46 сыл диэн эттэххэ дөбөҥ…

Верхоянскай  куорат  орто оскуолатыгар  биир  кэмҥэ  түбэһэн, кэккэлэһэ кылааска үөрэммит, дьүөгэбит Слепцова  Наташабыт, Адыаччыттан  төрүттээх, учуутал төрөппүттэрдээх, Якутскай госуниверситетын  бүтэрэн, биһи Табалаахпытыгар бырааһынан ананан, 1977  сыллаахха  кэлэн биһигини соһуппута да үөрдүбүтэ да, уонна  киэн тутуннарбыта  даҕаны…

Оччолорго  биһи  олохпут саҥа  саҕаланан, эдэр  ыаллар,  саҥардыы  оҕоломмут кэммит этэ. Мин  икки  бастакы  кыргыттарбын  оҕолонон, оҕолорбун  көрөн  үлэттэн тохтоон  дьиэҕэ олорор кэмим этэ.  Оо, ол ыраах  кэмтэн  номнуо  46  сыл хаара, самыыра  үллүктээн  ааспыт  эбит!  Үөрэх  диэн  салгыы үөрэммэтэх, ыраах  тэлэһийбэтэх,  хотонтон  тахсыбатах  киһиэхэ  миэхэҕэ, үрдүк  үөрэҕи  бүтэрэн  кэлбит  дьүөгэм, оҕолорбун  көрөөрү , прививка  биэрээри,  күлэн мичилийбитинэн  «Көлүйэтээҕи» дьэбитигэр  кыһын  тымныы, сайын  самыыр,  күһүн  хараҥа  диэбэккэ  киирэн  кэлэрэ  күндү  да  буолара.

Оччолорго  оҕолорго  диатез  диэн  ыарыы наһаа  баара,  оҕо  эрэйдэнэр, ытыыр, хаппырыыстанар да ыарыыта  этэ. Тоҕо  эбитэ  буолла  мин  утуу-субуу  оҕоломмут  оҕолорум  үксүлэрэ наар  диатезтаах  буолан  эрэйдэнэллэрэ, миигин  да эрэйдииллэрэ… Онно дьэ Наталья хайдах аһатарбын, купайдыырбын, эмтиирбин  сүбэлиир да  буолара. Бирээмэ  бэйэтэ  хайдах  уунан,  төһө тугу  кутан  сууннарыахтаахпын  барытын  сүбэлээн, оҥорон  биэрэн,  олус  бэргээбит  кэмнэригэр  кытта  сууннарсан  көмөлөһөр  да  буолааччы.  Кэлин  биэс  оҕолонон  баран  бөһүөлэккэ  көһөн  кэлэн  Натальялаах  Темерланы  кытта  кэккэлэһэ,  соседтаһан, уопсай  дьиэҕэ  иллээхтик  да  олорбуппут.

Оо, оччолорго  мин  Гришам, уолчааным  аллергическай  астманан,  наһаа  улахан  диатезтанан  вызовтамматах  күммүт  тарбахха  баттанар  буолара.  Түүн-күнүс  диэбэккэ  киирэн  укуолланан, эмтээн  да  көрөр  этэ,  сотору-сотору  олохтоох балыыһанан, Эһэ-Хайа  балыыһатынан  сытан, баран эмтэтэр  этим.

Наталья   Михайловна  кэргэнэ  Темерлан  Хизирович  оҕобор  анаан куруппааскы  өлөрөн, бултаан  аҕалара, ону  оҕобор  буһаран,  мииннээн  иһэрдэр  этибит. Оччоттон  баччаҕа  диэри  хардыы да  уларыйбакка, барбакка, бэйэтэ, мичилийбитэ, эйэҕэс  майгыта,  үтүө  санаата  уларыйбакка, эрчимнээх  сырыыта намыраабакка, бу  биһиги   талыы-талба Табалаахпытын, таптаан, иккис  дойду  оҥостон олорон, төһөлөөх  элбэх киһиэхэ  доруобуйатыгар,  олоҕор  көмөлөһөн, эмтээн, төһөлөөх  элбэх  оҕо  күн сирин  көрөрүгэр  көмө-тирэх  буолан, төһөлөөх элбэх  кырдьаҕастары  элэккэй майгытынан, сылаас  сымнаҕас  илиитинэн  укуоллаталаан, кыһалҕаларын  кыччатан,  олоххо  тардыһар  санааларын  көтөҕөн, сүрэхтэрэин  үөрдэн ааспытын  киһи ааҕан  сиппэт.  Ыалдьар  олорор  оҕолоох,  сиэннээх  киһиэхэ  кини  киирэн  кэллэҕинэ оҕобут  аматыйан, кыраадыһа түһэн , күлэн,  «ладушкалаан»  барар  түгэнэ  элбэх  буолааччы…  Тулабыт сырдыы, истиҥ-иһирэх  тылыттан, оҕом  бэттэх  буолуоҕар  эрэнэн,  эгди  буола  түһээччибин.  Мин аҕыс  оҕобун  барыларын  кини  үлэлиир кэмигэр  оҕолонон, көрдөрөн, эмтэтэн  олорон  аастаҕым, аны  билигин  оҕолорум  оҕолорун,  сиэннэрбин  кинини  вызовтаан  көрдөрөбүн, эмтэтэбин. Бэйэбин да  көрдөрөн, сүбэлэтэрим, эмтэтэрим, эмп-том аҕалтарарым  элбэх.

46 сыл  диэн  эттэххэ  дөбөҥ, 46 сыл  хаарын , өксүөнүн,ардаҕын-самыырын, уутун-бадараанын,  олох араас  үөрүүлээх  да  ыарахан  да  түгэннэрин  дьарамай  саннынан  сүгэн, үлэлээн  кэллэҕэ.  Ол  сыллар  устата  нэһилиэнньэҕэ  ыытыллар  үлэлэргэ, үлэлиир  балыыһатын  тымныытын,  сылааһын, үлэлиир  коллективын  бары  дьыалатын-куолутун быһаарсан, туруорсан, тулуйан, кыттыһан  олоҕун  барытын  анаатаҕа, эдэр сааһын  аһардаҕа. Күндү  дьүөгэбэр, бырааспар  Наталья  Михайловнаҕа кэлэр  өттүгэр  барыта  этэҥҥэ буоларыгар, доруобуйаны, оҕолоргор, сиэннэргэр бары  баар  дьолу, ситиһиини, үөрүүнү, барытыгар уһун  олоҕу,  ыраас  эйэлээх  күөх  халлааны, өссө  да  элиэрдик  сылдьан  этэҥҥэ  үлэлииргэ  баҕарабын!

Эҕэрдэ  эйиэхэ , дьүөгэбит

Эйэҕэстэй  мичээрдээх,

Элэккэй дууһалаах,

Эмчиппит, дьүөгэбит

Эн , Натааһа, буолаҕын.

 

Үрүҥ  халаат  кэтэҥҥин

Олороргун  көрөммүт

Дууһабыт  үөрэр, тиллэр,

Дьолго, кэрэҕэ  тардыһар.

 

Сүгүрүйэбит  билиигэр,

Сымнаҕас, сылаас  илиигэр,

Кичэллээхтик  эмтииргэр,

Чугас  киһи  буоларгар.

 

Кырдьаҕастар эйигин

Дьиктилээхтик  таптыыллар,

Киирэргин  кэтэһэллэр,

Өрүү  суохтуу  тоһуйаллар.

Дьүөгэбитигэр

Ыраах Дьааҥы  куоракка

Бииргэ  үөрэммит  дьүөгэбит

Быраас  үөрэҕин   бһтэрэн

Ананан  кэлтэ  биһиэхэ.

 

Оччолорго Наташабыт

Олус  даҕаны  эдэркээнэ –

Тырыбынас  мичээрдээҕэ,

Сэгэлдьигэс  быһыылааҕа.

 

Кини  кэлэрин  саҕана

Биһиги  оҕолорбут  кыралара,

Тумуу, диатез  дэлэйэ,

Ыҥырарабыт  элбэҕэ.

 

Кини  киирэн  кэллэҕинэ

Дьиэбит  кытта  сырдыыра,

Кыраадыстаах  кырачааммыт

Сэргэхсийэ  түһэрэ.

 

Оччолорго  соһуччу

Быһылааннар  элбэхтэрэ –

Барытыгар  бастакынан

Быраас  —  кини  —  тиийэрэ.

 

Сынньанары  билбэккэ,

Түүнү-күнү  аахсыбакка

Ыраах Тааланан, Сайылыгынан

Кыһыннары сатыы  хааман.

 

Наташабыт  Табалааҕы

Иккис дойду  оҥостон

Дьолун  манна  көрсүбүтэ,

Оҕолорун  төрөппүтэ.

 

Оҕолоро  улаатаннар

Олоххо  оннуларын  буллулар,

Ийэ , аҕа  буоланнар

 

Сиэннэринэн симээтилэр.

Наташабыт – доҕорбут –

Билигин да  быраастыыр,

Сиэннэрбитин эмтэтэлиир.

Биһигини  бүөбэйдиир.

 

Айылҕаттан  аналланан

Эмчит  буолбут  дьүөгэбэр,

Үрүҥ халааттаах  аанньалга

Махтал  хоһоон  анаатым.

 

Өрүү  даҕаны  үлэлээ

Ыалдьыбакка элиэрдик ,

Тэбис-тэҥҥэ  кырдьыахха,

Олохпут  суолун  уһатыахха.

Марина  Ивановна   Горохова, 8  оҕо  ийэтэ, 13  сиэн  эбээтэ,  үлэ  бэтэрээнэ

Читайте дальше