төгүлүн ыытыллар ыраах айан суоппардарын ыһыаҕа буолан ааста.
Дьааҥыттан төрүттээх суоппар уолаттар түмсэн, хамаанда туруоран онно кыттан, күрэхтэһэн Өрөспүүбүлүкэтээҕи ыраах айанньыттар күрэхтэригэр үһүс миэстэ буоллулар. Ыһыах аһыллыытыгар Дьааҥылар парады арыйан киирдилэр, өрөгөйдөөх чааһын биһиги Ил Түмэҥҥэ дьокутаат уолбут Сергей Сивцев эҕэрдэлээн арыйда уонна оройуон наҕараадаҕа түһэрбит Дьааҥы уолаттарыгар туттартаата:
— Тырааныспар министиэристибэтин аатыттан «Почетный работник автомобильного транспорта» бэлиэни Андрей Прудецкайга, Семен Чириковка, бочуотунай кырааматаны Григорий Гороховка, Константин Стручковка, Роман Корниловка уонна Юрий Соловьевка, махтал суругу Игорь Слепцовка уонна Павел Акимовка туттардылар.
— Гражданскай оборона миниистирин аатыттан Бочуотунай кырааматаны Николай Ивановка, Афанасий Алексеевка, Петр Чириковка уонна Вячеслав Другиҥҥа туттардылар.
— ОДьКХ министиэристибэтин аатыттан Бочуотунай кырааматаны Егор Чириковка, Иван Чириковка Эдуард Томскайга уонна Александр Александровка, махтал суруктары эдэр суоппардар Мирослав Бурцевка уонна Эдуард Томскайга туттардылар.
Ону таһынан, тэрийэр кэмитиэт биһиги Дьааҥы уолаттарбытыгар эмиэ наҕараада туттартаабыта — Всеволод Слепцовка «Почетный работник автомобильного транспорта» бэлиэ уонна да атыттарга кырааматалар, махтал суруктар туттарыллыбыттара.
Дьааҥылар бэйэлэрэ туспа ыһыахха түһүлгэ тэринэн, тото-хана аһаан, алгыстанан, түмсэн кыайыыларын үллэстэн, наҕараада бөҕө тутан бэйэлэрин түһүлгэлэрин иһигэр эҕэрдэлэһэн, бэрт үөрүүлээх, санаа көтөҕүллүүлээх күн буолла. Дьэ бу түһүлгэни, Дьааҥы суоппардарын хамаандатын ким тэрийбит, түмэ тардыбыт диир буоллахха — Дьааҥы землячествотын салайааччыта Ольга Прудецкая, Суордаах нэһилиэгин түмсүүтүн салайааччыта Кристина Алексеева буолаллар, куоракка буолар тэрээһиннэри тэрийэр, оройуон бастыҥ активистара, бары тэрээһиҥҥэ барытыгар инники күөҥҥэ сылдьар дьоммут. Бу дьон куоратка баар суоппардары хомуйан базаларыгар ыҥыран сүбэлэһэн, кэпсэтэн, спорт көрүҥнэригэр уолаттары тургутан көрөн хамаанда састаабын талан, сүбэ-ама бөҕө биэрэн саастаах суоппардартан хамаанданы бэлэмнээбиттэрэ.
Хамаандабыт күрэххэ салайар капитана Николай Иванов — Суордаах биир элбэҕи эрэннэрэр, үлэлээн-хамсаан аатын ааттаппыт, эдэр уолбут, Дьааҥыттан бастакы сабыс-саҥа Вольво авто көлөлөммүт ыччаппыт. Онно көмөлөһөөччү — Пётр Чириков. Ол түмүгэр Дьааҥыбыт хамаандата 3 миэстэ буолла. Бу икки уол көлүһэ ыһыыга-хомуйууга күрэхтэһии саамай анал суоппар идэтин бигэргэтэр көрүҥэр республикаҕа бастаатылар уонна урбаанньыт А. А. Третьяков туруорбут саамай Үрдүк көрдөрүүлээх спортсменнарга диэн «Тигр» саа сертификат туттулар. Остуолбаттан сылдьар Николай Борисов мас тардыһыытыгар 75 дылы ыйааһыҥҥа 2 миэстэ буолла, Егор Чириков 75 үөһээ ыйааһыҥҥа 3 миэстэ буолла. Хапсаҕайга 75 үөһээ ыйааһыҥҥа Александр Прудецкай эрэллээхтик 3 миэстэни ылла уонна дьэ саамай күүстээх-уохтаах уолаттар күрэхтэригэр УАЗ патриот массыына соһуутугар 3 бочуоттаах миэстэни ылла эдэр Адыаччыттан сылдьар суоппар уолбут Павел Акимов, дьааҥылар ааттарын түһэн биэрбэтилэр, хоту хоһуун уолаттара бааллар диэн билиннэрдилэр. Элбэх бэлэх, бириис туттулар. Уолаттар түмсүүлээхтэрин көрдөрдүлэр.
Маны таһынан, түһүлгэни тардыыга, киэргэтиигэ сүүрбүт-көппүт уолаттарбыт Егор Чириков, Павлик Акимов, Дима Попов, Дьулустан Горохов уо. д. а. Ким да аччык сылдьыбатаҕа, уолаттарбытыгар ыалдьа кэлбит дьааҥылар бары биһиги түһүлгэбитигэр үөрэ-көтө кэлэн аһаабыттара, истиҥник кэпсэппиттэрэ.
Бу ыһыахха суоппар уолаттары түмэ тарпыт, сомоҕолообут, оройуон хамаандатын туруорбут, туспа түһүлгэ тэрийбит, үөрдүбүт дьоммутугар Прудецкайдар уонна Алексеевтар дьиэ кэргэттэригэр махталбыт муҥура суох. Өссө да Дьааҥы туһугар дьоҥҥутун наар итинник түмэ сылдьаргытыгар! Түмсүүлээх буоларбыт үчүгэйэ сүрдээх!!
Приз 50000 харчыларын уолаттар сүбэлэһэн баран Верхоянскай куоракка сүппүт кыыьы көрдүүргэ дьонугар көмө гынан ыыттылар, этэҥҥэ оҕо көстөрүн туһугар.
Дьааҥы дальнобойщиктарын түмсүү ситим группатын аатыттан Григорий Горохов