Адыаччыга Саха тылын күннэрин бэлиэтиир тэрээһиннэр

Саханы саха дэтэр төрөөбүт төрүт тыл, сурук-бичик күнүгэр анаан сылтан сыл элбэх үлэ ыытыллар буолан эрэр. Биллэн турар, ыытыллар үлэ көннөрү үөрэтииттэн-такайыыттан эрэ муҥурдамматаҕына чуолаан болҕомтону, сэҥээриини тардар эбит буоллаҕына дьэ ол ааттаах үлэ буолара чахчы. Маннык үлэлэргэ оҕону кыра сааһыттан угуйдахха, бэйэтин кыаҕын, өйүн-санаатын иһитиннэрэригэр, көрдөрөрүгэр, сөпкө тайанарыгар үөрэх тэрилтэлэрэ уонна төрөппүт улахан оруоллаахтар. Онон элбэх ахсааннаах кэнэҕэски саха тыллаах ыччаты иитэн-үөрэтэн таһаарарбыт хас биирдиибититтэн тутулуктаах, хас биирдиибит эппиэтинэһэ.

Ол холобурга тирэҕирэн Адыаччытааҕы «Кэскил» оҕо уһуйаана номнуо иккис төгүлүн нэһилиэк олохтоох библиотекатын кытта бииргэ үлэлэһэн сонун тэрээһиннэри ыытар. Ааспыт сылга «Сэһэн Куолу» диэн араатар күрэҕэ ыытыллыбыт эбит буоллаҕына, быйыл Адыаччы нэһилиэгин 100 сыллаах үбүлүөйүгэр анаан олохтоох ааптардар хоһоонноруттан ааҕан толоруулаах «Хоһоон хонуута» диэн күрэҕи тэрийдэ. Хас биирдии иитиллээччи уонна уһуйаан үлэһиттэрэ сахалыы таҥастаах, сахалыы тыллаах-өстөөх көрүстүлэр. Ыраас сахалыы саҥаны көҕүлүүр, төрөөбүт тылынан холкутук саҥарарга уһуйар уонна олохтоох ааптардар хоһооннорун билиһиннэрэр, үөрэтэр сыаллаах-соруктаах күрэххэ уопсайа 22 иитиллээччи бэйэлэрин холонон көрдүлэр.

Кырачааннар күрэххэ аҥаардас Адыаччы сириттэн төрүттээх ааптардар хоһооннорун чаҕылхайдык уонна уобарастаахтык ааҕан иһитиннэрдилэр. Ол курдук, дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан кыра бөлөхтөргө иитээччи Наталья Акимова «Куукула» диэн хоһоонун аахпыт 3 миэстэҕэ – Кира Кириллина, Раиса Чирикова «Күннэй Куо» хоһоонун иһитиннэрбит Тапталлаана Слепцова уонна төрөппүт ийэтин, учуутал Айыына Стручкова «Адыаччы» хоһоонун билиһиннэрбит Тимофей Миронов буоллулар. Үөһэ 2 миэстэлээх үрдэлгэ иитээччи Галина Егорова «Куукулабын таптыыбын» хоһоонун эппит – Света Гаврильева уонна эйэҕэс эбээтин, хоһоонньут Дьааҥы Кыыһа Сыралы Дьэбдьиэй сиэнэ «Сиэнчээннэрим миэннэрэ» хоһоонун толорбут София Слепцова. Онтон 1 миэстэҕэ муҥур кыайыылааҕынан ааттанна төрөппүт ийэтин, учуутал Аина Чирикова «Мин эйэни түстүүбүн» хоһоонун толорууга дьоһуннаахтык үктэммит Артемий Чириков. Улахан бөлөхтөргө 3 миэстэни уһуйаан сэбиэдиссэйэ, суруйааччы Константин Каженкин «Мин ийэм» хоһоонун уһугуннарбыт Сайаара Чирикова, Дьааҥы Кыыһа Сыралы Дьэбдьиэй Сиэнэ «Дьааҥым сирэ уруйдан!», «Саха саханан саха буолар!» хоһооннорун эппит Саяна Захарова уонна Чаҕыл Юмшанов буоллулар. Салгыы 2 миэстэни Раиса Чирикова «Уутун кутан ааста» хоһоонун толорбут Адриана Чирикова уонна Дьааҥы Кыыһа Сыралы Дьэбдьиэй Сиэнэ «Иитээччи диэн иитээччи» хоһоонун эппит Милена Попова ыллылар. Оттон бастыҥ хоһоон этээччинэн, кыайыылааҕынан иитээччи Наталья Юмшанова «Чооруос» хоһоонун аахпыт Вилена Слепцова таҕыста. Түмүккэ хас биирдии кыттааччыга уонна кыайыылаахха эҕэрдэ сурук уонна сэмэй бэлэхтэр туттарылыннылар.

Бу күрэҕи кытта утуу-субуу уопсай нэһилиэккэ Адыаччытааҕы Култуура уонна спорт киинэ куйаар ситимин өҥөтүнэн кэтэхтэн «Адыаччыбын хоһуйабын» диэн оскуола оҕолоругар уонна улахан дьоҥҥо хоһоон күрэҕин ыыппыта. Аата этэрин курдук, бу күрэххэ Адыаччы сирин-уотун туһунан хоһуллар саҥа хомоҕой хоһооннорго айар күрэх буолар. Ол курдук, уопсайа өрөспүүбүлүкэ иһинэн 13 үлэ киирбитин күрэх дьүүллүүр сүбэтэ Адыаччы айар куттаахтара — СӨ Суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, «Айыы Кыһата» национальнай гимназияҕа саха тылын, литературатын учуутала Рустам Каженкин, СӨ Култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, суруналыыс, Дьааҥы оройуонун уонна Адыаччы нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, «Дьааҥы аартыга» хаһыат корреспондена Раиса Чирикова, СӨ олохтоох салайыныыны өйөөһүн иһин бэлиэлээх, Россия суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, Дьааҥы оройуонун уонна Адыаччы нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, кыраайы үөрэтээччи Дмитрий Акимов уонна СӨ үөрэҕириитин туйгуна, суруйааччы, ырыаһыт, мелодист, Адыаччытааҕы «Кэскил» оҕо уһуйаанын сэбиэдиссэйэ Константин Каженкин ырытан, сыаналаан наардаатылар, бастыҥнары быһаардылар. Маҥнайгы оҕолор бөлөхтөрүгэр 3 миэстэҕэ – Адыаччы орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ Виолетта Слепцова, 2 миэстэҕэ – Адыаччы орто оскуолатын 6 кылааһын үөрэнээччитэ Эсмеральда Рубцова уонна 1 миэстэҕэ – Уус-Алдан оройуонун Кэптэни орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ Алеша Чириков тигистилэр. Иккис улахан дьон бөлөҕөр 3 миэстэни – «Адыаччым» хоһоонун иһин Адыаччыттан Мария Потапова, 2 миэстэни – «Бу мин дойдум, Адыаччым» хоһоонун иһин Адыаччыттан Галина Егорова, 1 миэстэни – «Бөтөҥкөс күөлэ» хоһоонун иһин Дьааҥы куоратыттан Дьэбдьиэй Сиэнэ ситистилэр. Күрэх кыайыылаахтара уонна кыттааччылара туоһу суруктарынан биһирэннилэр, ону тэҥэ бу биһирэммит айымньылар Адыаччы нэһилиэгин 100 сылыгар ананан тахсыахтаах кинигэҕэ киирэр чиэскэ тигистилэр.

В.С. Чириков аатынан Адыаччы орто оскуолата бу кэккэ тэрээһиннэртэн хаалсыбакка номнуо үһүс төгүлүн өрөспүүбүлүкэтээҕи «Кэскиллээх тылбаасчыт-2024» кэтэхтэн күрэҕин ыытта. Тэрээһин эмиэ быйылгы Адыаччы нэһилиэгин 100 сыллаах үбүлүөйүгэр уонна оройуоҥҥа онобул сылыгар ананар. Нэһилиэк үбүлүөйүн чэрчитинэн күрэххэ 5-8 кылаас үөрэнээччилэригэр учууталлар, уһуйааччылар Айыына Стручкова «Адыаччы», Александр Ксенофонтов «Адыаччыга» хоһооннорун тылбаастыырга сорудахтаннылар. Оттон 9-11 кылаас үөрэнээччилэрэ Моисей Ефимов «Адыаччы», Раиса Чирикова «Адыаччаана», Варвара Эверстова «Үчүгэйкээн Адыаччы», Рустам Каженкин «Адыаччым» айымньыларын тылбаастыырга холоннулар. Түмүккэ уопсайа өрөспүүбүлүкэ иһинэн тоҕус оройуонтан 78 үлэ киирдэ. Ол курдук Варвара Эверстова уонна Рустам Каженкин айымньыларын тылбаастарыгар 3 миэстэҕэ Амма оройуонун Бөтүҥ орто оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччитэ Надежда Петрова уонна Дьааҥы оройуонун Боруулаах орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэ Карина Эверстова буоллулар, 2 миэстэҕэ Дьааҥы оройуонун Боруулаах орто оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччитэ Снежана Стручкова уонна Дьааҥы оройуонун Адыаччы орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэ Айыллаана Слепцова тигистилэр. Онтон 1 миэстэни Өймөкөөн оройуонун Т.И. Скрыбыкина аатынан Сордонноох орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ Дамир Готовцев ситистэ. Оттон Раиса Чирикова уонна Моисей Ефимов айымньыларын тылбааһыгар бастыҥнарынан Амма оройуонун М.Н. Сибиряков аатынан Сэргэ-Бэс орто оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччитэ Илмира Платонова уонна Дьааҥы оройуонун Суордаах орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэ Гаврил Захаров ааттаннылар. Элбэх үлэ киирбит Айыына Стручкова айымньытын тылбааһыгар 3 миэстэ Кэбээйи оройуонун Е.Е. Эверстова аатыттан Кэбээйи орто оскуолатын 6 «Б» кылааһын үөрэнээччитэ Мелисса Эверстова, Дьааҥы оройуонун Адыаччы орто оскуолатын 5 кылааһын үөрэнээччилэрэ Вика Юмшанова уонна Эрчим Стручков, Аллайыаха оройуонун Бөрөлөөх орто оскуолатын 5 кылааһын үөрэнээччитэ Юлия Уваровская буоллулар, 2 миэстэҕэ – Амма оройуонун Н.Е. Иванов аатынан Бөтүҥ орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ Айсена Борисова, Булуҥ оройуонун Бороҕон орто оскуолатын 5 кылааһын үөрэнээччитэ Пик Соловьев уонна Өймөкөөн оройуонун Т.И. Скрыбыкина Сордоҥноох орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ Андриана Аммосова таҕыстылар. Онтон бастыҥ үлэнэн, тылбааһынан Булуҥ оройуонун Бороҕон орто оскуолатын 6 кылааһын үөрэнээччитэ Анатолий Старостин ааттанна. Баһаам үлэ киирбит Александр Ксенофонтов айымньытын тылбааһыгар 3 миэстэни – Дьааҥы оройуонун Адыаччы орто оскуолатын 5 кылааһын үөрэнээччитэ Ярик Рубцов, Булуҥ оройуонун Бороҕон орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ Никита Соловьев, Кэбээйи оройуонун Е.Е. Эверстова аатынан Кэбээйи орто оскуолатын 6 «Б» кылааһын үөрэнээччитэ Павлира Кычкина уонна Бүлүү оройуонун Д.А. Гуляев аатынан Кыргыдай орто оскуолатын 6 кылааһын үөрэнээччитэ Нарыйаана Соловьева ситистилэр. Кэлэр 2 миэстэҕэ – Дьааҥы оройуонун Адыаччы орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ Эрчим Стручков уонна Виолетта Слепцова тигистилэр. Онтон тылбаастарга ааттаах үлэнэн Дьааҥы оройуонун И.И. Котельников аатынан Дулҕалаах орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ Вячеслав Сыромятников маҥнайгы миэстэҕэ таҕыста.

Бука бары тэрээһиннэр төрөөбүт тылга, сурукка-бичиккэ уонна киһи таптала хаһан баҕарар төрөөбүт дойдуттан саҕаланар дииллэринии Адыаччы нэһилиэгин 100 сыллаах үбүлүөйүгэр ананна. Төрөөбүт тылы өрө туппут, киэн туттар баһаам кэнчээри ыччаттар уонна ааттаах уһуйааччылар, суруйааччылар өрүү элбии турдуннар, холобур буоллуннар!

Константин Каженкин

Читайте дальше