Адыаччыга — үтүө санаа үлэтэ

Соторутааҕыта оройуоҥҥа биллэриллибит патриотическай иитии ыйа саҕаламмытынан бары нэһилиэктэргэ анал кэккэ тэрээһиннэр, үлэлэр саҕаланан эрэллэр. Адыаччы нэһилиэгэ туора турбакка тохтоло суох күүстээхтик ылсан үлэлэһэ, көхтөөхтүк кытта сылдьарын туһунан бар дьон бэркэ билэллэр, сэргииллэр.

Ол курдук, нэһилиэк дьоно-сэргэтэ бастатан туран ааспыт эрэ ыйга утуу-субуу анал байыаннай дьайыыга ыраатта балтараа сыл анараа өттүгэр атаарбыт биир дойдулаахтарын, хоһуун икки уолаттарын үөрүүлээх быһыыга-майгыга долгуйа көрүстэ. Санатар эбит буоллахха, ол син ырааппыт 2022 сыл күһүнүгэр хомуллан барбыт уолаттартан этэҥҥэ түөрт уол төттөрү эргиллэн дойдуларыгар ааспыт эрэ сылга үктэммиттэрэ. Аны күн бүгүн эмиэ түөрт уол ахсааннаах биир дойдулаахтарбыт этэҥҥэ сылдьан эргиллэллэрин туһугар бөһүөлэк дьоно-сэргэтэ санаарҕыы кэтэһэр. Оттон бүгүн болдьохтоох сынньалаҥҥа кэлбит уолаттары нэһилиэк олохтоох дьаһалтата хас биирдиилэрин Баатаҕай аэропордугар анаан-минээн чугас дьоннорун кытта бииргэ көрсө тахсан, киириигэ алгыстаах алаадьынан, кымыс утаҕынан күндүлээн, ону таһынан олохтоох уус талааннааҕа Николай Семенович Стручков буор босхо бэлэх быһыытынан оҥорон таһаарбыт алгыстаах харысхалын туттарбытынан, бөһүөлэк бары тутаах тэрилтэлэрэ кыттыылаах көрсүһүү тэрийэн бөһүөлэккэ киллэрдэ.

Көрсүһүү таһынан, кылгас кэм иһигэр Адыаччытааҕы култуура уонна спорт киинин салайааччыта Тоскина Маргарита Васильевна көҕүлээһининэн күн бүгүн сэрии уоттаах толоонугар сылдьар уолаттарга буулдьаттан эрэллээхтик быыһыыр «Щит» куйах ылан биэрэргэ диэн социальнай ситим көмөтүнэн бириэмэтигэр биллэриллибит ис хоһоонноох суругу өйөөн, өйдөөн нэһилиэк олохтоохторуттан уопсайа 120 000 (сүүс сүүрбэ тыһыынча) солкуобай уу харчынан хомулунна. Хомуллаатын кытта өр кэтэһиннэрбэккэ Адыаччыттан төрүттээх урбаанньыт Чирикова Жанна Семеновна үлдьү ылсан, куйахтары атыылаһан буойун уолаттарбытыгар бэлэмнээн сылдьар.

Үтүө санаа үлэтэ Адыаччы нэһилиэгэр итинэн эрэ түмүктэммэт. Салгыы биир нэдиэлэ эрэ иһигэр көхтөөх тэрилтэлэр – В.С. Чириков аатынан Адыаччы орто оскуолата, Адыаччытааҕы «Кэскил» оҕо уһуйаана уонна нэһилиэк эдэр ийэлэрин «Күбэйэ» түмсүүтэ аһымал аахсыйа чэрчитинэн бөһүөлэк маҕаһыыннарыгар атыыга чүмэчи биллэ аҕыйыар диэри атыылаһан, хомуйан, уулларан, тимир бааҥкаларга кутан ыһыырынньык оҥорон баһаам элбэх ахсааннаах блиндажнай чүмэчи бэлэмнээн туттардылар. Бу маннык киһи бэйэтэ оҥорон таһаарар анал чүмэчитэ күүстээх тыалга кыһаммат, сылааһы таһынан сырдыгы, аһылык да буһарыытыгар уонна 6-8 чаас устата уһуннук умайыан сөптөөх. Маннык наадалаах тэрил тиксибит киһитигэр хайаан да туһалаах буолара саарбаҕа суох, ол да иһин төһө кыалларынан элбэх оҥоһулла сатаата. Маны кытта өрөспүүбүлүкэҕэ номнуо үһүс төгүлүн ыытыллар «Илии сылааһа – 2024» диэн анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар анал байыаннай таҥас тигиитигэр күрэххэ нэһилиэк аҕам саастаах «Алгыс» түмсүүтэ кыттыыны ыла сылдьара иһилиннэ. Түмсүү биир нэдиэлэҕэ турбат кэм иһигэр «Эр хоһуун» таҥас комплегын хайыы үйэ тигэ охсон толору бэлэмнээтэ. Ол комплект иһигэр кыһыҥҥы сонтон саҕалаан өрүү бэргэһэҕэ, куллукуга, мөһөөччүккэ тиийэ киирэр. Түмсүүттэн биэс киһилээх хамаанда уран тарбахтаахтар — Евдокия Ильинична Слепцова, Анна Иннокентьевна Слепцова, Лена Афанасьевна Анисимова, Вера Семеновна Слепцова уонна Елена Петровна Потапова кыттыыны ыллылар. Түмсүү хамаандатын үлэтэ биһирэннэҕинэ күрэх муниципальнай түһүмэҕин ааһан салгыы өрөспүүбүлүкэ түһүмэҕэр кыттан бэйэтин холонон көрүөҕэ.

воМаннык аһыныгас, биир сомоҕо санааҕа сыаллаах-соруктаах, түмсүүлээх нэһилиэк олохтоохторо инники өттүгэр өссө да элбэҕи оҥороллоро, ситиһэллэрэ чахчы. Онон бука атын да нэһилиэктэр кытта ыытыллар анал аахсыйалартан, тэрээһиннэртэн туора турбакка көхтөөх кыттыыны ылыахтара, холобур оҥостуохтара диэн эрэнэ хаалабыт.

Константин Каженкин

Читайте дальше