Спорт – чөл олох инники кэскилэ, кыната суох үөһэ үрдүккэ көтүү өрөгөйө. Саха норуота спорду былыр-былыргыттан өрө тутан бэйэтин ааттатан, араас омуктан итэҕэһэ суох үрдүк чыпчаалы дабайан кэлиэн кэллэҕэ. Оттон Дьааҥы дьоно эмиэ биир оннук санаанан салайтаран, тымныыттан да чысхаантан чаҕыйбакка, бириэмэтигэр баар буолан бэйэтин быһыйын, күүһүн-уоҕун чаҕылхайдык көрдөрөр, иһитиннэрэр. Ол курдук, Сахабыт сиригэр – Оҕо сылын, оройуоҥҥа – патриотическай иитии ыйын чэрчитинэн олунньу 10 күнүгэр Адыаччытааҕы Култуура уонна спорт киинин күөх көбүөрүгэр оскуола саастаах уолаттар икки ардыларыгар хапсаҕай күрэҕэ буолан ааста.
Бу күн тоҕуоруспут Адыаччы нэһилиэгин кэскиллээх, күүстээх санаалаах уолаттара бэйэ-бэйэлэрин күөн көрсөн улахан түһүлгэҕэ бар дьонун иннигэр кыайыы иһин турууласта, кииристэ. Биир үксүн сотору-сотору маннык тэрээһин буолбатыттан, иккиһинэн спорт тыҥааһыннаах киирсиитэ хайаан да саҥа сонун ааттары таһаарарыттан бу күн элбэх дьон-сэргэ, ол иһигэр төрөппүттэри кытта эбээлэр уонна эһээлэр анаан-минээн сэргии, ыалдьа кэллэхтэрэ.
Нэһилиэк спордун киинигэр инструктор быһыытынан саҥа үлэлээн эрэр Айсен Александрович Ксенофонтов кылгас кэм иһигэр оҕолору бэркэ бэлэмнээбитин бэлиэтээтилэр. Спорт эйгэтигэр ыраатта үлэлэһэ сылдьар, күн бүгүн оскуола үөрэнээччилэригэр уһуйааччы ааттарын сүгэр Саргыяна Егоровна Стручкова уонна Аким Акимович Акимов күрэхтэһиигэ сүрүн тэрийсээччинэн сырыттылар.
Хайа баҕарар күрэххэ буоларын курдук кыайыылаах уонна кыттааччы куруук бааллар. Норуокка этэллэринии – сүрүнэ кыайыыга буолбатах, сүрүнэ кыттыыга буолар. Инник этиигэ сиэттэрэн, алын сүһүөх кылааһыттан саҕалаан үрдүкү кылаастарга тиийэ уопсайа 23 үөрэнээччи кыттыыны ылла. Араас ыйааһыннарга биэс бөлөххө арахсан кыайыылаахтар ааттара ааттаннылар. Бастатан туран 23-35 киилэҕэ диэри кыра бөлөххө 3 миэстэни – Ким Горохов (2 кылаас), 2 миэстэни – Айаал Неустроев (2 кылаас) уонна 1 миэстэни – Вася Юмшанов (2 кылаас) ситистилэр. Кэлэр 35-40 киилэҕэ диэри ыйааһыннаахтар орто бөлөхтөрүгэр 3 миэстэҕэ – Ярик Рубцов (5 кылаас), 2 миэстэҕэ – Никита Слепцов (5 кылаас) уонна 1 миэстэҕэ – Эрсан Потапов (5 кылаас) тигистилэр. Онтон 45-55 киилэҕэ диэри ыйааһыннаахтар орто бөлөхтөрүгэр 3 миэстэҕэ – Сарыал Юмшанов (5 кылаас), 2 миэстэҕэ – Арсений Чириков (4 кылаас) уонна 1 миэстэҕэ – Саша Юмшанов (6 кылаас) ааттаннылар. Салгыы 60 киилэттэн үөһэ ыйааһыннаахтар орто бөлөхтөрүгэр 2 миэстэни – Айдын Ксенофонтов (6 кылаас) уонна 1 миэстэни – Тимур Потапов (5 кылаас) сүктүлэр. Түмүктүүр эмиэ 60 киилэттэн үөһэ ыйааһыннаахтар улахан бөлөхтөрүгэр 3 миэстэ – Виталий Васильев (9 кылаас), 2 миэстэ – Клим Слепцов (10 кылаас) уонна 1 миэстэ – Арсентий Юмшанов (9 кылаас) буоллулар. Кыра бөлөхтөр истэригэр кылаан кыайыылааҕынан 4 кылаас үөрэнээччитэ Арсений Чириков ааттанна.
Бары саҥа ситиһии суолугар үктэммит эрчимнээх Адыаччы уолаттара эҕэрдэ суругунан, мэтээлинэн уонна харчынан наҕараадаланнылар. Миэстэҕэ хапсыбатах кыттааччылар бары «Кыайыыга дьулуур» анал аатынан уонна эмиэ харчынан биһирэннилэр.
Кэскиллээх хапсаҕай түһүлгэтин тэрийээччилэрэ уонна кыттааччылара барҕа махталларын тиэрдэллэр харчынан бириис туруорбут биир дойдулаахтарыгар. Ол курдук, нэһилиэккэ хас биирдии ыытыллар тэрээһиҥҥэ болҕомтотун уурар, оттон бу тэрээһиҥҥэ харчынан эрэ көмө буолбакка, мэтээллэри кытта эҕэрдэ суруктары анаабыт Адыаччы нэһилиэгин аҕа баһылыгар Вячеслав Вячеславович Слепцовка, ону таһынан туһунан махтал биллэриллэр — нэһилиэккэ да оройуоҥҥа биллэр ситиһиилээх урбаанньыт Сергей Васильевич Аммосовка, спорт улахан түһүлгэлэригэр бэйэтин элбэхтэ ааттаппыт, биир дойдулаахпыт Христофор Семенович Потаповка, спорт эйгэтигэр кэккэ ситиһиилэрдээх, инникилээх Афанасий Александрович Слепцовка, спорт бэтэрээнэ Прокопий Прокопьевич Петровка уонна В.С. Чириков аатынан Адыаччы орто оскуолатын дириэктэрэ Людмила Васильевна Потаповаҕа.
Бу кэннэ оройуоҥҥа ылыллыбыт тэрээһиннэр былааннарынан инникилээх спортсменнарбыт оройуон таһымыгар атын нэһилиэктэри кытта күөн көрсүөхтэрэ, бэйэлэрин холонон көрүөхтэрэ. Онтон бүгүн күөн көрсөргө Адыаччы үөрэнээччилэрэ чахчы даҕаны бэлэмнэр!
Константин Каженкин