Адыаччыга сүдү тэрээһин

Оройуоҥҥа ааспыт сылы түмүктүүр улахан тэрээһиннэри кэккэ нөҥүө күн Адыаччыга эмиэ ааспыт сылга бүттүүн дойдубутугар биллэриллибит Педагог уонна уһуйааччы сылын үөрүүлээх быһыыга-майгыга түмүктүүр дьоро киэһэтэ бар дьон иннигэр ыытылынна.

Бу улахан тэрээһиҥҥэ кыттыыны ыллылар нэһилиэк үөрэҕин бары тутаах кыһалара – В.С. Чириков аатынан Адыаччы орто оскуолата, Адыаччытааҕы «Кэскил» оҕо уһуйаана уонна Алыһардаахтааҕы оскуола-саада.

Сэргэх тэрээһин түгэннэрэ

Нэһилиэккэ саҥа үүммүт сыл бастакы улахан тэрээһинэ Адыаччы нэһилиэгин аҕа баһылыга Вячеслав Слепцов эҕэрдэ тылынан аһылынна. Бастатан туран, ааспыт сыл түмүгүнэн нэһилиэк бастыҥ педагогтара уонна уһуйааччылара ааттаннылар, наҕараадаланнылар. Ону кытта оройуон таһымыгар кэккэ улахан ситиһиилэрдээх биир дойдулаахтары, уһуйааччылары таһынан бастыҥ үөрэнээччилэр эмиэ болҕомтоҕо ылылыннылар. Ол курдук, тохсунньу ый саҥата өрөспүүбүлүкэ таһымыгар нэһилиэк, оройуон аатыттан «Инникигэ хардыы» научнай-практическай конференцияҕа Москуба, Санкт-Петербург куораттарга салгыы кыттар чиэскэ тиксибит Адыаччы орто оскуолатын үөрэнээччилэрин кытта салайааччыларга өйүүр сыаллаах-соруктаах нэһилиэк салалтата оройуон киинигэр тахсарга айан бырайыаһыгар көмөтүн биллэрэр туоһу суруктары туттарда.

Улахан түһүлгэҕэ оройуон үөрэҕин салалтата кытта кыттыыны ылбыта тэрээһин таһыма өссө үрдээн биэрдэ. Оройуон кииниттэн анаан-минээн кэлбит оройуон үөрэҕин салалтатын салайааччыта Юмшанов Иннокентий Сергеевич нэһилиэк үөрэҕин тэрилтэлэрин ситиһиилэрин сырдатта, эҕэрдэлээтэ. Ахтан ааһар эбит буоллахха, ааспыт 2023 сыл устата оройуон оҕо уһуйааннарын үлэтин-хамнаһын түмүгүнэн Адыаччытааҕы «Кэскил» оҕо уһуйаана бочуоттаах 2 миэстэ буолбута, сүүс тыһыынча солкуобайынан наҕараадаламмыта. Оттон В.С. Чириков аатынан Адыаччы орто оскуолата «Педагог уонна уһуйааччы» (салайааччылар –Оксана Столетовна Бочарова уонна Афанасий Николаевич Атласов) оройуоннааҕы үөрэх тэрилтэлэрин улахан күрэҕэр муҥур кыайыылааҕынан ааттаммыта. Маны таһынан, өрөспүүбүлүкэ уонна оройуон таһымнаах бочуоттаах суруктары, анал бэлиэлэри илэ бэйэтинэн кэлбит оройуон үөрэҕин салалтатыттан бу киэһэ туттарылынна.

Адыаччы нэһилиэгин биир саамай улахан үөрэҕин тэрилтэтэ – В.С. Чириков аатынан Адыаччы орто оскуолата күн бүгүн оҕолордуун алтыһар, үөрэтэр уонна такайар бары учууталларын, үлэһиттэрин сыанаҕа ааттарын ааттаан, ыҥыран туран тус эҕэрдэ суруктарын, сэмэй бэлэхтэрин туттарда. Оскуолаҕа оҕону үөрэтиигэ улахан кылааттарын уурбут педагогическай үлэ бэтэрээннэрэ – Мария Дмитриевна Гатилова, Вера Семеновна Слепцова бу киэһэ кытта чиэстэннилэр, наҕараадаланнылар.

Адыаччытааҕы «Кэскил» оҕо уһуйаана эмиэ хас биирдии күн бүгүн кырачааннары иитэр-үөрэтэр, көрөр-истэр иитээччилэрин, педагогтарын уонна бары үлэһиттэрин тус эҕэрдэ суруктарынан, күндү бэлэхтэринэн чиэстээтэ. Оҕону иитиигэ, үөрэтиигэ улахан сыраларын уурбут педагогическай үлэ бэтэрээннэрэ –Христина Егоровна Корнилова, Христина Афанасьевна Аммосова, Екатерина Дмитриевна Юмшанова, Прасковья Петровна Потапова, Галина Николаевна Егорова уонна Мария Афанасьевна Потапова уһуйаан аатыттан кытта эҕэрдэ суруктары, бэлэхтэри туттулар.

«Икки сулус»

Тэрээһин наҕараадалыыр чааһын кэннэ нэһилиэк үс тутаах үөрэҕин тэрилтэлэрэ кыттыылаах «Икки сулус: уһуйааччылар уонна оҕолор» күөн күрэһэ саҕаламмыта. Күрэс түһүлгэтин В.С. Чириков аатынан Адыаччы орто оскуолатын дириэктэрэ Людмила Васильевна Потапова уонна Адыаччытааҕы «Кэскил» оҕо уһуйаанын сэбиэдиссэйэ Константин Николаевич Каженкин эҕэрдэ дуэттара арыйда. Салгыы ырыа куттаах үөрэх салайааччылара дьүүллүүр сүбэ састаабыгар киирбиттэрэ.

Хас биирдии дуэт ураты, сонун нүөмэрдэри улахан сыанаҕа көрдөрдө, иһитиннэрдэ. Манна билиҥҥи аныгылыы уонна урукку сахалыы ырыалары таһынан нуучча тылынан ырыалар кытта ылланнылар. Ырыа толоруутун ааһан хас биирдии дуэт толоруу кэмигэр хореографиятыгар, таҥаһыгар-сабыгар тиийэ улахан болҕомтону уурбута билиннэ. Даҕатан эттэххэ, күрэх кыттааччыларын иһигэр уһуйааччы да үөрэнээччи өттүттэн аан бастакытын сыанаҕа тахсыбыт дьон эмиэ бааллар. Ол биллэр санааттан чаҕыйбакка, толлубакка сыанаҕа биир дойдулаахтар иннилэригэр тахсан ыллаан иһитиннэрбиттэрэ хайҕаллаах. Уопсайа кыттыыны ылла 15 уһуйааччы уонна үөрэнээччи. Ол курдук, дьүүллүүр сүбэ сыанабылын быһаарыытынан «Чуолкайдык толоруу иһин» анал ааты иҥэрдэ Алыһардаахтааҕы оскуола саадын салайааччытыгар Дария Романовна Рехлясоваҕ уонна Адыаччы орто оскуолатын үөрэнээччитигэр Акулина Акимоваҕа. «Дууһалыын толоруу иһин» анал аакка Адыаччы орто оскуолатын учуутала Айыына Николаевна Стручкова уонна үөрэнээччитэ Александр Юмшанов тигистилэр. «Арыллардыы толоруу иһин» анал ааты Адыаччы орто оскуолатын учуутала Стручкова Евдокия Петровна уонна үөрэнээччитэ Петр Акимов ааттаннылар. «Ураты көрүүлээх толоруу иһин» анал ааты Адыаччы орто оскуолатын учуутала Акимова Зоя Николаевна уонна үөрэнэээччитэ Инесса Чирикова ыллылар. «Уустук айымньыны хорсуннук толоруу иһин» анал аакка Адыаччы орто оскуолатын учуутала Елена Романовна Рубцова уонна үөрэнээччитэ Сандаара Васильева ыбыстылар. «Тула киэргэллээх толоруу иһин» анал аакка Адыаччы орто оскуолатын учуутала Линда Васильевна Атласова уонна үөрэнээччитэ Виолетта Слепцова киирдилэр. «Толоруу култууратын иһин» анал аакка Адыаччы орто оскуолатын учуутала Аким Акимович Акимов уонна үөрэнээччитэ Иванна Лебедева буоллулар. «Ураты көстүү иһин» анал аакка Адыаччы орто оскуолатын учуутала Оксана Столетовна Бочарова уонна үөрэнээччитэ Валерия Архипова тигистилэр. «Инникилээх толоруу иһин» анал аакка Адыаччы орто оскуолатын уйулҕаһыта Марияна Александровна Горохова уонна үөрэнээччитэ Глафира Юмшанова ааттаннылар. «Аһаҕас толору уонна артистизм иһин» анал ааты Снежана Тимофеевна Юмшанова уонна үөрэнээччитэ Айдын Ксенофонтов ыллылар. «Чаҕылхайдык уонна иэйиилээхтик толоруу иһин» анал аакка Адыаччытааҕы «Кэскил» оҕо уһуйаанын муусукаҕа салайааччыта Тамара Алексеевна Чирикова уонна үөрэнээччитэ Сайнаара Слепцова ыбыстылар. «Дириҥник киирэн толоруу иһин» анал аакка Адыаччытааҕы «Кэскил» оҕо уһуйаанын иитээччитэ Сахаяна Алексеевна Чирикова уонна үөрэнээччитэ Катя Новгородова киирдилэр. «Классическай уонна аныгылыы толоруу иһин» анал аакка Адыаччы орто оскуолатын учуутала Сардаана Ивановна Ширяева уонна үөрэнээччитэ Ольга Червинская буоллулар. «Сыанаҕа чаҕылхай уобарас иһин» анал аакка Адыаччытааҕы «Кэскил» оҕо уһуйаанын иитээччитэ Декабрина Юрьевна Андреева уонна үөрэнээччитэ Туйаара Анисимова ааттаннылар. Оттон ырыа түһүлгэтин муҥур кыайыылаах аатын ситистилэр – Адыаччы орто оскуолатын учуутала Максим Иванович Стручков уонна үөрэнээччитэ Арсентий Юмшанов.

Бары дуэттар сыаналаах бириистэринэн уонна кыттыыларын туоһулуур суруктарынан биһирэннилэр. Иккис бастыҥ дуэкка – муҥур кыайыылаахтарга Стручков Максим Иванович уонна Арсентий Юмшановка, ону кытта Андреева Декабрина Юрьевнаҕа уонна Туйаара Анисимоваҕа оройуон үөрэҕин салалтатын анал бириистэрэ туттарылынна.

Субу маннык киэҥ хабааннаах, киэҥ ис хоһоонноох уонна сонун күрэхтээх тэрээһин түмүктэннэ. Билиҥҥи былаанынан үрдүк таһымнаах күрэҕи кэнсиэр быһыытынан бары дуэт кыттыылаах тохсунньу ый 27 күнүгэр Баатаҕай бөһүөлэгэр ыытыллара күүтүллэр.

Константин Каженкин

Читайте дальше